ТҮӨРТ УОН БЭЙИЭМЭ (И.Горнай бэйиэмэлэрин тылыгар бэлиэтээһин)
Биллиилээх бэйиэт Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай 2016 сыл бүтүүтүгэр онус кинигэтэ тахсыбыта (Остуоруйа уонна история: поэмалар. – Дьокуускай: Бичик, 2016. – 272 с.). Бу — кини талыллыбыт айымньыларын бастакы туома. Манна наар бэйиэмэ киирэр. Урукку кинигэлэригэр киирбит уонна кэлин эбии суруйбут, барыта 40 бэйиэмэтэ сүнньүнэн кэминэн (хронологическай бириинсибинэн) аттарыллан наарданар.
Ааптар талыллыбыт айымньыларын бастакы туомун итинник ааттаабыта түбэспиччэ буолбатах. Кини “Остуоруйа уонна история” диэн хас да тиэмэни хабар, киэҥ-дириҥ номохтоох, саамай улахан бэйиэмэтин бочуоттуур.
Кини урут тахсыбыт айымньыларын хоһоону-ырыаны таптааччылар-сөбүлээччилэр бэркэ биһирээбиттэрэ. Кини бэйиэсийэтин биир идэлээхтэрэ да, литэрэтиирэ чинчиһиттэрэ да үрдүктүк сыаналыыллар. Көннөрү ааҕааччылар даҕаны бэйиэттиин көрсүһүүлэргэ өрүү улаханнык астыналлар. Ону – үчүгэйи өйдөөн-санаан олорон, бу балачча эттээх-сииннээх, халыҥ тастаах (хайыаҥый, ыгым ыгыылаах ырыынак сыһыаныгар сыаналанар суол: суолталаан, өр үрүк-түрүк буоллун, үйэлэннин диэтэхтэрэ) хомуурунньук туһунан, үгэспинэн, ордук тылыгар-өһүгэр кыратык бэлиэтиир сорук ылынным.
Улахан хоһоонньут
Түөрт уон – икки өттүнэн бэлиэ сыыппара: уоннуулаах өрүү төп-төгүрүгэ ордук; эбиитин бэйиэт 30 сыллааҕыта “Мин өйдүүбүн” диэн бастакы бэйиэмэтин таһаартарбыта, онон отут оннугар уонунан куоһара охсуулаахтык суруйбут, айбыт. Онон бэйиэмэни — бэйэтэ судургутутан ааттыырынан уһун хоһоону суруйарга үчүгэй үөрүйэхтэммит.
Бэйиэмэлэр тиэмээтикэлэрэ киэҥ. Ону мин сааһылыы сатаабаппын (арааһа, сатаабаппын даҕаны). Ол эрээри ханнык баҕарар айымньы ис хоһооно тылыгар-өһүгэр сабыдыаллыыр буолуохтаах (ол төһөтүн кээмэйдиир, биллэн турар, уустук). Оччотугар бэйиэт ханнык тылы хайдах сааһылаан-аттаран туттара хоһоонун-бэйиэмэтин ис хоһоонуттан уонна кимиэхэ ананарыттан балачча тутулуктаах буолуон сөп. Ол иһин онно сыһыаран ырытар табыгастаах буолара саарбахтаммат.
Бэйиэт сүнньүнэн улахан дьоҥҥо анаан суруйар. Ол эрээри, оҕо аймаҕы умнубат. Бэркэ өйдөнөр: өр кэмҥэ тифлопедагог быһыытынан көрбөт оҕолору бэркэ тапсан үөрэппитэ. «Сибэккичээн» диэн ааттыын кэрэ төрдүс кинигэтин оҕоҕо анаабыта. Итинник ааттаах остуоруйа хоһоонун кэлин бэйиэмэ кэккэтигэр киллэрэр.
Бу бэйиэмэ тыла-өһө оҕоҕо өйдөнүмтүө, истиҥ-иһирэх. Тутула да судургу: 7-8 сүһүөхтээх олуктан турар; кэрчигин кээмэйэ арааһынай: үксүн 4 устуруока киирэр.
Оҕоҕо ананар айымньы анаан чочуллара, тутула тупсаҕай буолара булгуччу ирдэнэр. Кыра ааҕааччы үчүгэй тас көстүүнү, тупсаҕай быһыыны-тутууну ордук болҕойор, кэрэхсиир. Уурбут-туппут курдук ириипимэҕэ үөрэ-дьүөрэ тыл тиһиллэрэ ааҕарга да чэпчэки, өйгө-сүрэххэ да дэбигис тиийимтиэ.
Оҕо кыратыттан айылҕаны таптыы улаатыахтаах. Тулалыыр эйгэни харыстааһын – ордук билиҥҥи олох тирээн турар биир тутаах ирдэбилэ. Оҕо сүрэҕэ зоолог-ботаник курдук айылҕаҕа амарах буолуох тустаах. Оччоҕо олохпут уһуоҕа, удьуорбут ууһуоҕа диэн дириҥ санааны бэйиэт оҕонон судургутук этитэр:
Онон турдун бу сибэкки…
Оннук эрэ эн биһикки
Көрүөхпүт манна хас сайын
Тыыннаах сибэкки тымырын.
Сир – барыбыт дьиэтэ (манна даҕатан, сир күндүтүн бэйиэт билиҥҥи кэми кэрэһилиир икки бэйиэмэтигэр /”Сир уонна сиэр”, ”Уһук илиҥҥи гектаар”/ мэктиэлиир). Киһилиин-сүөһүлүүн дьукаахтаһан олоробут. Дьукаах сиэринэн иллээхтик-эйэлээхтик олорор үчүгэй. Оччоҕо билбэт да кыылларбыт – биһиги ыалларбыт буолаллар. Оту-маһы, кыылы-сүөлү харыстыыр, араҥаччылыыр аһыныгас оҕоттон киһилии майгылаах, үчүгэй киһи тахсар. Ону бэйиэт сир симэҕэр ханыылыы тутан хомоҕойдук хоһуйан түмүктүүр:
Оҕолоруом, сир үрдүгэр
Сибэккини таптыыр киһи
Сибэккилии кэрэ үһү!
Остуоруйа бэйиэмэ айыллыбыта түбэспиччэ буолбатах. Остуоруйа – оҕо барыта кутун туттарбыт суола. Үтүө санаа, хорсун быһыы өрөгөйдүүр айымньытын ама ким аахпатаҕа, таптаабатаҕа баарай?! Остуоруйа дьикти кэрэ эйгэтигэр бары дьулуһабыт, сырдык ыратыгар улуулуун умсугуйаллар. Ол иһин ааптар остуоруйалаһыы олус табыгастаах иитэр ньыма буоларын «Остуоруйа киэһэлэрэ» диэн хоһоонун хомоҕой тылынан санатарын, куруук туһанарга ыҥырарын өссө төгүл өйдөөн аһарыаҕыҥ:
Олохтооҥ дуу дьиэҕитигэр
Остуоруйа киэһэлэрин,
Ыһыҥ оҕо сүрэҕэр
Ыраас санаа сиэмэлэрин!
“Сибэккичээн” бэйиэмэ истиҥ иэйиинэн илгийэр, кыра ааҕааччыны үөрдэр-долгутар уонна айылҕаны харыстыырга, таптыырга ыҥырар. Ол иһин эдэр-саастаах да ааҕааччы, бастатан туран төрөппүт, сөбүлээн ааҕар, кыра оҕотугар иһитиннэрэр.
Улахан дьоҥҥо суруйарга тиэмэ элбэх-дэлэй, хаарчах суох, муҥурдаммат. Онтон биирдэһэ – тыл. Бу — эргэрбэт мэҥэ тиэмэ. И.Горнай тылы аһара суолталыыр. тылы сыаналыыр, киниэхэ сүгүрүйэр.
Саха урааҥхай ийэ тылынан толору үс куттанар: кининэн тыыннанан орто дойдуга олох олорор. Бэйиэт ити өттүнэн – тылы өрүү өрө тутарынан тыл култууратын ааттаах хараанньыта Амма Аччыгыйын улаханнык утумнуур.
Бэйиэт “Остуоруйа уонна история” диэн бэйиэмэтэ, эрдэ эппитим курдук, киэҥ ис хоһоонноох. Манна ааптар тылы, култуураны, полкулуору, историяны (устуоруйаны), итэҕэли сэргэ тутан хабар. Маныаха тылы омук олоҕун-дьаһаҕын кытта ыкса сибээстээн, тэнитэн, бэйэтэ туспа толкуйдаан хоһуйар. Итини ааҕааччы болҕойуо диэн экчи эрэнэбин. Холобур, маннык дьоҕус кэрчиккэ төрөөбүт тылбыт айылгытын бэйиэт ийэ өйүнэн ис киирбэхтик, мындырдык, уус-ураннык арыйар:
Биһиги тылбыт – былыргы тыл,
Бэйэтин туһугар бэрт баай тыл,
Кини баай, диэх, бастакытынан,
Кэмчи астыы быстыбатынан,
Уларыттахха, иккиһинэн,
Улуу тыллыы имигэһинэн.
Киһи кимэ-туга дьон-сэргэ ортотугар биллэринии, биирдэм тыл татым күүһэ эмиэ этиигэ эрэ эрчимирэр:
Быһаарбат хас тыл туттуллуута,
Быһаарар этии тутуллуута.
Сиинтэксис ситэри силгэлээх, сиилинэй кыамталаах буоллаҕына, оччоҕо ийэ тылбыт, ырыаһыт хоһуйарын курдук:
Оттон тыл – биһиги ийэбит,
Ол аата, тапталбыт, иэйиибит,
Оттон тыл – биһиги аҕабыт,
Ол аата, дурдабыт-хаххабыт,
Оттон тыл – биһиги оҕобут,
Ол аата, эрэлбит-соргубут.
И.Горнай тыл бэйэтин бэйэтэ дьаһаннын, мэһэйдэһимэҥ диирдии этэрин ааҕааччы ылынара саарбах. Тыл уустук социальнай көстүү быһыытынан сайдарыгар үөрэх-билим, дьон-сэргэ өйөбүлэ-көмөтө өрүү туһалыы туруо турдаҕа.
Тыл соргулаах сонордьута
“Сүгэ хоппотоҕун сүбэ хотор” диэн түҥ былыргыттан билиҥҥэ диэри биһирээн этэбит. Ити кэскиллээх сүбэбит-соргубут тылынан уоҕурар-уохтанар эбитин кынаттаах тыл буолуох кылгас таба-бэргэн этиигэ булабыт:
Ийэ да, аҕа да сүбэтэ –
Ийэ тыл илгэлээх сүмэтэ.
(“Кыбыстыы”. Таарыччы аҕыннахха, “Барыта – биллэр суол…” диэн урукку аатын ааптар уларыппыт).
Ааптар саталлаахтык сыһыаран, хас да бэйиэмэтигэр тылы ахтан аһарар. Саҥарар саҥа сурукка тиһилиннэҕинэ, «кыраҥ» даҕаны суон суолталанар. Оҕурдук кып-кыракый өлүүскэ-дорҕоон буукуба буолан сиэттиһэн оһуокайдаан ойор, улаатар-кыаҕырар; оннооҕор сурук бэлиэтэ эриэккэстик эрчимирэн эрэллээх эркээйи буолар кыахтаах:
Ол курдук хоһоон
Оһуора – дорҕоон,
Соппутуой, тире
Суолталаах эмиэ.
(“Үгэс уонна культура”).
Кини ийэ тылын барҕа баайын дириҥник билэр, дэгиттэр баһылаан, тупсаҕайдык туһанар. Киниэнэ барыта уурбут-туппут курдук халыыпка кутуллар. Хоһоон – уус-уран литэрэтиирэ саамай чочуллубут сааныра. Оннооҕор үрүҥ хоһоон бэйэтэ туспа олуктаах, ис ириитимнээх. Ханнык баҕарар бэйиэт чочуллубут халыыпка киллэрэн, аҕыйах тылынан киэҥ, дириҥ ис хоһоону этэргэ дьулуһар. Туһугар кытаанах сыал-сорук. Ону “тыл муҥа”, “айыы муҥа” диэн эрдэхтэрэ.
Дорҕоону дьүөрэлээн этии истэргэ өрүү истиҥ, киһи кулгааҕын дьиктитик минньитэр. Оннук санаан, бэйиэт итини үгүстүк туттар. Онон үөрэ-дьүөрэ этиллиилээх, ымсыылаах халыып хомуурунньукка хойуутук көстөр: сүрэҕин – үөрэҕин, буолан – дуолан, онтон ыла – ылан, ыарахан – ыар ахан, арыт – ырыт, ыар да – сарсыарда, түөһүн – түөкүн, өрүүтүн – үөрүүтүн, тылын – ылыҥ, сиргэ – дьон-сэргэ, сокуона – олуона, сэттэ – ситтэ, куолу — уолу уо.д. элбэх. Сороҕо соһуччу, күүтүллүбэтэх дьүөрэлии буолан, ордук дьиктиргэтэр: хаһан буолла – хара “волга”, ыт оҕотун – хоһоҕотун, диэри – пери, буукуба – куба, даҕаны – да аны, уустуга – уус тылга, турдаҕына – даҕаны, буолбатах – бас-баттах, о.д.а.
Арыт ааптар омуоньумунан оонньоон оҕону-оҕонньору сэргэхситэр, ириипимэтин эбии киэргэтэр:
Ити курдук этэ-тыына,
Иҥсэ-обот ол аат тыына.
Ленанан устуо, Дуогабар уурсуо,
Лентаҕа устуо, Дохуотун тустуо.
“Сатабыллаах – саһыл саҕалаах” –
Саха омугун өһүн хоһооно.
“Сатабыллаах – саһыл саҕалаах” –
Саха поэтын саҥа хоһооно, о.д.а.
Үтүөкэн санаа, туйгун тутул дьүөрэлэстэҕинэ, хомоҕой хоһоон тахсара өрдөөҕүттэн киэҥник биллэр. Бэйиэт итини судургу эрээри дьүөрэлии этиллиилээх-иһиллиилээх тыллары холбоон, эттээн-сииннээн, ону ириипимэ эгэлгэтинэн сыыптаан, ааҕааччыга тиийимтиэ гына этигэн оҥорон ситиһэр, холобур:
Үтүө үгэс – үчүгэй үөрэх,
Өбүгэ муспут үөрүйэҕэ,
Ону умнуоҥ да эмиэ түөрэх
Төлкөнү түстүү күөрэйиэҕэ.
(“Итэҕэл”)
Оо, сыыһа биһиги тылбытын
Олоххо сөп суолу талбытын…
(“Остуоруйа уонна история”)
Бэйиэт кириэстии ириипимэни ордук сөбүлүүр, кыайа-хото, үгүстүк туттар. Ону үгүс бэйиэмэтин киэптэрэ даҕаны мөккүөрэ суох туоһулууллар. Оҕурдук “Урааҥхай саха” диэн бэйиэмэтин, кини бэйэтэ этэрин курдук, икки эрэ ириипимэнэн наар кириэстии оҥкуллуур:
Мин – иннибинэн чугуйбат, кэннибинэн кэхтибэт
Үйэм-сааһым тухары өһөс саҥнаах,
Кэллим да барбат, барыым да эргиллибэт
Судургу суоллаах, быһаччы быһыылаах,
Уруу-аймах таһыгар олохпун тэриммэт
Бэйэм бэйэбин бас билэр баҕалаах,
Абааһыны, таҥараны алыс итэҕэйбэт
Айылҕа диэн арай биир айыыһыттаах…
Тылы оонньотуу – сытыы өй көстүүтэ. Итинэн санаа ордук дириҥээн этиллэр-иһиллэр (П.Ойуунускай өлөртөн өлбөт өйүн, өйүнэн өлбөт бэйэтин диэбитин бэркэ биһирээн элбэхтик хатылааччыбыт). И.Горнай “дьээбэлэнэрин” эмиэ сөбүлүүр. Тылы эрийэ-буруйа туттан, тугу этэрин быдан буруустаан-сытыылаан биэрэн, ааҕааччыны ордук толкуйдатар. Холобур:
Кыраҕын үөрэт эн кырдьаргар,
Кырдьартан үөрэн эн кыраҕар (“Кыбыстыы”).
Икки тылы уулуу булкуйумуоҕуҥ,
Икки тылынан уулуу суккуйуоҕуҥ!
(“Мунуу-тэнии муҥа-таҥа”)
Тылы бэрийии-үөрэтии – уустук, бараммат үрүҥ да, хара да үлэ! Ол эрээри кэхтибэт кэскиллээх. Онон улахан эппиэтинэстээх. Тоҕотун токкоолостоххо, ырыаһыт ылыннара хардарар:
Ханнык баҕарар үлэ хаһан баҕарар
Хас биирдии тыл хамсатар күүһүнэн буолар.
(“Сонордьут”)
Кини, дьиҥэр, киэҥник өйдөөн, түмэн этэрэ эрэбил: омук үлэлиир-үүнэр, сайдар-саргыланар, оччоҕо тыла байар, чэчириир-чэлгийэр.
Суруйааччы, бастатан туран, тыа байанайдаах булчутунуу тыл соргулаах сонордьута буолар. И.Горнай суруйар идэтинэн сөпкө күөн туттар. Суруйар-айар дьон ийэ тыл сүмэтин илдьэ сылдьар буолан, хойутун хойут даҕаны төрөөбүт тылбыт баайа-кэрэтэ кэхтиэ суоҕугар баҕа санаа баара барыбытын уоскутар.
Бэйиэсийэ биир бэлиэ уратыта – троп, бу уус-уран ньыма киэҥник туттуллуута. Маны туһаммат бэйиэт суох. Бу — тылы күтүр күүстүүр, имэҥнээх иччилиир ньыма. Онтон биирдэһэ – метафора. Ити тэҥнэбилгэ ордук кэрэтик көстөр:
Олох! Бу модун түөһүнэн
Хайа тыыра бааллары,
Муораны саамай үөһүнэн
Устан иһэр хараабыл.
(“Уларыта тутуу”)
Бэйиэсийэ —урамньы үрдүкү көстүүтэ!
Хатылааһын (повторение, тавтология, плеоназм) – хоһооҥҥо эмиэ киэҥник туттуллар ньыма. Манна даҕатан санаттахха, бэйиэттэр бары даҕаны хос-хос этиини тумнубаттар, этэр санааны чиҥэтэн, иэйиини күүһүрдэн биэрэр, халыыбы толору тупсарар алыптаах албас быһыытынан туһаналлар. Ааптар маны бары бэйиэмэтигэр киллэрэр. “Соҕотох туруйа” диэн дириҥ иэйиилээх бэйиэмэтигэр маннык строфата кини уйуһуйбут уйулҕатын туйгуннук туоһулуур:
Мин хаһыс күһүммүн манна кэлэбин?
Мин, санаам сатыылаан, манна кэлэбин,
Мин умна, уоскуйа манна кэлэбин,
Мин нуктуу, нуурайа манна кэлэбин.
Тылы хатылааһынтан тахсар дьүөрэлэһии, биллэн турар, судургунан ааҕыллар. Ол эрээри итинник киэҥник, толорутук хатыланар ириипимэ (тавтологическая рифма) биир интэриэһинэйдээх: сороҕор устуруока иннигэр эмиэ баар буолар, арыт субурҕа бүтүннүүтэ биир көрүҥнэнэр:
Ол үлэ! Ол — таска көстүбэт үлэ,
Ол өйгө-сүрэххэ оргуйар үлэ,
Ол түүнү-күнүһү билиммэт үлэ,
Ол өллөххө биирдэ уурайар үлэ.
(«Тойуксут туруйа»)
Халыйар хааны утары,
Хара өлүүнү утары
Харыстаа Сиргэ Эйэни!
Харыстаа Сиргэ Эйэни!
(«Мин өйдүүбүн»)
Бэйиэт барыта тылы кэмчилээн, сэрэнэн уонна харыстаан туттарын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Ити тоҕотун этэллэр: бэйиэсийэ – урамньы (ускуустуба) чаҕылхай, үрдүкү көстүүтэ. Манна өй уонна сүрэх хайдах алтыһаллара уһулуччу улахан оруоллаах. Балар алгыһынан ыаллаһаллара үйэлээх хоһоону үөскэтэр. Итинэн сиэттэрэн, бэйиэт маннык этэр толору бырааптааҕын ыксары ылынабыт:
Ол иһин улуу поэттар этэллэринэн,
Тыыннаах тыл-өс тыллар сирэ хоһоон буолар.
Дьиҥнээх хоһоону айбат омук кэнникинэн
Төрүт тыла дьүдьэйэн төннөргө барар.
(“Мин хоһооннорум”)
Билигин даҕаны ити барыта этэр:
Тылы харыстааччы поэзия буолар.
(“Мин хоһооннорум”)
Айааччы кута-сүрэ айымньытыгар иҥнэҕинэ эрэ, ааҕааччыны тардар айымньы айыллар дииллэрин кини бэйиэсийэтэ толору туоһулуур. Бэйиэт урукку да, билиҥҥи да олоҕу бэркэ итийэн-кутуйан ойуулуур. Ааспыты ахтар, айылҕаҕа чугаһатар айымньы (“Мин өйдүүбүн”, “Тыҥырах”, “Тойуксут туруйа”, о.д.а.) ааҕааччыны да долгутар, толкуйдатар. Билигин умнуллан эрэр эбэтэр сэдэхтик туттуллар тыллар (чэрии, солох, айаама, хатыҥ үөһэ, хоппо, дьоро киэһэ, үс муннук сурук, халлаан хатаан, тиргэ, сэт, дуол, о.д.а.) урукку олоххо сиэтэн тиэрдэллэр. Саҥа кэм нуучча тылыттан киириини (интернат, оскуола, комсомол, райкомол, субуотунньук, заочниктыы. демократия, гласность, идея, дьиикэй ырыынак, коррупция, сыаннас, олигарх, о.д.а.) туттарга-туһанарга күүскэ да буолбатар син биир күһэйэр. Сороҕор “измнар” элбииллэр (марксизм-ленинизм, социализм, коммунизм, капитализм). Уларыта тутуу аныгы суолтатынан саҥа тылынан ааҕыллар кыахтаах.
Литэрэтиирэни чинчийээччилэр күннээҕини суруйары соччо биһирээбэттэр. Ол эрээри буола турар суолу, ол-бу уларыйыыны, уустук сыһыаны сырдатыы литэрэтиирэ сыалыгар-соругар эмиэ киирсэр. Онон ону олус омнуолуур олуона. И.Горнай үлэ үөһүттэн тэйбитин, бүгүҥҥү уларыйыыны уу хараҕынан көрбөтөҕүн иһин, сүрэҕинэн-быарынан, өйүнэн-санаатынан чугастык ылынар, долгуйа толкуйдуур-тойоннуур.
Кини бэйэтин кэмин киһитин уонна уолун быһыытынан сэбиэскэй кэми аймана ахтар. Ол эрээри кырдьыгы кытаанахтык тутуһан, икки сэрии, уот кураан содулуттан оччотооҕуга аас-туор олоҕу, күүстээх үлэни, аһара кытаанах ирдэбили умнубат-тумнубат (“Мин өйдүүбүн”, “Тыҥырах”). Ону сэбиэскэй норуот хайдах туруулаһан туораабытын атын айымньытыгар өрө күүрүүлээх тылынан ахтан аһарар:
Үлэ – дьол, үлэ – чиэс. Үрдүк да өй-санаа!
Көҥүл дьон дойдуга күүрэрэ долгуйа.
Олоҕу биһиги ол курдук саҕалаан
Баар араас ыардары барытын аастахпыт.
(“Ол хайдах байабын?”)
Икки тутул быыһык, бутуурдаах түгэнигэр ким барыта мунар-тэнэр. Ону лириичэскэй дьоруой өссө өйдөтөр:
Кырдьык уонна сымыйа,
Саҥа санаа уонна олох –
Эн тураҕын долгуйа
Суобаскын кытта соҕотох.
(“Улахан тиэмэҕэ кыра поэма”)
Айымньы ис хоһоонуттан уларыта тутааччы эдэр киһи – эдэр ыччат буоларын сэрэйэбит. Кини инникилээх, кэскиллээх. Саҥа тутул олоҕун-оҥкулун буларыгар уҕараабат оруоллаах:
Эн дууһаҕар күн тыгар –
Эн дьоллооххун, эн айаҕын,
Билбэт суолгун сырдата
Бэйэҥ күннүү умайаҕын.
Манна даҕатан, бэйиэт эдэр ыччакка эрэлин хас да бэйиэмэтигэр этэрин эбиэҕиҥ. Киниэхэ анал айымньытыгар элбэҕи билбит-көрбүт, мындыр киһи киэбинэн уустук олохтоох, одурууннаах орто дойдуга оттомноохтук толкуйдаан олорорго сүбэлиир-амалыыр. “Киһи күннээх” диир кэрэкээн кэммит көтөрө түргэнин! Кэмигэр кэмнэммэт кэрэтин кэлин билэҕин. Эрдэттэн билэриҥ, дьиҥинэн, бэрт иҥэмтиэлээх:
Эдэр саас –бу өрө күүрүү,
Бу үүнэр өй-санаа буурҕата!
Эдэр саас –бу киһи өрүү
Уот курдук умайар дууһата!
Ити дьикти эниэргийэ олоҕу хамсатар, сайдыыны саталыыр күүс буолар:
Сир киэргэлэ, сир эрэлэ,
Сир кэлэр кэскилэ – эдэр саас!
(“Ыччатым, эн иһит”)
“Мунуу-тэнии муҥа-таҥа”
Аныгы олоҕу ааптар уонтан тахса бэйиэмэтигэр таарыйар. Онтон үксэ быһаччы сыһыаннаах (“Уларыта тутуу”, “Демократия”, “Мунуу-тэнии муҥа-таҥа”, о.д.а.). Маныаха кини сыһыана, сүнньүнэн ыллахха, кытаанах. Сэбиэскэй кэмҥэ олохпут үтүөтүн үөрэнэн-үлэлээн атаарбыт, “акаары” дьоҥҥо үгүспүтүгэр бу тутул хабыр-хаҕыс бадахтаах. Ол иһин ааптар аныгыны айхаллаабат-арбаабат. Буолумуна: албын-түөкэй майгы-сыһыан айыы алааһыгар аһара айбардаата, ырдырҕас ыгым ырыынак ытарчалыы ыга ылла. Салгын эрэ билиҥҥитэ босхо курдук. Ол суоһарыылаах содула – кыһыл тыл үйэтэ үүннэ-өрөгөйдөөтө.
Онон даҕаны буолуо, ааптар тыла-өһө дьиппиэн, тимир-тамыр курдук. Холобур, “Тимир ааннары” да ылан санаа:
Уопсастыба сиэрдээх олоҕуттан
Ол хайдах сорох уор санааланна?!
Сатаан ииппэтэх оҕобутуттан
Саһарбыт буолаарай тимир ааҥҥа!..
Эбэтэр: Бу дьулаан олоххо дьоннор бары даҕаны
Киһилии киэптэрин сүтэрэн баартара.
(“Өлөн баран өйдөнүү”)
Өссө дуо? Чэ, оччоҕо:
Ол курдук демократтар сүүлүктэр буолбуттара.
Демократия кураанах тылга кубулуйбута.
Оннооҕор уоруо суох дьонноро уорбуттара.
(“Демократия”)
Дьэ кырдьык, демократия албын тылга кубулуйда, бэйиэт этэринии, олигархия, коррупция уйата буолла: саталлааҕы-сатабыллааҕы саһыл саҕалаата; кыраны-кыамматы кылгас сонун кып-кылгастык кырадаһынныы кырыйда-кылгатта.
Билиҥҥи “демократия” социалистическай демократияттан тугу да утумнаабата: содула аһара алдьархайдаах. Баайдаах бардамныыр, харчылаах хаһыытыыр, үптээх үөгүлүүр. Дьон икки ардыгар сыһыан тимирдийдэ. Маннык сыһыан көбүччү көстөр, көннөрү туоһута – тимир аан:
Уопсастыба сиэрдээх олоҕуттан
Бу хайдах сорох уор санааланна?!
Сатаан ииппэтэх оҕобутуттан
Саһарбыт буолаарай тимир ааҥҥа!..
(“Тимир ааннар”)
Тимир аан эрэнсибэт бэлиэ буолан, харааран, дьиппинийэн-дьэбиннирэн турар, туруох да дьылҕалаах. Быраһаай, аһаҕас аан, мас халҕан!
Тылы сыаналыырын, күүһүгэр-күдэҕэр эрэнэрин, киниэхэ сүгүрүйэрин “Араатардар” диэн бэйиэмэтигэр көрөбүт. Тыл этигэнин иҥэриммит үтүө араатар түҥ былыргыттан билиҥҥэ диэри суон сураҕырар:
Үтүө тыл-өс – өй бэлиэтэ,
Үгүс мөккүөрү быһаарар.
Сиргэ сэрииһит кэриэтэ
Араатар аата аатырар.
Олох муудараһын илистэ билбит киһи эрэ мындыр араатар буолуон сөп:
Тыла-өһө олоҥхолуу:
Тыыннаах, кэрэ, умсулҕан;
Устар ууну сомоҕолуу
Оо, дьэ этэр барахсан!..
Оччоҕо олоҕу кэпсиир уус тылга улуу күүһү көрөҕүн. Сүбэ сүгэтээҕэр күүстээҕэр экчи эрэнэҕин. Ол эрээри билигин уус тылынан умсугутар араатар, арааһа, адьаһын аҕыйаата.
Араатардар да араас буолаллар. Тыл күүһүн үрдүттэн туһалаабакка туһанар, омун-төлөн, тута туман-имэн буолан көтөр тыллаах күдээринэ араатар, ууну-хаары таһыйбахтыыр кураанах куолуһут араатар, хомойуох быатыгар, элбээн иһэллэр. Кинилэр саныылларынан, тыл харчы буолбатах, хаһан да бараммат бадахтаах:
Тыллар уһуктаах уоһуттан
Тыһыынчанан көтөллөр,
Тыынар тыыннара суоҕуттан
Тыллыбакка өлөллөр.
Ааҕааччыам, туһалааҕы тумуһурдаабат “уһун тыыннаах” араатары истэн көхсүн сааллыбатах буоллаҕына, эн бэйэҕин дьоллоох киһинэн ааҕынар кыахтааххын.
Эмиэ итиннэ санааны сатаан сааһылаан этэргэ этии уһулуччу оруоллааҕын, биирдэм тыл этии эйгэтигэр күлүмэх күүстэнэрин, тыл ис айылгытын түөрүйэ этэринии бэркэ билгэлээн, бэртээхэй бэргэнник бэлиэтиир:
Быһаарбат хас тыл туттуллуута,
Быһаарар этии тутуллуута.
“Бу сиргэ мин аатым хаалар да буоллаҕына…”
(Түмүк оннугар)
Иван Горнай этэр: — Уһун, кылгас хоһооннору утумнаахтык олоҕун устатын тухары аптаах тыл алыбыгар ылларан, уоттаах тыл төлөнүгэр куустаран, уран тыл долгунугар уста сылдьан суруйар киһи аата “поэт” диэн буолар. Ити кураанах куолу буолбатах: бэйиэт диэн үрдүк, айылҕаттан айдарыылаах ааты (поэтами рождаются, ораторами становятся диэн түҥ былыр сайдыылаах гректэр эппиттэр эбит) ностойууннук сүгэр. Кини дьиҥ чахчы улахан хоһоонньут: талааннаах бэйиэт уонна уһун хоһоону-бэйиэмэни кыайа-хото айааччы.
Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Руфов сыыспатах. Кини үтүө, сылаас сүрэҕинэн ырааҕы, дириҥи, үрдүгү көрөр улахан дьоҕурдаах уонна бэрт мындыр поэт диэн сыаналаах сыанабылын Иван Горнай дьоһуннаахтык толорор. Итини кини бэйиэмэлэрэ урукку-билиҥҥи олох араас өрүттэрин мындырдык, кырдьыктаахтык арыйалларынан, ордук эдэр ааҕааччыга бөлүһүөктүү муударай сүбэни биэртэлииллэринэн, тыллара-өстөрө уу сахалыытынан, ириипимэ эгэлгэтинэн киэркэйбиттэринэн, өс хоһоонунан өтүүлэммиттэринэн, сомоҕо домоҕунан соргуламмыттарынан, тутуллара уурбут-туппут курдук тупсаҕайдарынан толору туоһулууллар, бигэтик бигэргэтэллэр.
Киһи олоҕун оҕото салгыыр. Оттон суруйааччы олоҕо айымньытынан ордук уһуннук, киэҥник салҕанар:
Бу сиргэ мин аатым хаалар да буоллаҕына
Хоһооннорбор эрэ холбоһон хаалыаҕа.
Николай Островскайга, Эрилик Эристииҥҥэ уруулуу дьылҕалаах Иван Горнайга, баччааҥҥа диэри суон дурда, халыҥ хахха буолан кэлбит дьиэ кэргэн ийэтэ ыалдьан, кириисис кимиэллээхтик киирэр кэмигэр бэйиэт үлэлиирэ-айара уустугурда. Ол да буоллар, бэйиэт сүрэҕин төлөнүнэн, эр санаатын күүһүнэн, барҕа баҕатынан кынаттанан, талыллыбыт айымньыларын иккис туомун ситэри силиктээн таҥарыгар баҕарыаҕыҥ уонна эрэниэҕиҥ!
Иван ВИНОКУРОВ, филологическай наука кандидата.
ЫСПЫРААПКА:
Егоров Иван Николаевич – Иван Горнай 1935 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Горнай оройуонун Ньурбаҕанчына нэһилиэгэр элбэх оҕолоох колхуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини 1943 сыллаахха дьиэтиттэн уонча көстөөх сиргэ баар Өрт сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Бэһис кылааска Бэрдьигэстээххэ үөрэнэн иһэн, хараҕынан ыалдьан, биэс сыл устата дьиэтигэр олорорго күһэллибитэ.
1952 сыллаахха эрэ, оччолорго Мэҥэ -Хаҥалас Доллутугар баар көрбөт оҕолор оскуолаларыгар, соҕотоҕун айаннаан тиийэн, үөрэҕин салгыыр дьолломмута. Оттон орто оскуоланы 1958 сыллаахха Горнай оройуонугар бастакынан кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ уонна ол сыл Ленинградтааҕы Герцен аатынан пединститутка үөрэнэ, эмиэ соҕотоҕун айаннаабыта. Биллэн турар, онно барытыгар мэлдьи үтүө дьон көмөлөрө баар буолара.
Иван Горнай идэтинэн математика учуутала, сахалартан бастакы тифлопедагог. Көрбөттөргө Брайль систиэмэтинэн сахалыы алпаабыт ааптара. «Гражданскай килбиэн» бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. СӨ үөрэҕэриитин туйгуна. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Бэйиэт уонна публицист.
Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Иван Николаевич 1963 сылтан 1985 сылга пенсияҕа тахсыар диэри өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөт оҕолор оскуолаларыгар математика учууталынан үлэлээбитэ. Кини хас да үөрэнээччитэ кэлин үрдүк үөрэхтээх математик дьон буолбуттара. Иван Николаевич үлэлээбит сылларын устатын тухары оскуолаҕа естественно-математическай цикл учууталларын медотическай холбоһугун салайааччыта этэ, ону таһынан кини оҕолорго саахымат куруһуогун тэрийэн өр сылларга үлэлэппитэ, оҕолоро ол кэмҥэ куорат оскуолаларын икки ардыгар араас күрэхтэһиилэргэ үгүс ситиһиилэрдээх кытталлара.
Иван Егоров бастакы хоһоонун 1955 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ оскуола истиэнэтин хаһыатыгар таһаарбыта. Онтон ыла кини биирдиилээн-эмэлээн да буоллар, сорох-сорох хоһооннорун бэйэтэ айбыт алпаабытынан аналлаах тэтэрээккэ тэһитэ кэйэн сурунан иһэр идэлэммитэ.
Иван Горнай бастакы — «Мин өйдүүбүн» диэн бэйиэмэтэ 1986 сыллаахха, ааптар биэс уон саастааҕар, «Хотугу сулус» сурунаал бэһис нүөмэригэр бэчээттэммитэ. Бу бэйиэмэ, уоттаах сэрии сылларыгар Украина сиригэр охтубут убайын суруктарыгар олоҕуран, суруллубута, онно эмискэччи улуу дойду көмүскээччитэ буолбут эдэркээн саха уолун олоххо, сэриигэ сыһыана уустаан-ураннаан көрдөрүллүбүтэ. Ол даҕаны быһыытынан буолуоҕа, кинини филологическай наука доктора П. Максимова, саха поэзиятын туһунан ыстатыйатыгар, «Яркими самобытными явлениями в истории якутской поэмы второй половины двадцатого века, можем называть лирико-публицистические произведения …, Ивана Горного поэму «Я помню»..,”,— диэн бэлиэтээн ааспыта.
Поэт Иван Горнай саха литературатыгар киирбитэ отут сылын туолуутугар түөрт уонча бэйиэмэни уонна сүүһүнэн хоһооннору айан кэллэ. Онно барытыгар уларыта тутуу омсолоох өттүлэрин быһаарыы, күннээҕи кыһалҕаны туоруурга күүс-көмө буолуу, саха омук сайдыытыгар сөптөөх суолу тутарыгар сүбэ-ама биэрии курдук элбэх боппуруостар таарыллаллар.
Суруйааччы кинигэлэрэ: 1. «Мин көрөбүн сүрэхпинэн» 1991 с. Горнай оройуонун типографията. 2. «Араас сыллар – араас тыллар» 1993 с. “Ситим” издательство. 3. «Дохсун кэм дуораана» 1995 с. «Сахаполиграфиздат». 4. «Сибэккичээн» 2000 с. «Бичик». 5. «Олоҥхо дойдута» 2003 с. «Бичик». 6. «Тойуксут туруйа» 2005 с. «Бичик». 7. «Айылҕа уонна олох» 2010 с. «Бичик». 8. «Муҥур үйэ муудараһа» 2014 с. «Алмас». 9. «Сарсыардааҥҥы санаалар, киэһээҥҥи кэпсээннэр» 2015 с. «Бичик». 10. «Остуоруйа уонна история» 2016 с. «Бичик».