Соторутааҕыта Дьокуускай куорат Автодорожнай уокуругар «Весенний позитив» диэн үтүө санаа аахсыйата буолла. Бу туһунан уокурук салалтатыттан иһитиннэрдилэр.
—Өрөспүүбүлүкэҕэ Сомоҕолоһуу, Дьокуускай куоракка Иллээх ыаллыы буолуу сылларынан, «Емеян» киинэ тыйаатырыгар тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытылынна.
Аахсыйаны Дьокуускай куорат 6-с №-дээх оскуолата, бу оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтэ, «Емеян» киинэ тыйаатырын кэлэктиибэ, кииннэммит биир тиһиктээх бибилэтиэкэ 7-с №-дээх филиалын дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах бибилэтиэкэтэ, «Ыраас эйгэ» уопсастыбаннай түмсүү чилиэннэрэ, Автодорожнай уокуруг дьахталларын сэбиэтэ, «Синар» хампаанньа тэрийдилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оскуола оҕолоро кылаастарынан минньигэс аһы-үөлү астаан аҕалан, бэрт кырасыабай киэргэтиилээх остуолу тартылар, кэнсиэр көрдөрдүлэр, «Лидер» оҕо тэрилтэтэ флешмобтаата.
Аахсыйа кыттыылаахтарын волонтер Антон Васильев эҕэрдэлээтэ уонна бука барыларын тулалыыр эйгэлэригэр, олорор сирдэригэр-уоттарыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар ыҥырда. Салгыы «Синар» хампаанньа оскуолаҕа кэтиллэр саҥа моделлаах таҥастарын-саптарын үөрэнээччилэр кэтэн дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрдүлэр. Ону сэргэ, «Якутянин года» уопсастыбаннай бириэмийэ номинана, «Чистая среда» ОО салайааччыта Анжелика Оконешникова «Обменяшки» бырайыагар бары кытыннылар, эргэттэн туһалаах мал-сал оҥоһуллубутун билиһиннэрдилэр. «Библиотүүн» бырайыак чэрчитинэн, дьиэ кэргэн бибилэтиэкэтэ тыйаатырга сыһыаннаах бэртээхэй викторинаны тэрийдэ. Түмүккэ аукционтан уонна дьаарбаҥкаттан киирбит харчы оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар ыытыллар буолла, — диэн иһитиннэрдилэр.
Тэрээһиҥҥэ сүүрбүт-көппүт, түбүгүрбүт, иилээбит-саҕалаабыт бары тэрийээччилэргэ, өйөөччүлэргэ махталларын тиэртилэр. «Бары түмсүүлээхтэрин, сомоҕолоһуулаахтарын уонна кыһалҕалаахтарга көмөлөһөргө мэлдьи бэлэмнэрин, төрөппүттэр оҕолорун кытта үтүө дьыаланы оҥорорго үөрүүнэн кыттыһалларын көрдөрдүлэр», — диэн киэн туттан, үөрэн бэлиэтээтилэр.