Ыт туһунан төһө билэҕин?
Ыт сыла иһэр. Оттон биһиэхэ, мэлдьи да буоларын курдук, уулуссаҕа мэнээктээбит дьэллик ыттарбыт айдааннара кэмиттэн-кэмигэр күөрэйэн тахсаллар.
Дьиҥэр, итиннэ икки атахтаах буруйдаах. Тоҕо? Ыты иитэ ылан баран, салҕан быраҕан кэбиһии, аһатары, күүлэйдэтэри сүрэҕэлдьээн кыйдаан ыытыы, о.д.а. кэккэ биричиинэ элбэх. Ити барыта ыт мэнээктээһинигэр тиэрдэр. Оттон эппиэтинэскэр ылбыт буоллуҥ да, тыыннаах дууһаны атаҕастаабакка көрүөхтээх эбээһинэстэнэри, тоҕо эрэ, киһи эрэ барыта ылыммат курдук.
Өйдөөн көрүҥ, ыт иччитигэр хайдахтаах бэриниилээҕин, хайдахтаах харабылын, булчутун, эрэллээх доҕор буоларын, оннооҕор алдьархайтан, өлөр өлүү айаҕыттан быыһыырын.
Хорсун-хоодуот доҕоттор
Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр 60 тыһыынча ыт сулууспалаабыт. Кинилэртэн барыта 168 этэрээт тэриллибит.
Сталинград анныгар, сэрии хонуутугар, ыттар утары сүүрэн иһэллэрин көрдөхтөрүнэ, өстөөх тааҥкалара куотар аакка баралларын туһунан интэриниэккэ суруллар. Оннук камикадзе ыттар Аҕа дойду сэриитигэр 300-тэн тахса өстөөх тааҥкатын умаппыттара биллэр. Дина диэн ыт фашистар бронепуойастара ыган кэлиитигэр, рельсэҕэ миинэ быраҕаат, туора ойбутун туһунан сөҕөн-махтайан суруйбуттара баар.
15 тыһыынчаҕа чугаһыыр көлө ыттара кыһын наартанан, сайынын тэлиэскэнэн сэрии уоттаах хонуутуттан 700 тыһыынчаттан тахса ыараханнык бааһырбыт саллааттары таһаарбыттар. 3500 тонна сэрии сэбин араас бойобуой чаастарга тиэрдэргэ көмөлөспүттэр.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Сергей Соловьев (Тюмень) суруйбутуттан быһа тардан билиһиннэрэбит.
—Ууну-уоту ортотунан санитар ыттар сүүрэллэрэ. Бааһыран сытар байыаска эмтээх суумканы сүкпүтүнэн сыылан тиийэллэрэ. Саллаат бэрэбээскилэнэн бүттэҕинэ, суумкаларын соһон салгыы бараллара. Чысхааннаах тымныыларга бааһырбыт байыаһы тоҥмотун диэн аттыгар арахпакка сыталлара. Итэҕэйэргит дуу, суоҕа дуу, саллаат өллөҕүнэ, ыттар ытаан муҥнаналларын уу харахпынан көрбүтүм…
Сорудаҕы толорон араас кистэлэҥ суругу-бичиги таһар ыттар (связистар) 120 тыһыынчаттан тахса бойобуой сорудаҕы толорбуттара биллэр. Берлинтэн Нью-Йорка диэри 6 500 км. буоллаҕына, бу түөрт атахтаах доҕотторбут төлөпүөнүнэн сибээһи олохтуурга 8 тыһыынча км боруобаты сиринэн тардарга көмөлөспүттэр.
Бэл, ыараханнык бааһыран бараннар, сорудахтарын тиһэҕэр тиийэ толорон тэйэллэрэ сөхтөрөр. Альма диэн ыт сорудахха сүүрэн истэҕинэ, фашист снайпера кулгааҕын курдары ыппыт. Ыт онно тохтооботоҕор, аны, сыҥааҕын үлтү ыппыт. Альма барахсан ол үлүгэрдээҕи тулуйан, суһал наадалаах бакыаты тиэрдэн тэйбит.
Дьону быыһаабыт дьоруой ыттар
2001 с. балаҕан ыйын 11 күнүгэр Нью Йорка террористар былдьаабыт самолеттарынан аан дойдуга аатырбыт «игирэ» эргиэн кииннэригэр түһэн үлтү тэптэрбиттэрэ саныахха билигин ыарахан.
Бу аана суох алдьархайга дьоруойдуу быһыыны оҥорбут дьону сэргэ, хараҕа суохтар илдьэ сылдьыбыт ыттара эмиэ дьоннору быыһаан хорсуннарын, булугас өйдөөхтөрүн көрдөрбүттэрэ.
Ол курдук, хараҕынан көрбөт программист Омары 71-с мэндиэмэнтэн түөрт саастаах Дорадо диэн ыта быыһаабыт. Дьиэ эстэн, умайан барбытыгар бу хараҕынан көрбөт киһи илиитин иминэн остуолун анныгар сыппыт ытын сүөрэн, баҕар тыыннаах хаалыа диэн ыытан кэбиспит. Ыта ханна эрэ сүүрэн бара сылдьыбыт уонна тута төннөн кэлэн хаһаайынын муннунан үтэн, таҥаһыттан тардыалаан аварийнай ааҥҥа илдьибит. Онно Омар начаалынньыга утары кэлэн көмөлөспүт. Дьоруой ыт буруо быыһынан дьону батыһыннаран элбэх киһини быыһаабыт.
Бу иэдээнтэн лабрадор-ретривер Розелла эмиэ хараҕынан көрбөт хаһаайынын Майкл Хингсоны 78-с мэндиэмэнтэн таһаарбыт. Лабрадор Джейк эмиэ дьону быыһааһыҥҥа көмөлөспүт.
Итэҕэл диэки иэҕилиннэххэ
Өбүгэлэрбит тутуһан кэлбит итэҕэллэрин билэрбит ордук буолуо.
Ол курдук, ыты ыһыахха букатын сырытыннарыа суохтаахпыт.
Ыты кырбаабаттар, атаҕастаабаттар. Ыты ытатар аньыы.
Ыты өлөрбүт киһи “киртийэр”.
Ыт улуйарын сөбүлээбэттэр, аньыыргыыллар. Куһаҕаны биттэнэр диэн этэллэр.
Идэһэ кэмигэр ыт чугаһаатаҕына, ыйдаан-хайдаан үүрбэккэ, төттөрүтүн кыратык бэрсэр куолу. Ыт наһаалыа суоҕа, сөптөөх нуоруматын ылан баран барыаҕа.
Ымыылаах ыт абааһыны, куһаҕан тыыны үүрэр, үтүрүйэр.
Ыт оҕо оронун анныгар киирэн сыттаҕына, оҕону харыстыыр диэн этэллэр.
Ыт оҕо кутун тардар диэн өйдөбүл баар.
Бу — интэриэһинэй
МКФ бэлиэтииринэн, аан дойдуга 400-тэн тахса араас боруода ыт баар. Аны туран, учуонайдар ыты бөрөттөн, шакалтан (собулҕанан аһылыктанар сиэмэх кыыл) төрүттээх дииллэрэ эмиэ баар.
Дьикти булумньу
Усуйаана оройуонугар, Тумакка, 2011 с. эспэдьииссийэ дьоно мууска хам тоҥмут былыргы үйэтээҕи ыт өлүгүн булбуттар. Бу туһунан интэриниэккэ суруллан турар.
Учуонайдар үөрэтэн, чинчийэн, бараннар бу 12 тыһыынча сыл анараа өттүнээҕи ыт оҕотун өлүгэ буоларын быһаарбыттар. Түөрт сыл ааспытын кэннэ эмиэ онно, бастаан булбут сирдэриттэн икки миэтэрэ тэйиччи, аны, иккис ыт оҕотун өлүгүн булбуттар.
Быһааран суруйбуттарынан, уопсай көрүҥүнэн бөрөттөн кыра, аһыыта адьырҕаттан мөлтөх, тилэҕэр үрүҥ түүлэрдээҕэ ыт буоларын биллэрэр, онон-манан бэйэтин түүлэрэ хаалан хаалбыттар эбит. Ыты дьиэҕэ иитии ити кэмтэн саҕаламмыт буолуон сөп курдук диэн сабаҕалаабыттар.
Сүүнэ доҕоттор
Тибет мастивын сүүнэ ытынан билинэллэр. Кинини сэргэстэһиннэрэ, кане-корсо, ирландия волкодавын, о.д.а. ааттыахха сөп.
Холобур, Джордж диэн ааттаах ньиэмэс дога эмиэ улахаттарга киирэн турар. Ол курдук, түөрт эрэ саастаах Джордж арҕаһынан 111 см үрдүктээх, 110 киилэ ыйааһыннаах эбит. Хаһаайыттар ыттара улааппытын кэннэ, кыбартыыраларын эмиэ улаатыннарарга, кэҥэтэргэ күһэллибиттэр.
Наһаа кыралар
2014 сыллаахха Пуэрто-Рикоҕа олорор Милли диэн ыты (боруодатынан чихуахуа) саамай кыра ыт диэбиттэр. Барахсан баара-суоҕа 9,65 см эрэ.
Өссө наһаа кыра Сильвия диэн йорк баар буола сылдьыбыт. 1945 сыллаахха, баара-суоҕа икки эрэ сааһыгар өлөөхтөөбүт. Арҕаһынан үрдүгэ 6,3 см, муннуттан кутуругун төрдүгэр тиийэ уһуна баара-суоҕа 9,5 см., онтон ыйааһына 113 кыраам эрэ эбит.
Сэдэх боруодалар
Ксолоитцкуинтли эбэтэр шолоитцкуинтли (мексиканская голая собака) диэн боруоданы киэн тутта ааттыыллар. Дьэ, бу бэйэлээх дьиибэлээх ыппыт киһиэхэ да ааттаах доҕор, булка да бастыҥ буолар эбит. Ол эрээри, маннык ыттар барахсаттар биһиги тымныыбытын хайдах тулуйуохтарай.
Салюкалар. Бу дьикти ыттары тааска, пирамидаларга ойуулаабыттарын көрүөххэ сөп дииллэр. Аны туран бу ыттары фараоннары (хаһаайыннарын) кытары бииргэ көмпүттэрин эмиэ булаталыыллар эбит.
Китайская хохлатая, эмиэ дьикти-дьиибэ ыт. Төбөтүгэр, кутуругар уонна атаҕыгар түүлээх. Итинник кыраһыабайын атыҥырыы көрүмэ. Бу боруодалар наһаа өйдөөхтөр, наһаа сыыдамнар, кэрэлэр уонна мэниктэр диэн бигэргэтэллэр.
Көрөргүт курдук, ыт арааһа, өйдөөҕө, дьиктитэ, кыраһыабайа, бэриниилээҕэ… Киһи аахтар ааҕа, иһиттэр истэ туруох устуоруйата элбэх. Онон, бэриниилээх доҕорбут сыла иһэринэн, бэйэҕит ииппит, батыһыннаран илдьэ сылдьыбыт уратылаах түөрт атахтаах доҕоргут туһунан суруйуҥ.
Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: интэриниэттэн.