Уһун кыһын кэнниттэн халлаан тымныытын ыһыктан эрэр. Аҕа дойду Улуу сэриитэ түмүктэммитэ 37 сыл буолла. Аатырбыт снайпер Иван Кульбертинов уонна кылаас салайааччыта Иван Федоров 7-с кылаас үөрэнээччилэригэр уоттаах сэрии туһунан кэпсииллэр. Кырачаан Архип биир да тылы сыыска-буорга түһэрбэккэ истэр, мүччүргэннээх түгэннэриттэн альбомҥа уруһуйдуур…
Өлүөхүмэ түмэлигэр
Аҕыйах хонуктааҕыта Өлүөхүмэ улууһугар командировкаҕа бара сылдьан, тоҕотун бэйэм да билбэппинэн, атахтарым улуус түмэлигэр илдьибиттэрэ. Кэпсэтиибит түмүгэр, улаханнык эрэммэтэрбин да, түмэл дириэктэрэ Ирина Никифороваттан: “Снайпер Иван Кульбертиновка сыһыаннаах туох даҕаны арылла, сурулла илик чахчы суох дуо?”, — диэн сэмээр ыйыталаһабын. Онуоха тохтуу түһэн баран: “Пожалуй, есть”, — диэт атын хоско баран чочумча буолаат, суулана сылдьар бакыаты тутан таҕыста. Бу 40-ча сыл анараа өттүгэр оҕолуу хараҕынан көрөн айыллыбыт уруһуйдар. Ким уруһуйдарай? Түмэлгэ хайдах кэллэ?
40-ча сыл буолан баран
Бэйэбин “булчут” саҕа сананан, атаҕым сири билбэт буолуор диэри үөрэбин. Ирина Иннокентьевнаттан, аны куотан хаалыа диэбиттии өрүсүһэ, альбому ким, хаһан тиксэрбитин ыйыталаһабын. Онуоха маннык кэпсиир:
— Иван Николаевич Кульбертинов төрөөбүтэ 100 сылыгар бэлэмнэнэн үлэбит күөстүү оргуйан олороро. Биһиги дьолбутугар, 2017 сыл сайын от ыйыгар (күһүнүгэр И.Н.Кульбертинов 100 сылын туолуохтаах), биир дойдулаахпыт, Кыыллаахтан төрүттээх Анна Афанасьевна Корнилова кэргэнин Яков Алексеевич Семенов докумуоннарын хасыһа сылдьан булан, биһиги түмэлбитигэр тиксэрбитэ. Яков Алексеевич улуус райкомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Иван Кульбертиновы кытта ыкса билсэллэр эбит, ол туһунан бэйэтин ахтыытыгар суруйан турар.
Арааһа, учуутал оҕолорго сорудах биэрбит буолуон сөп. Альбом бүтэһик сирэйигэр “Архип Балбахов уруһуйдара” диэн суруллар. Архип Дмитриевич үлэтин биһиэхэ түмэлгэ баар Иван Кульбертиновка мэтириэтиттэн билэбин. Онон хайаан даҕаны бэйэтигэр көрдөрүөххэ наада дии санаабытым. Ыҥыран көрдөрбүппэр: “Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Иван Кульбертиновы кытта көрсүһүүттэн уонна учууталбыт кэпсээннэриттэн уруһуйдаабытым”, — диэн үөрэ-көтө эппитэ.
Уруһуй билиҥҥи кэми кытта сибээһэ, устуоруйата ити курдук. Оччотооҕу уруһуйдьут оҕо Архип Балбахов билигин улахан айар дьоҕурдаах биллэр-көстөр маастар”, — диэн билиһиннэрэр.
Ааптар Архыып ахтыыта
Дириэктэр Ирина Никифорова миигин өйөөн, тылын ылыннаран, ааптары Архип Балбаховы кытта илэ көрсөн кэпсэтэр дьолго тигистим. Уус-уран оҥоһук маастарыгар “дьэ кэпсээ, бу уруһуйдар хайдах айыллыбыттарай” диибин.
— Сэттис кылааска үөрэнэр сылбытыгар Иван Кульбертинов Үҥкүр оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрсүбүтэ. Сүрүннээн үлэтин-хамнаһын, булт-алт, кэлин бииргэ сэриилэспит дьонун кытта көрсүһүүлэрин кэпсээбитэ. Генерал Демины уонна маршал Чуйкову ахтара. Кылааспыт салайааччыта Иван Петрович Федоров Кульбертиновы соҕуруу икки төгүллээн арыаллаан илдьэ сылдьыбыта. Биология биридимиэтин үөрэтэрэ эрээри, устуоруйаны улаханнык сэргиирэ. Кульбертинов ол көрсүһүүгэ уоттаах сэрии туһунан улаханнык арыллан кэпсээбитин өйдөөбөппүн. Ол оннугар учууталбыт киниттэн тугу истибитин биһиэхэ тиэрдэрэ, мүччүргэннээх түгэннэриттэн элбэхтик билиһиннэрбитэ. Хас киһини билиэн ылбытын күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн, ону оччотооҕу харахпынан ойуулаабытым баар буолуохтаах”, — диэт Архип Дмитриевич илиитигэр тутан олорор альбому арыйбытынан барар.
“Оччотооҕу уолаттар аҥаардас “снайпер” диэн тылтан Иван Кульбертиновы ытыктыы, киэн тутта көрөрбүт. Уот сэриигэ сылдьыбыт тыыннаах легенда оҥосторбут”, — диэн этэр.
Тиийимтиэтик тиэрдии — талаан
Снайпер Иван Кульбертиновы кытта элбэхтик алтыспыт учуутал Иван Федоров үөрэнээччилэргэ уот сэрии туһунан хайдах курдук тиийимтиэтик, чопчутук, дьэҥкэтик тиэрдибитин киһи сөҕө эрэ көрөр. Ол курдук, оскуола үөрэнээччитин боростуой харандааһынан кичэллээхчик чочуллубут уруһуйдарыгар снайпер фроннааҕы олоҕо барыта арыллар. Манна баар — Иван Кульбертинов өстөөххө сыбдыйан үөмэн иһэрэ, соҕотоҕун “бултаһара”, сарсыардааҥҥы аһылыкка куобахтыы барбыт киһилэрэ массыынаҕа ынах эттээх тоһуйан олороро, уонунан ньиэмэһи билиэн ылара…
Соҕотох мэтириэт
Оттон Иван Кульбертинов бинтиэпкэлээх олорор өҥнөөх мэтириэтин, бука, көрбөтөх киһи суоҕа буолуо. Мэтириэт Өлүөхүмэ түмэлигэр биир дьоһун миэстэни ылар. Баар да баар, өрүү көрөбүт, ол эрээри, ааптара ким буоларыгар, хаһан уруһуйдаммытыгар болҕомтобутун уурбаппыт. Оттон ааптара – эмиэ Архип Балбахов эбээт. Ол туһунан Архип Дмитриевич маннык ахтар: “Кыайыы 60 сылыгар улуустааҕы култуура управлениета сакаастаабыта. Иван Кульбертинов хас даҕаны хаартыскатыттан таҥан уруһуйдаабытым. Хаартыскатыгар илиитэ ситэ көстүбэт этэ. Ону бэйэм ситэрэн биэрбитим. Ол саҕана интэриниэт эҥин суох. Мэтээллэрэ, таҥастара-саптара хайдах өҥнөөхтөрүн билбэт буолан, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан кинигэлэри хасыһан үөрэппитим. Син балачча уһуннук уруһуйдаабытым эрээри, туох да уустуга суох, судургутук тахсыбыта. Бу улахан соҕотох мэтириэтим буолар. Уруһуйга кэлин ылсыахча буоллум. Сүрүннээн маска, мууска оҥоһуктардаахпын”, — диэн кэпсиир. Мэтириэт алын өттүгэр “Герой Советского Союза” диэн суруктаах. Ити Кульбертиновка иҥэриллэн баран “былдьаммыт” аатын кытта сибээстээх. Бэйэтэ туспа устуоруйалаах.
Түмүк оннугар
Ити курдук, Өлүөхүмэ улууһун Үҥкүр орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Архип Балбахов 1982 сыллаахха снайпер Иван Кульбертинов уонна учууталын кэпсээннэригэр олоҕуран, оҕолуу хараҕынан көрөн айбыт уруһуйдара уонна кэлин Кыайыы 60 сылыгар ойуулаабыт мэтириэтэ улуус түмэлигэр кичэллээхтик хараллан сыталлар. Ким билиэ баарай, сэбиэскэй кэмҥэ Иван Кульбертинов сэриигэ мүччүргэннээх сырыыларынан айыллыбыт уруһуйдар оччотооҕу уонна билиҥҥи кэми ситимниэхтэрин… Ол уол оҕо Архип Балбахов кэлин Архип Павлов диэн аатынан биллэр-көстөр уус, уруһуйдьут, маастар буолан тахсарыгар хайаан даҕаны дьайбыт буолуохтарыгар саарбах суох.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.