Үтүө сонуннар үксүү турдунар!

Ааптар: 
15.10.2021
Бөлөххө киир:

Үтүө сонуннар үксүү турдунар диэн Уус Алдантан Полина-Победа үөрүүтүн үллэстэр, хоһоонунан айхаллыыр.

МЭКТИЭ ТЫЛ

Этиллибит кэмигэр
Киирдэ эбээт Бэс Күөлүгэр!
Саҥа дьиэлэр сандаара
Арыйдылар ааннарын!

Бэҕэһээ эрэ бу сиргэ
Кэлбэтэҕим сэгэрдээр,
Бүгүн илэ мин көрдүм
Мэктиэ тыл диэн хайдаҕын!

Баһаар уота уолутан
Умайбыта-сиэбитэ,
Сэрии кэмин кэриэтэ
Күл көмөргө көмпүтэ.

Ил Дархаммыт тиийбитэ,
Дьону түмэ тарпыта:
«Олохтуохпут хайаан да!»-
Буруйдаахтыы эппитэ…

Онтукайбыт түмүгэ
Бүгүн дьоҥҥо көһүннэ!
Уунан туолбут харахтар
Мичээринэн туоллулар!

Маннык курдук Дарханнаах
Буолан баран ама дуу
Саха хайдах самныаҕай?!
Сайда турбат буолуоҕай?

ТЫАБЫТ СИРИН ДЬАХТАРА

Тыабыт сирин дьахтара
Самаан сайын кэриэтэ
Аламаҕай, сайаҕас
Наһаа-наһаа күүтүүлээх!

Тыабыт сирин дьахтара
Көмүс күһүн кэриэтэ
Сандалыта, быйаҥа
Кыстыыр аһы быһаарар!

Тыабыт сирин дьахтара
Кыһын курдук тулуурдаах
Чугас дьонун барытын
Сылааһынан угуттуур!

Тыабыт сирин дьахтара
Сандал сааһы санатар,
Таммах курдук ып-ыраас,
Мичээр оонньуур харахтаах!

Тыабыт сирин дьахтара
Таайыллыбат таабырын,
Таптыыр эрэ сүрэхтээх
Таба таайыа кинини!

УРАТЫ ЫРЫАҺЫТ
(Лэгэнтэйгэ ананар)

Дьааҥы сирин ааттатар,
Дьааҥы курдук ураты,
Дьааҥы курдук дэлэгэй
Лэгэнтэйбит дэгиттэр.

Дьааҥы дьонун талаана
Дойду дьонун сөхтөрө
Ырыалара, үҥкүүтэ
Сэргэх көстүү дьэ, чахчы.

Уобараһа хаһан да
Биир долгуҥҥа уйдарбат,
Өрө көтүөҥ, чуумпуруоҥ
Тэҥҥэ барсыа туругуҥ.

Хоту дойду мускуйбут,
Тымныыларын тулуйбут,
Куйаас сайын бырдаҕар
Тулуур диэҥҥэ үөрэммит.

Халлаан диэки харбаспыт
Хайаларын быыһыгар
Көҥүл ыллаан дьиэрэтэн
Куолас күүстээх, чөллөркөй.

Саха сирин бүттүүнүн
Ыһыах ыһар күнүгэр
Лэгэнтэйбит «Ыһыаҕа»
Түһүлгэни киэргэтэр.

Чахчы сана Лэгэнтэй
Аны киинэ таһаарда!
Таһаараары таһааран
Аата тута
Чыпчаалга!

Полина-Победа,
Уус Алдан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0