Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 54 оҕо саада тутулла турар. Ол иһигэр инвестиционнай бырагырааманан – 2, судаарыстыба уонна чааһынайдар бииргэ үлэлээһиннэринэн – 16, «Мин Сахам сирэ – XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсаааһынынан – 36 оҕо саада тутуллуохтаахтар. Бу сыл бүтүүтэ 8 эбийиэк олоххо киириэхтээх. Оттон эһиил бу хамсааһынынан өссө 29 оҕо саадын киллэрэр былааннаахтар.
Бу кэнники түөрт сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 102 оҕо саада тутуллан үлэҕэ киирдэ, 24 тыһ. тахса миэстэ арылынна. Үөрэх миниистирэ Феодосия Габышева бэлиэтииринэн, билигин оҕону икки ыйыттан саҕалаан 3 сааһыгар диэри көрүү сыыйа киирэн барыахтаах. Билигин оҕо саадыгар 1,5 сааһыгар диэри учуокка турбут 11085 оҕо баар, онтон балтараатыттан үс сааһыгар диэри – 12379 оҕо.
Оҕо саадынан хааччыллыы боппуруоһун Ил Түмэҥҥэ көрүү кэмигэр Феодосия Васильевна иһитиннэрбитинэн, аҥаардас оҕо саадтарын тутуунан эрэ муҥурдаммакка, кыра оҕону көрүү кииннэрин тэрийии, судаарыстыба уонна чааһынайдар бииргэ үлэлээһиннэрин сайыннарыы, чааһынай оҕо саадтарын арыйыы курдук атын барыйааннар эмиэ үөрэтиллиэхтээхтэр.
Судаарыстыба уонна чааһынайдар бииргэ үлэлээһиннэрин хайысхатынан быйыл барыта 16 дуогабар түһэрсиллибит. Ол курдук, 240 миэстэлээх оҕо саадтара Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ, Майаҕа, Аллараа Бэстээххэ, Бороҕоҥҥо тутуллуохтара. Ленскэйгэ 315, Бүлүүгэ 200 миэстэлээх тутуулар үлэҕэ киириэхтэрэ. Ону таһынан Төҥүлү, Баатаҕай, Ытык Күөл кырачааннара 140 миэстэлээх дьиэлэниэхтэрэ. Алдан Хатыстыырыгар, Анаабыр Сааскылааҕар 98 оҕо сылдьар дьиэтэ тутуллуоҕа. Орто Халыма, Уус Алдан, Амма улуустарыгар түөрт 75 миэстэлээх оҕо саада былааннанан турар. Манна барытыгар 3,6 мөл. солк. көрүлүннэ.
Былаан быһыытынан, «Алмаасэргиэнбааны» кытары дуогабар түһэрсиллэн Ленскэй, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Амма, Алдан, Дьааҥы, Анаабыр, Орто Халыма, Аллараа Халыма улуустарыгар оҕо саадтар тутуллуохтаахтар. Дьокуускай куоракка «Газэнергомонтаж» диэн тэрилтэни кытары сөбүлэҥ түһэрсэн биэс оҕо саада үлэҕэ киириэхтээх.
Манна даҕатан, оскуолалар тутууларын туһунан кылгастык этэн аһардахха, кэнники түөрт сыл иһигэр барыта 47 оскуола тутулунна. Ол эрээри иккис сменаны суох оҥорууга өссө 231 оскуоланы тутуохха наада.
Дьокуускай куоракка, былаан быһыытынан, кэлэр сылларга 203 оройуоҥҥа «Айыы Кыhата», Яков Потапов аатынан уулуссаҕа 25-с нүөмэрдээх, ДСК-каҕа – 6-с нүөмэрдээх, «Сосновай бор» сиригэр Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолата тутуллуохтаахтар.
Ил Дархан мунньах түмүгэр тутуу хаачыстыбатыгар, болдьоҕор ураты болҕомтону уурарга эттэ. Ону таһынан тутуулара тохтоон турар эбийиэктэргэ эбии үбүлээһини көрөргө, «үтүө дьыаланан» тутуллубут оҕо саадтарын техническэй базаларын хаҥатарга сорудах биэрдэ.
Аграфена КУЗЬМИНА.