Таҥха алгыстаах, алыптаах киэһээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Таҥха таайтарыылаах киэһээлэрэ саҕаланнылар. Ол чэрчитинэн, Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Таҥха алгыстаах, алыптаах киэһээтэ» диэн дьон-сэргэ сыл ахсын күүтэр үгэс буолбут тэрээһинэ ыытылынна. Бу туһунан биһиги редакциябытыгар СӨ култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин сүрүннүүр исписэлииһэ Елена Протодьяконова уонна бу киин фольклорга исписэлииһэ Зоя Сысолятина иһитиннэрдилэр.


Эргэ Саҥа дьыл кэнниттэн тута таҥха саҕаланар.  Бу уратылаах кэмҥэ туох билгэлэммитэ туолар диэн итэҕэл саха дьонун-сэргэтин өйүгэр-санаатыгар былыр-былыргыттан күүскэ иҥпит. Элбэх киһи итини ылынар, итэҕэйэр буолан, таҥханы улаханнык долгуйан күүтэллэр. Онон да буоллаҕа, биһиги тэрээһиммитигэр сыллата үгүс киһи мустан инникилэрин билгэлэнэллэр.  Биһиги бу өбүгэлэрбититтэн хаалбыт итэҕэли дьоҥҥо-сэргэҕэ умуннарбакка тиэрдэбит, ол инниттэн маннык тэрээһиннэри ыытарбыт олус наадалаах дии саныыбыт. 
Бу долгутуулаах, күүтүүлээх күн билэлиэгийэ наукатын кандидата, Олоҥхо киинин  салайааччыта Агафья Захарова  мустубут ыалдьыттарга «Алгыс уонна таҥха» туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээн улахан болҕомтону тарта. Ыраастаныы сиэрин-туомун СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Федорова салайааччылаах «Тойук» фольклор ансаамбыла оҥордо. Алгысчыт Иван Васильев – Алгыс Уйбаан бар дьону алҕаата. Ол кэнниттэн долгутуулаах, күүтүүлээх киэһээ ыалдьыттара арыылаах алаадьынан күндүлэннилэр.
Мантан киэһээ СӨ үтүөлээх артыыстара Степан Васильев, Александр Дьячковскай, саха эстрадатын биллэр-көстөр ырыаһыттара Марианна Федотова-Намыына, Рустам Слепцов, Мария Макарова, «Сайсары» вокальнай ансаамбыл, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Нам бастыҥ ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ кыттыылаах бэртээхэй кэнсиэр буолла. 
Кэнсиэр кэнниттэн дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт олоҥхоһут Любовь  Платонова «Түөрэх түһэрии» сиэрин-туомун оҥордо. Маны сэргэ, тэрийээччилэр ыҥырыыларынан айылҕаттан айдарыылаах көрбүөччүлэр, эмчиттэр, хаартынан, кофенан таайааччылар: ЫлдьыыС, Эльмира, Наталья Дмитриева-Дьирибинэ, Татьяна Иванова — Баайахсаана, Айыллаана, Елена Стркаловская-Хотууна, Егор Винокуров, Эдуард Павлов, Мария Кофе, Уйгулаана, Санаара, Миха-Лева, Кучу Туйаара, Арчылаана  кытыннылар. Инникилэрин билиэхтэрин баҕалаахтар, сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии ылааччылар куораттан эрэ буолбакка, улуустартан тиийэ кэлэн сырыттылар, — диэн кэпсээтилэр. Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт ыалдьыттар тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааспытын бэлиэтээбиттэр, тэрийээччилэргэ махтаммыттар.
Тэрийээччилэр сыанабыллара:
Ульяна Флегонтова: – Норуокка киэҥ биһирэбили ылбыт биллэр-көстөр алгысчыты И.Г. Васильевы-Алгыс Уйбааны дьон наһаа күүтэр. Үрдүк Айыылар, Үрүҥ Айыы Тойон  анаан этитэр ылыннарыылаах ыллыктаах тылларын, дьолу, үөрүүнү, санаа хоту табыллыыны сырдык-ыраас тылларынан алҕааһыны сүрэхтэригэр-быардарыгар чугастык ылыналлар, иҥэринэллэр. Бу да сырыыга оннук буолла.
Кэнсиэргэ биһиги кэллигэлэрбит Нам улууһун 1 Хомустааҕыттан Ньургуйаана Ощепкова салайааччылаах «Мичээр» үҥкүү норуодунай ансаамбыл, Хамаҕаттаттан Оксана Кудрина салайааччылаах «Айыы хотун»  ансаамбыллар олус үчүгэйдик, үөрэн-көтөн кытыннылар. Иннокентий Борисов салайааччылаах Уус Алдан Уһун Күөлүн артыыстара дьоро киэһээ муусукаҕа чааһын биир умнуллубат чаҕылхай ньүөмэринэн буолан, көрөөччү хайҕалын, махталын ылыахтарын ыллылар. Иннокентий Борисов сатабыллаах салайааччы буоларын сэргэ, кэнсиэри, тэрээһини салайарга талааннааҕын, дьоҕурдааҕын уонна өссө ырыаһыт бастыҥа буоларын көрдөрдө.
Саха норуотун үгэһигэр, сиэригэр-туомугар, фольклоругар анаммыт тэрээһин олус үчүгэйдик барда. Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин мраморнай саалата бу күн дьонунан-сэргэнэн туолла. Тэрийээччилэргэ махтал бастыҥа этилиннэ.
Зоя Сысолятина: — Сиэри-туому толоруу, ордук алгыс, тутуһуллар быраабылалаах буолан, ураты тэрээһин быһыытынан ыытыллар. Быйыл алгыһы сэргэ, Уус Алдан Уһун Күөлүн самодеятельноһын эдэр кыттааччылара улахан болҕомтону тартылар. Култуура уонна искусство кэллиэһин выпускнига Иннокентий Борисов тыа сирин эдэр дьонун түмэ тардыбыта, кэнсиэри олус үчүгэйдик саҥаран-иҥэрэн, иилээн-саҕалаан ыытара, наһаа бэртээхэй ырыа ансаамбылын тэрийбитэ бука барыбытын үөртэ, сөхтөрдө. Биһиги кэлэр өртүгэр куорат олохтоохторун тыа сирин талааннаах, дьоҕурдаах ыччаттарын кытары көхтөөхтүк билиһиннэрэн иһиэхпит.
Бу курдук, умнуллубат тэрээһини тэрийсибит Елена Протодьяконова, Зоя Сысолятина санааларын үллэһиннилэр.
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын пресс-сулууспата. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0