Таһаҕаһы таһыы ыстааттаах эрэсииминэн барар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр уу суолунан таһаҕаһы таһыыга бырабыыталыстыба хамыыһыйатын  мунньаҕа буолла.

edersaas.ru

Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдэээтэлэ Дмитрий Лепчиков уу суолунан таһаҕаһы таһыы ыстааттаах эрэсииминэн баран иһэрин эттэ. Быйылгы навигацияҕа 1 075,8 тыһ т. олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар таһаҕаһы таһарга былааннаммыт. Балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, 969,5 тыһ т таһаҕас тиэйиллибит, ол эбэтэр былаан 90,1 % толоруллубут, итинтэн 876,4 тыһ. т. анаммыт сирдэригэр тиэрдиллибит. Арктика улуустарыгар 325,2 тыһ. т. таһаҕаһы илдьэргэ былааннаммытыттан 285 тыһ. т. тиэйиллибит, онтон 231 тыһ. т. тиэрдиллибит. Дьибирики Хайатааҕы уонна Сангаардааҕы таас чох разрезтарыттан чоҕу таһыы ураты хонтуруолга тутуллар.

Арктика улуустарыгар таһаҕаһы таһыы кыраапык быһыытынан баран иһэр, Зеленай Мыс пуордун электроуотунан хааччыйыы боппуруоһа быһаарыллыбыт. Бу пуорка Индигирка өрүһүнэн Абый улууһугар анаммыт таһаҕас тиэрдиллибит. Аны Дьааҥы өрүһүнэн Дьааҥы улууһугар анаммыт 3 000 т таһаҕас барыахтаах уонна Халыма өрүһүнэн Зырянкаттан 3 400 т чох Зеленый Мыска аҕалыллыахтаах.

«Якутуголь» хампаанньа Дьибирики Хайатааҕы разреһыгар чоҕу мунньууга быһыы-майгы уустук. Балаҕан ыйын 10 күнүттэн чох хостоно илик. Билиҥҥи туругунан разрезка 11 941 т. чох мунньуллубут, ол иһигэр кытылга – 9 832 туонна.

Ньиэби тиэйии хонтуруолланар. Былаан быһыытынан 51,4 тыһ. т. ньиэп илдьиллиэхтээҕиттэн, 31,1 тыһ. т. анаммыт сиригэр тиэдиллибит, билигин ааллар 16,1 тыһ. т. ньиэби илдьэ баран иһэллэр. Быйыл Арктика улуустарыгар Узбекистантан ылыллыбыт оҕуруот аһын уонна фрукта тиэрдиллибит.

Мунньахха таһаҕаһы тиэйии-таһыы бары хайысхаларынан суһал иһитиннэриилэр оҥоһулуннулар. Түмүккэ былааны толорорго, таһаҕаһы кэмигэр итиэннэ аһылык табаарын буорту оҥорбокко тиэрдэр сорук туруорулунна. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0