Түөрт атахтаах саҥарбат ыарыһахтары эмтиир бэтэринээр уол

30.04.2017
Бөлөххө киир:

Сыл ахсын муус устар ый бүтэһик өрөбүлүгэр Бэтэринээрийэ бырааһын күнэ бэлиэтэнэр. “Норуоттар икки ардыларынааҕы” дэнэр. Оттон Россияҕа бэтэринээрдэр идэлээх бырааһынньыктарын атырдьах ыйын 31 күнүгэр ылаллар. Инньэ гынан, бастакыта халандаарга эрэ суруллар курдук даҕаны буоллар, Дьокуускай куораттааҕы дьиэ кыылын-сүөлүн эмтиир балыыһа хирург-бырааһа Андрей Николаевы көрсөн, бэтэринээрийэ туһунан кэпсэттим.

Василий НИКИФОРОВ,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


— Андрей Аркадьевич, бэтэринээр идэтин түбэһиэх талбатах буолуохтааххын?

— Мин Ньурба Күндээдэтигэр төрөөбүтүм. Тыа сирин оҕотун сиэринэн, төрөппүттэрим эбэм саҕалаабыт-олохтообут “Сандалы” бааһынай хаһаайыстыбатыгар элбэх сүөһүлээх, сылгылаах буоланнар, ас-үөл хантан хайдах кэлэрин эппинэн-хааммынан билэн улааппытым. Кырабыттан дьоммор көмөлөһөн, сүөһү-сылгы көрсөрүм, оттоһорум. Онон дьиэ кыылыгар-сүөлүгэр чугас буоламмын, оскуоланы 2003 сыллаахха бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитим. Онтон салгыы Бүрээтийэтээҕи судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэн, бэтэринээр-быраас идэтин ылбытым.

 — Үлэ буларгар уустук этэ дуо?

— Өссө дипломнай үлэбин оҥоро сылдьан, резюмебын биэрбитим. Онон үөрэхпин бүтэрээт, Дьокуускай Мархатыгар миэстэ тахсыбытыгар үлэлии киирбитим. Онно биэс сыл бэтэринээрдээн баран, манна төрдүс сылбын үлэлии сылдьабын. Кэлин сарбыйыы бөҕө буолан, саҥа бүтэрбит эдэр исписэлиистэргэ миэстэ дэбигис көстүбэт буолла.

— Эһиги хас буолан үлэлии сылдьаҕыт?

— Штат быһыытынан сэттэ быраас көрүллэригэр сэбиэдиссэйдиин алта буолан үлэлии сылдьабыт.

— Үлэҕин сөбүлээтиҥ дуо?

— Үлэлииргэ интэриэһинэй гынан баран, хамнаспыт кыра…

— Куорат сиргэ “пациеннаргыт” диэн үксэ ыт-куоска буоллахтара?

— Кырдьык, куорат ыалларыгар ыт, куоска хара баһаам. Олор бары биһиэхэ кэлэллэр. Итиэннэ Сайсары, Көтөр фабрикатын уонна Пригород түөлбэлэригэр мунньан-тараан 120-чэ ынах сүөһү баар. Коза даҕаны сылтан сыл эбиллэ турар. Дьиэ көтөрдөрө эмиэ биһиэттэрэ. Биһиги балыыһабыт дьон иитэр улахан да, бытархай да кыылын-сүөлүн эмтээһиҥҥэ уонна ыарыыттан сэрэтиигэ үгүс ахсааннаах өҥөнү оҥорор. Сүрүн сорукпут: киһиэхэ уонна кыылга-сүөлгэ кутталлаах сыстыганнаах ыарыылар көбөн тахсан тарҕамматтарын хааччыйыы.

— Луохтуур хараҕынан көрдөххүнэ, эһиги идэҕит туох уустуктааҕый?

— Уонча сыл үлэлээбит уопуппар олоҕуран эттэхпинэ, биһиги идэбитигэр саамай уустуга уонна суолталааҕа – ыарыы төрдүн-төрүөтүн быһаарыы, ол эбэтэр диагноһы таба туруоруу. Биллэн турар, ыт, куоска саҥарбаттар уонна ол курдук сымыйалаабаттар. Ол иһин дьиэ кыылын сыныйан көрүү уонна хаһаайына тугу кэпсиирин болҕойон истии эрэйиллэр. Ити эрээри, сүрүннээн, хайа баҕарар түгэҥҥэ бэйэҥ билиигэр, уопуккар уонна интуицияҕар тирэҕирэриҥ ордук.

— Чуолаан, ханнык ыарыы киэҥник тарҕаммытый?

— Статистика көрдөрөрүнэн, ыттар үксүгэр венерическэй саркоманан ыалдьаллар. Ол “ыарыһахтар” баһыйар өттүлэрэ эдэрдэр, 2-4 саастаахтар. Үгэс курдук, дьиэ ыттара дьэллик ыттартан сутуллаллар. Хаһаайыттара эрдэ аҕалан көрдөрдөхтөрүнэ, химиялаан эмтээн үтүөрдэбит. Аһара баалаабыт буоллаҕына, кыайтарбат. Энтерит диэн ыарыы эмиэ киэҥник тарҕанан, кыыллары эрэйдиир. Кэлиҥҥи кэмҥэ тыһы ыттар эмиийдэригэр искэн тахсар түбэлтэтэ элбээтэ. Оттон атах тостуутугар уонна маатканы ылыыга эпэрээссийэни ааҕан сиппэккин…

— Ыты эбэтэр куосканы иччилэрин көрдөһүүлэринэн “утуталлар” дииллэр.

— Аһара сааһырбыт уонна ыараханнык ыалдьыбыт кыыллары аҕаллахтарына, укуол оҥорон “утутабыт”.

— Андрей Аркадьевич, киин куоракка дьэллик ыттары тутан хаайан, баҕалаах дьоҥҥо биэрэр эбэтэр  “дьаһайар” буолуохтарыттан ыла үлэҕит чэпчээтэ дуо?

— Мин санаабар, син биир. Үлэбит көҕүрээбэтэ. Дьэллик ыттар бааллар. Кырдьык, Дьокуускай киинигэр көстүбэттэр быһыылаах. Мин үлэм уонна  дьиэм таһыгар сылдьыбыттарын курдук сылдьаллар.

— Балыыһаҕыт ханан баарый?

– Биһиги балыыһабыт Сайсарыга Чехов аатынан уулусса 66-с №-гэр турар дьиэҕэ баар. Түгэнинэн туһанан, киин куорат олохтоохторо иитэр кыылларыгар, көтөрдөрүгэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһалларыгар баҕарабын уонна ыалдьыбыттарын уорбалыы санаатахтарына, тута биһиэхэ кэлэн  көрдөрөн эмтэтэллэригэр ыҥырабын. Биллэрин курдук, ыарыыны эмтиирдээҕэр эрдэттэн бохсор, сэрэтэр чэпчэки. Онон, кэмиттэн кэмигэр быһыы туруортараргытын умнумаҥ!

Эдэр бэтэринээр хирург-быраастыын кэпсэтиибин түмүктээн эттэхпинэ, “Быраас киһини, оттон бэтэринээр киһи аймаҕы эмтиир” дииллэр, онон Андрей Николаевичка Дьокуускай куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын ыарыыттан араҥаччылыы сылдьар тыын эппиэттээх үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Василий НИКИФОРОВ,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0