Төрүт өбүгэлэрин өтөҕүн сөргүтэ, төрөөбүт дойдуларын сайыннара, дьон уос номоҕо гынан кэпсииллэрин курдук кыһалла-мүһэллэ сылдьар дьону көрдөххүнэ, кинилэр тустарыгар үөрэҕин, үлэлэрэ үтүө түмүктээх буоларыгар ис сүрэххиттэн баҕараҕын.
edersaas.ru
Биир сынньалаҥ күн өр кэмтэн иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаабытын толорон, Хаҥалас улууһун Еланка сиригэр айаннаатыбыт. Улахан Аан учаастага Еланка былыргыта дьаамсыктар олорбут сирдэрэ буоларын, буоста аартыга арыллыбытын, сэбиэскэй кэм саҕана хортуоппуй, бурдук киэҥ нэлэмэн бааһыналара баалларын уо.д.а. истэбит. Оттон хатыламмат айылҕатын, халлааҥҥа дьулуспут суор таас хайаларын туһунан хаартыскалартан уонна дьон сөҕө-махтайа кэпсиириттэн эрэ билэрбит.
Биһигини илдьэн иһэр суоппар уолбутуттан: “Эн олохтоох Еланкаҕын дуо?” – диэн ыйыппыппытыгар киһибит: “Еланка эбитим буоллар, күөх харахтаах киһи эһигини илдьэн иһэр буолуом этэ буоллаҕа”, — диэн күллэ. Ол “күөх хараҕа суох” суоппарбыт – Улахан Аан төрүт олохтооҕо Дьулустаан Андреев. Биһиги кини сайылыгар биир күн олохсуйардыы баран иһэбит… Этэргэ дылы, сүүстэ истибиттээҕэр, биирдэ көрбүт ордук.
Дьулустаан Михайлович бэйэтэ Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола-интэринээккэ физкултуура учууталынан үлэлээбитэ 15-с сылыгар барда. Кэргэнэ Любовь Петровна — эмиэ бу оскуола психолог-педагога. Үлэтин 2012 сылтан иитээччинэн саҕалаабыта. Хараҕынан мөлтөхтүк көрөр оҕолорго үлэлии сылдьан, 2016 сыллаахха (урукку дириэктэрэ Мария Старостина өйөбүлүнэн) канис-терапевт идэтин баһылаабыта. Сонун идэни баһылаабыт эдэр киһи, эбии үөрэхтээһин учууталын быһыытынан, күн бүгүҥҥэ диэри оҕолору дьарыктыы сылдьар. Оҕолор олус астынан дьарыктаналлар. Канис-терапебынан (ыттары кытары алтыһан эмтээһин уонна доруобуйаны чөлүгэр түһэрии) Осван диэн ааттаах кыракый шпиц боруодалаах ыта үлэлиир эбит. Быйыл Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академията Бэрэсидьиэн Граныгар, “Зоотерапияҕа” кыттааччы быһыытынан киллэрбиттэр. Онон, кинини билигин өссө элбэх үлэ, сонун бырайыактар күүтэллэр.
Сири ылыы — бастакы хардыы
2010-с сылларга Улахан Аан дьаһалтата манна бырапыыскалаах, дойдуларын туһугар үлэлии-хамсыы, дорҕоонноохтук ааттата сылдьар дьоҥҥо Еланка сириттэн учаастак биэртэлээбит. Сири ылыы – бастакы хардыы. Оттон сир курдук улахан баайы туһаҕа таһаарыы, баһылааһын хас эмэ сыллаах сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол да иһин, Еланкаттан сир өлүүлэппит дьон үгүстэрэ билиҥҥитэ туһаҕа таһаара иликтэр эбит.
Оттон Дьулустаан Андреев, үгүстэр курдук, сайын даача курдук тахсан сынньанарга дьиэ туттар санаалаах сылдьыбыт. Ол эрэн, куоракка ыарахан үлэҕэ сылдьар кэргэнниилэр саҥа сирдэригэр сайын сынньалаҥа тахсар түгэннэрэ да аҕыйаҕа. Сирдээх хаһаайын бэйэтэ этэринии, кэмэ бэйэтэ тиийэн кэлэн, систэрин этэ буһан, санаабыт хотууһу диэн, сахалыы балаҕан тутарга быһаарыммыттар. Уол аҕата Михаил Николаевич уһанар киһи буолан, аҕалаах-уол балаҕаннарын 2016 сылтан саҕалаабыттар.
“Бастаан бу ып-ыраас хонуу сир этэ, чугаһынан туох да саҥа тутуу суоҕа. Ол саҕана матырыйаал сыаната арыый чэпчэки курдуга. Тэлгэһэбит сахалыы тыыннаннын диэн тутуубутун балаҕантан саҕалаабыппытын кэмсиммэппит. Бастакы сылбытыгар көҥдөйүн, иккис сылбытыгар ис өттүн бүтэрбиппит. Онтон харах үөрэр, дууһа сылаанньыйар буолбутун көрөн, аны сайыҥҥы бэсиэдкэ туппуппут. Былырыын куораттан доҕотторбут хаста да тахсан сынньаммыттара. Онтон: “Дьулус, маннык үтүө сиргит эһиги хаһан уоппуска ылан кэлэргитин кэтэһэн туруо дуо? Сайын дьону ыҥыран сынньатар сир оҥостуҥ. Өлүөнэ Эбэ бу нэлэһийэн сытар, сынньана кэлбит дьон ким сөтүөлүө, ким балыктыа, ким сир астыа…”, — диэн сүбэлээбиттэрэ. Онон, толкуйдаан баран, сир туһаҕа тахсыахтаах буоллаҕа диэн, дьон кэлэбит диэтэхтэринэ аккаастаабаппыт. Доруобуйаларынан ураты көрүүнү-истиини ирдиир оҕолору кытары үлэлиир буолан, кэлэрбит-барарбыт да элбэх. Сотору-сотору күрэхтэһиилэргэ барабыт. Сынньанар да бириэмэ суох курдук”, — диэн бэртээхэй сайылык хаһаайына кэпсиир.
Сарсыардаҥ кэрэ көстүүттэн саҕаланар
Бу сылдьан көрдөххө, Өлүөнэ эбэ хаҥас кытылыгар турар Еланка үрдүгэр сэбиэскэй кэм саҕана бурдук ыһааччыларга туппут арболит дьиэлэрэ уонна онон-манан дьаамсыктар дьиэлэрэ урукку кэм өйдөбүнньүктэрэ буолан тураллар. Арай, аллараа кытылга бэйэтигэр “Еланка” турбаза аныгылыы тутуулаах дьэрэкээн дьиэлэрэ сынньанар дьону ыҥыра-угуйа тураллар. Лааҕырга кэлбит оҕолор көхтөөх күлүүлэрэ бу ытык сир кэскиллээх сир буоларын кэрэһилиир.
Манна сынньана кэлбит киһи олохтоохтор мотуоркаларынан, катердарынан уҥуор арыыларга тахсыан, Өлүөнэ очуостарыгар, суруктаах хайаларга, “Баҕа санаа хаспаҕар”, Тукулааҥҥа уо.д.а. хайалаах сирдэргэ тиийэн, дуоһуйа сынньаныан сөп.
Биһиги эмиэ Дьулустаан Михайлович уонча суотай иэннээх сиригэр биир күн бэйэбит “хаһаайыннаатыбыт”. Киэҥ-куоҥ балаҕан эркинин тула наара ороннорго утуйан турдубут. Бу салгына ырааһын, киэҥин-куоҥун! Баҕардаххына көмүлүөк оһоҕу оттон, уот сылааһыгар бигэнэҕин. Сарсыардаҥ таһырдьатааҥы бэсиэдкэҕэ тахсан, Өлүөнэ өрүс кэрэ көстүүтүн одуулуу-одуулуу, үүттээх чэйи иһииттэн саҕаланар. Ол кэннэ хайдах сынньанарыҥ, айылҕа ханнык кэрэ миэстэтин таларыҥ – бэйэҥ баҕаҕынан.
Улахан дохуот киирбэтин да иһин…
«Дьулус Михайлович, кырдыга да, куоракка дьиэлээх, үлэлээх-хамнастаах дьон уоппускаҕытыгар атын сирдэргэ сынньана барыаххытын эбэтэр Улахан Ааҥҥа төрөппүттэргит дьиэтигэр ыалдьыт быһыытынан сылдьыаххытын сөп этэ. Ону сынньаммакка бу маннык дьарыктаах эбиккин. Тоҕо?” – диэн ыйыттым.
— Дойдум дьоно итэҕэйэн, эрэнэн үтүө сири анаабыттарыгар махталым улахан. Бу саҕалааһыммыттан син биир улахан дохуот киирбэт. Арай дойдубун сайыннарар баҕам улахан. Мин киэн туттар Еланкабын дьон-сэргэ билиэн, таптыан, баҕарабын. Ханнык баҕарар дойдуну атын дьон билэр, сөҕөр-махтайар, тардыһар буоллаҕына эрэ — сайдар буоллаҕа. Манна дьону сынньатар базалар элбии турдуннар, күрэстэһии баар буоллаҕына эрэ, сайдар буоллахпыт. Сир-дойду айыы санаалаах иччилээх буолуохтаах. Улахан Аантан, Еланкаттан Андрей Артамонов, Николай Иванов уо.д.а. курдук улахан спортсменнар, боксердар, тустууктар, “Манчаары” чемпионнара, Арассыыйа призердара, Айыы Уолун курдук ырыаһыттар, айар дьон иитиллэн тахсан, Саха сирин аатырдаллар”, — диэн кэпсээтэ кыһамньылаах хаһаайыммыт Дьулустаан Андреев. Салгыы бэйэтэ тустууга Россия турнирыгар призердаабытын туһунан кэпсээнтэн-кэпсээн салҕанан биллибит.
Улахан Аан уонна Еланка дьоно Сахабыт сирин киин куоратыттан, улуустарыттан Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн кэлэр ыалдьыттары куруук үөрэ-көтө көрсөллөр. Арай сынньана кэлэр дьон, туристар сиэри-туому тутуһалларыгар, кэннилэриттэн бөҕү-сыыһы хаалларбаттарыгар, сир иччилэригэр куруук махтана сылдьалларыгар баҕараллар. Кырдьыга да, олохтоохтор субуотунньук тэрийэн, сирдэрин-уоттарын ыраастыы, хомуйа сылдьар буоланнар, бэл ойуур иһигэр даҕаны, ханна да бөх-сыыс мунньулла сытарын көрбөтүбүт.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru