«Всякий гений принадлежит исключительно народу»
Виктор Гюго
Кулун тутар 25 күнүгэр Евдокия Избекова «Аал луук мас» биэриитин холбообутум, биир уҺун чачархай баттахтаах ачыкылаах нуучча киҺитэ Тимофей Сметанин туҺунан кэпсии олорор эбит.
Бу кэпсиир киҺибит Борис Иванович Лукин диэн поэт, тылбаасчыт, аатырбыт-суолурбут М. Горькай аатынан МХАТ литературнай эрэдээктэрэ. Бэрт холкутук, дьэ, Тимофей Сметанины улуу талаантан атыннык ааттаабата дуо! «Якутская литература подарила России по таланту и гениальности…». «Большое событие в русской литературе…» (Т. Сметанин айымньыларын нууччалыы тылбааҺын этэр – М.Г.В.)». «Такой гениальный в Якутии есть поэт» диэн тыллары этитэлээтэ…
Мин истэ олорон итинник сыанабылы саха суруйааччыларын туҺунан истибэтэх буолан, улаханнык долгуйдум, киэн тутуннум.
Борис Иванович Тимофей Сметанин сэрииттэн кэлэн баран айымньыларыгар бэйэтин оҕолуу ыраас дууҺатын арыйарын, олох ханнык баҕарар түгэннэригэр юмордаахтык сыҺыаннаҺарын, ити үлүгэрдээх алдьархайы көрөн, бэйэтинэн ааҺан баран саҥа олоххо үктэнэн эрэр тоҥуй киҺи курдук хараҕынан суруйарыттан сөҕөр: «Как может человек прошедший войну, увидевший боль и смерть, сам весь израненный, оставаться добрым к людям и к себе», — диэмэхтиир. Бу «Саха Лермонтова» 28 сааҺыгар өлбөтөҕө буоллар, төҺөлөөҕү айыа-тутуо этэй диэн муҥатыйар.
Дьэ, кырдьык да оннук эбит. Айыы Таҥара үөҺэттэн түҺэрбит киҺитэ диэн Тимофей Сметанины этиэхтэрин сөп.
Мин бу биэрии кэнниттэн Тимофей Сметанин айымньыларын оскуола эрэ таҺымынан, ону да үксүн умнубуппуттан улаханнык кыбыҺынным.
«Мэхээлэчээн булчут…». Бары да сайылыкка, алааска атах сыгынньах сүүрэкэлээбит, кэрии тыаҕа моҕотойдообут, бастакы куҺу долгуйа илиибитигэр туппут дьон буоллахпыт. Оччотооҕу оҕоҕо көҕөн мээтиргиириттэн, чөркөй кус айманарыттан ордук муусука суоҕа эбитэ буолуо.
Улуу киҺи аата хаста да тиллэр дииллэрэ кырдьык эбит. Кинилэр өлбөт-сүппэт үөстээхтэр. Саха сирин суруйааччыларын сойууҺун 1961-тан 1978-га сылга диэри салайбыт Семен Петрович Данилов, өссө 70-с сылларга «Ойуунускайдыын кэпсэтии» диэн поэматыгар Тимофей Сметанины «улуу» диэбит эбит. Оччолорго ити тылы билиҥҥи курдук мээнэ туттуллубат этэ.
«Кэлэн аастылар эн суоххар
Күлүм гынаат умнуллан,
Сметанин – улуу саха,
Федоров – үрдүк талаан»
Эдьиийбит Ольга Иванова туойбут «туус маҥан аттаах» Манчаарытын:
«Эйэҕэс майгылаах эдэркээн Манчаары
Эйээрэр куолаҺа эймиирэ маардары
Эгэй дуо, эгийик,
Эгэй дуо, эгийик», — диэн тылларын, мин норуот ырыатын тыллара буолуо дии саныыр этим, онтукам Тимофей Сметанин суруйбут эбит.
Онтон саха киҺитин кулгааҕар олус да кэрэтик, чугастык иҺиллэр ааттаах-суоллаах «Лоокуут уонна НьургуҺун» драмата. Аҥардас ааттара даҕаны нохтолоох сүрэхтээх ураанхайга иэйиини иҥэрэр, тапталга үгүйар курдуктар…
Үгүстэр Тимофей Сметанин сэрии, патриотизм тиэмэтигэр, оҕолорго аналлаах айымньылары айбыт, хоннохтоохтук үлэлээбит курдук саныыллара буолуо. «Саллаат сүрэҕэ», «Егор Чээрин», «Көрүдьүөс күн», «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» уо.д.а. даҕаны, онтон саллаат чэрдээх илиитинэн суруллубут кэнники хоҺоонноро ураты иэйиилээхтэр.
Эн суоххар харахпар көстөрүҥ
Эйигиттэн кэлэн иҺэн
Чэпчээн кэллэхпинэ
Ити эбитэ дуу
Тапталлара диэн
Эн хара харахтарыҥ
Миигин бигии көрдөхтөрүнэ
Сүрэҕим кистэлэҥник
Нүөлүйэн ыллаҕына
Ити эбитэ дуу
Таптыыр киҺи үөрүүтэ.
Нууралдьын, нусхалдьын
Доҕорбун долгутан
Налытан, наскытан
Тапталы биллэрэн
Талбаардан сыттарбын.
Эбэтэр, бу поэт, арааҺа,
Хаҥаласка КыҺыл Үрүйэҕэ сайын суруйбут хоҺооно быҺыылаах.
Сахам сирин отун-маҺын
Сарпа күөҕүн тэтэрдэн
Сырдык түүннээх ыраас күннээх
Сарыал сааспыт эргийдэ.
Үчүгэйиэн Матырыана!
Үрүйэбит салгына.
Түүммүт бүтэн күммүт уота
Түстэ түннүк тааҺыгар.
Истиий эрэ, Матырыана
Ити чыычаах ырыатын,
Эйигинниин, Матырыана,
Эмиэ баарбыт бу манна.
Сиэйэлкэттэн сиргэ түспүт
Сити уоттаах сиэмэттэн
Сирдьигиннии өрө үүннүн
СэлиэҺинэй ойуура.
БиҺиги дьиэ кэргэн Кэбээйигэ 9 сыл олорбуппут. Онон Кэбээйи барахсан улуу Эбэлэрин Малыыданы, Нидьилини, Лүксүгүнү, Быраҥааттаны уо.д.а. көрбөхтөөбүт киҺибин. Олоҥхо дойдутугар холоонноох сиэдэрэй дьикти кэрэ айылҕалаах Кэбээйигэ улуу талаан төрүүрүгэр анаммыт курдук дойду…
Тимофей Сметанин Кэнэни диэн улахан Эбэ халдьаайытыгар Маҥан Кэрэх диэн сиргэ Дьөгүөр диэн аҕалаах дьадаҥы ыалга 1919 с. төрөөбүт. Кини төрүүрүгэр Кэбээйи оройуона тэриллэ илик эбит. Орто Бүлүү улууҺа дэнэрэ. Итинник 1937 с. диэри дьаҺанан олорбуттар.
Маҥан Кэрэх, бииргэ үөскээбит доҕоро Иван Петров суруйарынан, «Лоокуут уонна НьургуҺун» драмаҕа Лоокууттаах НьургуҺун көрсүҺэр сирдэрин курдук, аар чаллах тииттэрдээх, арыы-өлгөм хатыҥ чараҥардаах, сааҺын араас кэрэ сибэккинэн киэркэйэр күөх кырыстаах, күөрэгэй ырыалаах, көбүс-көнө алаас бэрдэ этэ». Тима аҕата Дьөгүөр, ийэтэ Настаа, 4 оҕолоохтор. НаҺаа иллээх, эйэҕэс майгылаах ыаллар эбит.
Кэбээйи аатырбыт үчүгэй сирдээх-уоттаах Моҕоллой алааҺыгар үрдүк сиригэр таҥара дьиэтэ турбут. Ол таҥара дьиэтин көмүс солотулаах кириэҺэ күн уотугар күлүмүрдээн ыраахтан көстөрө эбитэ үҺү. Кыракый Тима бастаан аҕабыыт дьиэтигэр, онтон кэлин таҥара дьиэтигэр оскуолаҕа үөрэммит. 4-с кылааска кинилэри Егоров Гаврил Иванович-Биилин диэн учуутал, бэйэтэ поэзиянан үлүҺүйэр киҺи, үөрэппит. Оҕолор учууталларын үтүктэн хоҺоон суруйар буолбуттар. Оччотооҕу оскуола оҕолоро нэҺилиэк олоҕор актыыбынайдык кытталлара. Учууталларын салалтатынан хотону дьиэттэн араарыы, улахан дьону ааҕарга-суруйарга үөрэтии – ликбез, ыраас олох иҺин охсуҺуу уо.д.а. култуурунай олох туҺунан өйдөтүү-үөрэтии үлэтигэр кытталлар эбит. Оччоҕо саҥа тэриллэн эрэр артыалларга киирэргэ дьону агитациялыыллар. Кэбээйи 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран Тима үөрэнэрин тохтотон син балайда кэмҥэ Калинин аатынан холхуоска суотчуттаабыт. Үчүгэй суотчут быҺыытынан 3 нэҺилиэккэ биллибит. Онтон салгыы үөрэнэр. Тимофей бастакы хоҺоонноро Намҥа тахсар «Холкуос сирдьитэ» хаҺыакка бэчээттэммиттэр. Олортон биирдэстэрэ — «Былатыан суолунан бардарбыан».
Урукку тиийиммэт-түгэммэт кэмнэргэ нэҺилиэктэргэ сир-сир аайы улахан аймаҕа-хаара суох, кэргэнэ, оҕото-уруута мэлигир, чороҥ соҕотох, тулаайах ыаллары кэрийэн иитиллэн сылдьар олохтоох дьоннор баар буолаллара. Олортон сорохторо сүрдээх уус тыллаах, былыргыны билэр, араас эгэлгэ ис хоҺоонноох устуоруйалары, үҺүйээннэри, сэҺэннэри, таабырыннары, үгэлэри уо.д.а. өйдөрүгэр тута сылдьан хааҺахтан хостоон таҺаарар курдук тыллаах-өстөөх буолаллар эбит. Онтон сорохторо адьас да ырыаҺыт-тойуксут бэртэрэ. Ол иҺин оччотооҕу чуҥкук үйэҕэ оннук дьоннор ыҥырыыга сылдьаллара, кэтэҺилээх хоноҺо буолаллара. Олортон биирдэстэрэ кыракый Тима дьонугар Дьөгүөрдээххэ суорҕанын, чаанньыгын, чэй үүтэ куттар туос ыаҕайатын мас сүгэҺэргэ чороччу кэлгийбит Мастаах Уола диэн тулаайах киҺи сөбүлэтэн өр «чаардыыр» эбит. Дьон кэпсээнинэн дуу, бэйэтэ кэпсииринэн дуу, бу Мастаах Уола Бүлүүгэ Мастаах улууҺугар төрөөбүт-үөскээбит. Кини биир улахан баайга хамначчыт эбит. КиҺи киҺи курдук Борокуоппай диэн ааттааҕа. Бу Борокуоппай, дьүҺүнэ-бодото үчүгэй буолан буоллаҕа буолуо, ол улахан баай күҥҥэ көрбөтөх кэрэ дьүҺүннээх кыыҺын кытта кистээн бодоруҺар буолбут. Эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэҺэн тапталга кубулуйбут сыҺыаннарын билэн баай киҺи уордайбыт, кыыҺын күүҺүнэн Сунтаар баайыгар эргэ биэрбит, хамначчытын Борокуоппайы үнтү таҺыйтаран, кырбатан баран үүрэн кэбиспит. Сааныы кытаанаҕа буолбут. Онтон ыла Борокуоппайбыт киҺилии аата сүтэн Мастаах Уола дэтэн бырадьаага олохтоммут. Кыракый Тима бу Мастаах Уолуттан элбэҕи иҥэриммит…
1939 с. күҺүөрү сайын Тималаах сэттэ буолан уонна Левин Дьөгүөр диэн сирдьит оҕонньордоох аттарынан нэдиэлэни быҺа айаннааннар, эрэй бөҕөтүн көрсөн, дьоллоох Дьокуускай куораты булаллар. Тимофей потребкооперация техникумугар үөрэнэ киирэр. Айар үлэҕэ күүскэ сыстан барар. Семен, Софрон Даииловтары, Леонид Попову уо.д.а. кытта билсиҺэр, доҕордоҺор. ХоҺоонноро, кэпсээннэрэ бэчээккэ тахсаллар. АрааҺа, 1940 с. быҺыылаах, Тимофейдаах сайыҥҥы каникулларыгар, оччолорго Бүлүү оройуоннарыгар устар «Пропагандист» борокуокка билиэккэ тиксибэккэлэр, 360 солк. кунгас дэнэр улахан оҥочону атыылаҺаннар, Өлүөнэ Эбэни таҥнары устаннар Сангаары булаллар. Ол айаннара бэйэтэ мүчүргэннээх буолара сэрэйиллэр даҕаны. АрааҺа, бу кэмтэн ыла Тимофей Сметанин улуу Эбэҕэ – Өлүөнэҕэ тапталын олоҕун тиҺэх мүнүүтэтигэр диэри ыҺыктыбатаҕа: «Оо, үчүгэйин, кэрэҕин да, Лена! Ама, хайа саха эйигин ахтыбат, таптаабат буолуоҕай. Эн биэрэккэр кини үөскээбитэ, уолааппыта, эн биэрэккэр кини дьол, олох, таптал диэни өйдөөбүтэ буолбаат! Кинини эн киил эттээбитиҥ, кинини эн эрчимнээх сүрэхтээбитиҥ!»
Тимофей Сметанин потребкооперация техникумун бүтэрэн Кэбээйи районугар бухгалтердыыр. 1942 с. Тимофей Ийэ сирин көмүскүү Улуу сэриигэ аттанар. Үөрэммит оскуолатын тиэргэнигэр сэриигэ барааччылары атаарыы миитинигэр Тимофей Сметанин бэйэтин хоҺооннорун аахпыт. Тимофей Арҕаа фроҥҥа, связист идэтин баҺылаан, инники кирбиигэ сылдьыбыт. Сметанин иккитэ ыараханнык бааҺыран, саллаат киҺиэхэ уордьан итэҕэҺэ суох сыаналанар, баҕар ордук да буолуо, «Хорсунун иҺин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иҺин» мэтээллэрдээх Сахатын сиригэр үктэнэр…
Эргэ хаартыскаҕа киҺини бэйэтигэр тардар, үтүө номоҕон сэбэрэлээх сааҺырбыт дьахтар көстөр. Саха дэриэбинэлэригэр сиртэн-буортан тэйбит курдук ыраас, дьоҺун көрүҥнээх дьахталлар баар буолааччылар. Оннук дьону искэр үчүгэй төрүттээх-уустаах быҺыылаахтар дии санааччыгын. Тимофей Сметанин сирдээҕи таптала кэргэнэ Матрена Григорьевна Тарасова I Дьөппөҥҥө төрөөбүт. «Саллайбыт куобах бэргэҺэлээх» Тимофейдыын Дьокуускайга билсибиттэр. Эдэр дьоннор сөбүлүү көрсөн, таптаҺан холбоспуттар.
Ытык ХаҥалаҺы ааттаппыт икки фронтовик суруйааччылар Исай Никифоров уонна Тимофей Сметанин Дьокуускайга аан бастаан көрсүспүттэр. БилсиҺээт да Тимофей «бачча тымныыга ханна барыаххыный» диэн Исайы дьиэтигэр илдьэн хоннорбут. Сарсыныгар Сметанин массыына булан кэпсэтэн Исай Никифоровы Покровскайга барарыгар көмөлөспүт. Ол кэнниттэн аны оччотооҕу Орджоникидзевскай оройуон «Знамя Советов» хаҺыат эрэдээктэрэ Исай Никифоров куоракка Тимофей Сметанин кыбычыын усулуобуйаҕа олорорун көрөн-билэн аҺынан хаҥаластар күтүөттэрин Тимофейы Покровскайга хаҺыатыгар үлэҕэ ыҥыран таҺаарар. Райкомнар Сметаниннаахха ити билигин да турар, Өлүөнэ Эбэни өҥөйө, дьиэни биэрэллэр. Тимофейдаах Матрена Тарасова тапталларын көмүс чыычаахтара Таня кэлин улаатан кэргэн тахсан Нам улууҺугар Граф Биэрэгэр олохсуйбут, түөрт оҕоломмут.
Билиҥҥи киҺи мин харахпынан, көрдөхпүнэ, оччотооҕу көлүөнэлэр ийэлэрбит-аҕаларбыт, эҺэлэрбит-эбэлэрбит, бары кэриэтэ наҺаа да ыарахан, тыйыс олоҕу олорон ааспыттар. Былаас иҺин охсуҺуу, кулаактааҺын, саҥа олоҕу тутабыт диэн ааттаан бэйэ тус олоҕун умнан холхуос бүппэт үлэтигэр оҕолуун-уруулуун умса түҺүү, ол быыҺыгар репрессия ыар тыына, онтон сэрии алдьархайа, төҺөлөөх дьон дьылҕата огдолуйбута буолуой, ааҕан сиппэккин! Ону биҺиги оҕо сылдьан, эдэр да сааспытыгар, барыта ырыа-тойук, уруй-айхал доҕуҺуоллаах олорбуттарын курдук саныырбыт, үксүгэр. Оннук өйдөбүлү оччотооҕу былаас тиэрдэ сатыыра уонна дьон-сэргэ да таҺыччы атынтар эбит, билиҥҥи дьоҥҥо холоотоххо, наар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүҺэ, ылса-бэрсэ, суламакка-кэлэммэккэ олоҕу маннык буолуохтааҕын курдук санааҕа уйдаран, ылынан олорбуттар эбит.
Покровскай куорат Улуу Өлүөнэни көрө сытар биэрэгин үрдүгэр сахаттан бастакы бойобуой генерал Андрей Иванович Припузов көмүс уҥуоҕун кырамтата кистэнэ сытар. Онтон өрө 80-90 хаамыылаах сиргэ бастакынан эргэ мас дьиэ билигин турар. Бу дьиэҕэ саллаат суруйааччы, поэт Тимофей Сметанин олоҕун тиҺэх күннэригэр 1946-47 сс. олорбут. Бу сир үрдүгэр туох барыта ситимнээх суолталаах. Бу улуу дьоннор генерал А.И. Припузов уонна саллаат Т.Е. Сметанин төрөөбүт дойдуларыгар – Сахаларын сирдэригэр Улуу Тапталы көрдөрбүт уонна иҥэрбит дьоннор. Онон кэнэҕискитин Сметанин олорбут дьиэтин аттыгар, Эбэни өҥөйө, паамытынньык тутуллара буоллар, дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар сирэ буолара саарбаҕа суох. Кэнники туризм да маршрутун миэстэтэ буолуо этэ…
Бу норуотун кытта биир оҥочоҕо айаннаан иҺэн адьас эдэр сааҺыгар, саамай тутар-хабар үгэнигэр киирэн иҺэн эрдэ барар дьылҕаламмыт, сахаҕа дэҥҥэ көстөр улахан талаан, билигин «гений» дэммит Тимофей Сметанин сырдык ыра хоҺоонун тылларынан бу суруйуубун түмүктүүбүн. Этэҥҥэ буолуҥ!
Радость детства на душе!
Мир весной похорошел!
По глазам заметно
Солнце в них отражено,
Чистой радостью полно –
То весны примета!
Сердце знает и зовет!
Тело знает и поет!
Вновь и вновь весны приход.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан
Покровскайтан Улар МОИСЕЕВ.