Таҥха кэмин кистэлэҥнэрэ

Ааптар: 
08.01.2017
Бөлөххө киир:

Таҥара дьиэтэ утарар, наука билиммэт. Киһи тоҕо таҥханы интэриэһиргиир? Инники олоҕун сэгэтэн көрөөрү, биллэн турар, үчүгэйи эрэ истээри. Сорохпут бүлүүһэ сүүрдүбүт, сорохпут биһилэх көрбүт, сиэркилэ  иннигэр олорбут, үгүспүт кумааҕыны уматан  күлүгүн кыҥастаспыт буолуохтаах. Биһилэххэ, сиэркилэҕэ илэ-бодо дьону көрбүт түгэннэрэ, эр-ойох тахсыахтаах дьоннорун ааттарын бүлүүһэ ырылыччы суруйан таһаарбыт түгэнэ элбэх. Ол быыһыгар амырыын быһылааннар тахсыбыт түгэннэрэ кытта бааллар. Онон хайдах да бу шарлатанство, харах бааллыыта диэн этэр кыах суох курдук. Ол да иһин үйэлэр түгэхтэриттэн христианскай таҥара дьиэтин бобуутун, сэбиэскэй былаас кэмнэрин туораан кэллэҕэ.

Бу хантан кэлэрий? Аан дойду үрдүнэн ити дьикти таабырыны таайа сатаан төбөлөрүн сынньыбыттара ыраатта. Таҥараһыттар сатана, куһаҕан тыын алыба-чарайа диэн адьас абааһы көрөллөр. Официальнай наука эргимтэтэ эмиэ билиммэт. Албын науканан дьарыктаналлар диэн ааттыыллар. Аан дойду үрдүнэн бу көстүүнү таайа, чинчийэ сатааччы элбэх. Холобур, остуол сүүрдүүтүн мин саха таҥхатын сорҕото дии саныыр этим. Онтум баара “столоверчение” диэн аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт көрүҥ эбит. Биир оннук спиритическэй сеанска сылдьыбыт суруйааччы Альфред Хейдок суруйуута баар. Дьон остуолу тула олорон, тарбахтарын ууран олорон ыйыталлар. Остуоллара ол ыйытыыларга “ээх”, “суох” диэн хастыыта эрэ атаҕынан тоҥсуйан биллэрэр эбит. Өссө биирдэ кырдьык-хордьук үҥкүүлээн ылбыт.

Альфред Хейдок остуолу туох күүс сүүрдэрин маннык быһаарар:

“Бу көстүү төрдүгэр киһи өйүн-санаатын күүрүүтэ түмүллэр – ону кини бэйэтэ да билбэт буолуон сөп. Дьон өйө бииргэ түмүллүүтүн түмүгэр, бу мас остуол бэйэтэ өйдөөх-санаалаах харамайга кубулуйда, ол харамайы биһиги көрөр кыахпыт суох эрээри, илэ баарын итэҕэйдибит. Остуол үрдүгэр уурбут илиилэрбит бу харамайга тыыны дуу, психическэй энергияны дуу, чэ туох да диэн ааттааҥ, уктулар… Уонна ол харамай, оккультистар кинини искусственнай элементаль диэх этилэр, кинини айбыт дьон баҕа санааларын толордо, улахан аҥардара тугу истиэхтэрин баҕарбыттарын эттэ”.

Онно холоотоххо үс атахтаах саха сандалыта сүрдээхтик-кэптээхтик сүүрэрин туһунан дьулаан сэһэннэр ордон хаалбыттар. Ол да иһин буоллаҕа, кэлин ким да итинэн дьарыктанар сураҕа иһиллибэт. Оттон бүлүүһэни сүүрдүүнү, биһилэх, умайбыт кумааҕы күлүгүн көрүүнү эдэр дьон үгүспүт боруобалаабыт буолуохтаахпыт.

Ааҕааччыбыт (адьас кырдьыгы кэпсиирин итэҕэйэбин) Мария кэпсээнин билиһиннэрэбит:

Биһиги оскуоланы бүтэрээт да, тыа сиригэр фермаҕа тахсан үлэлээбиппит. Баара-суоҕа 17 саастаахпыт, үһүө буолан уопсай дьиэҕэ олоробут. Таҥха кэмэ үүммүтүгэр олохтоох дьүөгэ кыыспыт Катя биһилэхтэ көрүөҕүҥ диэн тыл көтөхпүтүн, эдэрбитигэр тэптэрэн сөбүлэстибит… Маҥан улахан кумааҕыга кырыылаах ыстакааны уурдубут, муус уутун куттубут, кыһыл көмүс биһилэҕи уктубут. Кыыспыт чүмэчитин уматан, Былатыан Ойуунускайы ыҥырда. Эдэр дьон буоллахпыт, быйылгы сылга туох биһигини күүтэрин ыйытабыт. Онно чуолкай баҕайытык Катяҕа күрдьэх тутан турар киһи көһүннэ. Миэхэ остуолга суруксуттуу олорор киһи күлүгэ, биир кыыспытыгар кинигэ аһыллан сытара, төрдүс кыыспытыгар баян кнопкалара көһүннүлэр. Оруобуна оннук буолбута. Катябыт ити саас кэргэн тахсан, нэһилиэгэр хаалан хаалла (үөрэххэ кэлин киирбитэ). Мин уонна “кинигэлээх” кыыс университекка, “баяннаах” кыыс культурнай-сырдатар училищеҕа киирбиппит. Кэлин улаатан түспэтийэн баран, сэрэбиэйинэн дьарыктаммаппын”.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0