Үүтүҥ ыраас, ытыҥ пааспардаах дуо?

Ааптар: 
12.05.2017
Бөлөххө киир:

Кырыа кыһын ааһан, сотору күөххэ үктэнэн өйдүүн-санаалыын сэргэхсийэ түһүөхпүт. Бэтэринээрдэр үлэлэрэ дьыл кэмиттэн тутулуга суох тахса турар түбүктээх. Кинилэр былааннаах эмтиир-сэрэтэр үлэлэри таһынан, нэһилиэнньэҕэ үөрэтэр-сырдатар дьаһаллары ыыталлар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын туттарааччыларга анаалыс оҥороллор. edersaas.ru


— Кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр, — диир Чурапчы улууһун ветеринарнай управлениетын начаалынньыга Владимир Еремеев. — Нэдиэлэ аайы нэһилиэктэринэн информация хомуйан, кыстык хаамыытын күннэтэ кэтиибит, өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалыллыбыт сүөһүлэрбитин мэлдьи хонтуруолга тутабыт.
Билигин сайыҥҥы быһаарыылаах кэмнэргэ бэлэмнэнэбит, эмтэри, вакциналары ылан хаһаанабыт. Сайын, сүрүннээн, үүт ыамын тэрийиигэ үлэлиэхпит, хотоннору эмтиэхпит итиэннэ от уонна эбии аһылык хаачыстыбатын кэтээн көрүөхпүт. Иккис улахан дьаһалбытынан эмтээх оттору хомуйуу буолар. Ити хомуллар эмтээх отторунан сүөһү уопсай туругун тупсарарга туһуламмыт препараттар, битэмииннээх эбииликтэр оҥоһуллаллар.

— Үүт ыамын тэрийиигэ туох саҥа ирдэбиллэр баалларый?
— Ирдэбил биир: үүттэн ылыллар бородууксуйа, ону таһынан эппит хаачыстыбата санитарнай нуормаларга эппиэттиэхтээх. Бастатан туран, ыанар үүт ыраас буолуохтаах. Ол эбэтэр, үүт туттарар хаһаайыстыбалар ынаҕы илиинэн ыыры тохтотон, механизированнай ыаһыҥҥа көһүөхтээхтэр. Үүт аппараатынан ыанан, сойутуллан эрэ баран, туттарыллыахтаах. Иккиһинэн, ыыр тэрил, туттуллар иһит-хомуос ыраастык тутуллуохтаах. Дезинфекциялыыр сириэстибэлэр хаһаайыстыба аайы баар буолуохтаахтар. Үсүһүнэн, ыанар ынах чэгиэн-чэбдик, эмтиир-сэрэтэр дьаһалга хабыллыбыт буолуохтаах. Бу ирдэбиллэри толоруу кытаанахтык хонтуруолланыа, тоҕо диэтэххэ, үүт туругуттан дьон доруобуйата быһаччы тутулуктаах.

— Ыанар ынах доруобуйата үчүгэй буолуохтаах диэтиҥ.
— Быйылгыттан хас биирдии хаһаайыстыбаҕа «Справка о ветеринарном благополучии» диэн докумуон баар буолара ирдэнэр. Ол эбэтэр, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, куоскатыттан саҕалаан ыанар ынахха тиийэ хас биирдии дьиэ кыылыгар-сүөһүтүгэр пааспар оҥоһуллар. Онно бу ыт, куоска, сүөһү эмтиир-сэрэтэр үлэнэн хабыллыбытын, ханнык быһыыны ылбытын туһунан бэлиэтэнэр.
Ыаллыы сытар эригийиэннэрбитигэр, Хабаровскай кыраайга, Иркутскай уобаласка уонна Приморьеҕа кутталлаах, сыстыганнаах ыарыылар бааллара бэлиэтэннэ. Холобур, лептоспироз дьиэ кыылын сутуйарын таһынан киһиэхэ эмиэ бэриллэр кутталлаах. Ол иһин, эмтиир-сэрэтэр үлэҕэ болҕомто күүһүрдэ.

Тыа сирин олохтоохторун сүрүн дохуоттара, сүрүннээн, сүөһүттэн ылыллар. Сүөһүбүт доруобай буоллаҕына, төрүөҕэ төрөлкөй, үүтэ-этэ бастыҥ хаачыстыбалаах буолар, оттон ол барыта дьон доруобуйатыгар быһаччы оруоллаах.

Афанасий ЗАХАРОВ, Чурапчы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0