Таһаҕаһы тиэйии түмүктэнэрэ чугаһаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы тиэйии түмүктэнэрэ чугаһаата.

Былааннаммыт 812 тыһ.туоннаттан тиэрдиллиэхтээх сиригэр 784 тыһ.туонна тиэрдиллибит. Итинтэн хаалбыты кыһыҥҥы суолу баттаһа арктическай оройуоннарга тиэрдиэхтээхтэр.
Дмитрий Садовников социальнай суолталаах ас-үөл тиэрдиллиитигэр былаан толоруллуутун бэрэбиэркэлээтэ.
Кыһыҥҥы суол баар кэмигэр таһаҕаһы таһыы түмүктүүр түһүмэҕэр сылдьабыт. 812,0 тыһ. тн. 784,5 тыһ.тн. ыйыллыбыт сиригэр тиэрдиллибит эбэтэр былаантан 96,6% буолар, — диэн кини иһитиннэрдэ.
Былырыын, 2021 сыллаахха, бу кэмҥэ былаан 99,2% туолбута бэлиэтэнэр. Ол гынан баран, быйылгы былаан улахан. Өскөтүн былырыын 758,9 тыһ.тн. эбит буоллаҕына, быйыл сыыппара 812 тыһ. диэри улааппыт.
2022 сылга социальнай суолталаах аһы-үөлү тиэйии былаана — 5821,1 туонна буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ итинтэн 5592 туонна тиэрдиллибит (96,06%). Билигин 4 массыына айаҥҥа сылдьар: 1 – Баатаҕайга, 3 – Тиксиигэ айанныыллар. СӨ Арктиканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистири бастакы солбуйааччы Сергей Неустроев  былаан муус устар 25 күнүгэр сүүс бырыһыан толоруллуоҕун этэр. Оттугу-уматыгы тиэрдии штатнай эрэсиим быһыытынан толоруллан иһэр. Холобур, «СӨ ОДьКХ» ГУП 602 тыһ. тахса туонна былаантан 99 бырыһыана толоруллубут. «Якутскэнерго» холдинг 124,5 тыһ. туонна былаантан 87% толорбут. Бу туһунан хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Стручков иһитиннэрдэ. Ньиэп бородууктатыгар 3 569 туонна былаантан 2 716,1 тн тиэрдиллибит, былаантан ити 76,1% тэҥ.
Оттук-уматык эһиилги сезоҥҥа тиийэр баарын да үрдүнэн, былааны толорбот буолуу табыллыбат. Саппаас хаһан баҕарар наада буолуон сөп. Былаан толоруллуохтаах, — диэтэ Садовников.
Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0