Түргэн уонна хаачыстыбалаах мэдиссиинискэй көмө туһунан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сорох дьон мэдиссиинискэй көмөнү оҥорууга араас түбэлтэҕэ түбэһэр. Кэмигэр тустаах ыйыыны-кэрдиини ылбакка, балыыһаҕа киирбэккэ, босхо мэдиссиинэттэн аккаас кэлиитэ, эмп тиийбэт буолуута, балыыһаҕа көрүү-истии чааһыгар боппуруостар сытыытык тураллар.

Бу түгэҥҥэ пациент мэдиссиинэ тэрилтэтин салайааччытыгар тиийэр, салайар биэдэмистибэҕэ сурук ыытар, оннооҕор суукка тиийэр түбэлэтэлэр да бааллар. Бу дьайыылар сөптөөхтөр, ол эрээри наадалаах түмүккэ сороҕор тиэрдибэттэр: суругу өр көрөллөр, атын сиргэ аныыллар уо.д.а.

Мэдиссиинискэй страхование Бүтүн Арассыыйатааҕы сойууһун сэбиэтин чилиэнэ Надежда Гришина этэринэн, маннык түбэлэтэлэргэ страховой мэдиссиинискэй тэрилтэҕэ тиийэр ордук эбит. «Хаачыстыбалаах уонна босхо мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанар быраап, страхование өттүгэр пациеннар бырааптарын уонна интэриэстэрин көмүскүүр — бу сокуонунан бигэргэтиллибит нуорма. Манна көрсүбүт кыһалҕалары быһаарыы босхо оҥоһуллар. «Развитие системы оказания первичной медико-санитарной помощи» диэн федеральнай бырайыак баар, бу чэрчитинэн дьыала суукка барыан иннинэ быһаарылларын көрүөххэ сөп», — диэн эспиэр этэр.

Онон бүгүҥҥү күҥҥэ хас биирдии ОМС полистаах киһи мэдиссиинэ тэрилтэтин кытта тахсыбыт кыһалҕатын официальнайдык уонна айдаана суох быһаарсар кыахтаах диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0