Ахсынньы саҥатыгар суруйааччылар Гаврил Андросов уонна Рустам Каженкин Бакуга түүр тыллаах эдэр бэйиэттэр норуоттар икки ардыларынааҕы көрсүһүүлэригэр баран кэллилэр.
Кинилэр Норуоттар икки ардыларынааҕы түүр эдэр суруйааччыларын сэбиэтин ыҥырыытынан барбыттар. Бу сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Акбер Гошалы алтынньыга “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээлгэ кэлэ сылдьыбыта, онон бу үлэ биир түмүгэ диэн этиэххэ сөп.
Бакуга Казахстантан улахан дэлэгээссийэ кэлбит, Узбекистантан, Татарстантан, Кыргызстантан, Турцияттан уонна Саха сириттэн эдэр бэйиэттэр кыттыбыттар. Биир сүрүн соругунан, казах литературатын антологията азербайджан тылынан тахсыбытын сүрэхтээбиттэрэ буолар.
Ону тэҥэ Сунгаи куоракка бастакы бэрэсидьиэннэрэ Гейдар Алиев аатынан кииҥҥэ, Поэзия дыбарыаһыгар, Бэчээт дьиэтигэр, Литература институтугар, Национальнай наука академиятыгар, о.д.а. сырытыннарбыттар. Поэзия киэһэтин тэрийэн ыыппыттар.
Саха сирин суруйааччыларын иһинэн үлэлиир Эдэр литератордар сэбиэттэрин салайар Рустам Каженкин :
—Мин бэйэм тутулуга суох түүр судаарыстыбалара хайдах олороллорун, бэйэ-бэйэлэрин кытары хайдах алтыһалларын, сахаларга төһө чугастарын көрөр-билэр санаалаах барбытым. Азербайджанецтар ыалдьытымсахтарынан, култуурунайдарынан, сайаҕас майгыларынан сахаларга майгынныыллар эбит диэн түмүккэ кэллим. Интэлигиэннэрэ тылга, литератураҕа олус харыстабыллаах, ытыктабыллаах сыһыаннаахтар. Дэлэҕэ да Поэзия дыбарыаһа, Литература института диэн баараҕай уораҕайдары тутан үлэлэтиэхтэрэ дуо? Поэзия дьиэтигэр Османскай империя саҕаттан бары суруйааччыларын мэтириэттэрэ ыйанан тураллар. Оҕоҕо аналлаах литература элбэх. Интэриэһинэйэ диэн, арыгы атыыланар эрээри, биир да холуочук киһини көрбөккүн. Хайдах эрэ олус холку тэтимнээхтэр, туохха да ыксаабаттар.
Татаардар, узбектар, кыргызтар, азербайджанецтар, туроктар, казахтар тылларын аҥарын өйдөһөллөр, тылбаасчыта суох кэпсэтэллэр. Сахалары олус интэриэһиргииллэр, хотугу түүрдэр диэн билинэллэр, ыкса билсиэхтэрин баҕараллар. Ол гынан баран, саха суруйааччыларын айымньыларын билбэттэр. Онон хардарыта үлэлэһии, тылбаастаһыы наада. Сахалары көрдөрөн, билиһиннэрэн кэллибит, бииргэ үлэлэһэргэ кэпсэтиилэри ыыттыбыт. Көрсүһүү кэмигэр биир кыттааччы: “Биһиги норуоттар икки ардыларыгар ситимниир далаһа буолабыт” диэн эппитин сөбүлээбитим. Кырдьык, духуобунай, култуурунай ситимтэн норуоттар доҕордоһуулара үөскүүр, бөҕөргүүр. Маннык көрүҥнээх тэрээһиннэри Саха сиригэр эмиэ ыытыахха сөп эбит диэн санааҕа кэллим.
Оттон Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов этэринэн, бу омуктар уопсай түүр литературата баар буолуон баҕараллар. Хас да учуонай, суруйааччы саха литературатын интэриэһиргээн чинчийиигэ, ырытыыга, тылбааска үлэлэһэр баҕалаахтарын биллэрбиттэр.
—Татаар, кыргыз литератураларын антологиялара сахалыы тылынан тахсыбытын курдук, атын да омуктар киэннэрин биир сиэрийэнэн таһаарыахха сөп эбит. Оннукка икки тылынан тахсара өссө ордук. Биһиэхэ түүр тыллаах исписэлиистэр, тылбаасчыттар тиийбэттэр. Кинилэри үүннэриэхпитин наада. Холобур, башкирдар, татаардар билигин Литературнай институкка тылбаасчыттар бөлөхтөрүн арыйан үөрэттэрэ сылдьаллар. Тылбаас эрэ баар буоллаҕына, саха литературата, норуот духуобунай кылаата, өркөн өйүн сүмэтэ аан дойдуга тахсар кыахтаах. Онно маннык курдук кэпсэтиилэр, көрсүһүүлэр наадалар, — диэн кини этэр.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru