Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир саамай кэрэ-мааны – ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут Хаатылыма сиригэр, быйыл, от ыйын 2 күнүгэр, Тыыллыма нэһилиэгэ төрүттэммитэ 200 сылыгар уонна Саха АССР 100 сылыгар аналлаах үс нэһилиэк холбоһуктаах үбүлүөйдээх ыһыахтара буолаары турар, күндү ыалдьыттарын күүтэр.
Тыыллыма нэһилиэгин олохтоохторо үбүлүөйдээх Үрүҥ Тунах ыһыаҕы чуолаан Хаатылымаҕа ыытарга сүбэлэспиттэрэ оруннаах. Устуоруйа кэпсииринэн, I Тыыллыма — Лоомтука, II Тыыллыма —Хаатылыма уонна Ороссолуода урут бары биир Тыыллыма нэһилиэгэ этилэрэ. Тыыллыма нэһилиэгэ 1822 сыллаахха тэриллибит. Онно киирбиттэр: Ороссолуода, Илин Хаҥалас – Хоточчу, Хаптаҕай, I, II Дьөппөннөр. II Тыыллыма нэһилиэгэ 1847 сыллаахха тэриллибит диэн, нэһилиэк устуоруйатыгар аналлаах “II Тыыллыма нэһилиэгэ Хаатылыма” (“Көмүөл” изд. 2011с.) кинигэҕэ киирбит. Нэһилиэк бастакы кинээһинэн оччотооҕуга прогрессивнай өйдөөх-санаалаах Филипп Иванович Лепчиков эбит.
“…өбүгэлэрбит тыа сирдээн (Хаатылыма), дойду сирдээн (Өлүөнэ Эбэ быйаҥнаах кытыла Ороссолуода), тыйыс айылҕалаах хоту сир усулуобуйатыгар оҕустарбакка, мындырдык дьаһанан олорбуттара…”, — диэн суруллар кинигэҕэ.
—Бу саас дьоллоох Дьокуускай куоракка киирэн, биир дойдулаахтарбытын, Тыыллыма нэһилиэгиттэн төрүттээх дьоммутун ыҥыран, холбоһуктаах кэнсиэр оҥорбуппут. Онно сыал-сорук оҥостон, Тыыллыма нэһилиэгин 200 сылын бэлиэтииргэ ытык-мааны кырдьаҕастарбытыттан көҥүл ылбыппыт, — диир бу идиэйэни, холбоһуктаах ыһыаҕы ыһыыны көҕүлээбит Лоомтука баһылыга Константин Васильевич Лепчиков.
Кини этэринэн, ол саҕана, холобур, кулуба ханна олорор да, кинээс ханна олорор да, дьон онно тиийэн араас боппуруостарын быһаартарара. Бастакы кинээс Заболоцкай диэн араспаанньалаах эбит. Ол эрээри историческай докумуон көстө илик. “Кини ханна олорбута чуолкайа биллибэт…”, — диир Константин Васильевич.
Дьэ онон, манна, Тыыллыма нэһилиэгэр, сир ортотугар турар киин сиргэ, кэрэ айылҕалаах, бултаах-астаах, талааннаах дьоннордоох Хаатылымаҕа холбоһуктаах ыһыах, үөһээ эппиппит курдук, от ыйын 2 күнүгэр буолуоҕа.
ЫҺЫАХ
“Төрүт-Уус Дойдубут Тыыллыма” 200 сылыгар аналлаах Үрүҥ Тунах ыһыах бырагыраамата киэҥ, кэрэхсэбиллээх. Манна “Омоҕойтон утумнаах оһуохайбыт дьиэрэйдин” – үс көлүөнэ оһуохайы этиитин көрүү-истии, “Өбүгэм мааны таҥаһын өрө тутан” — дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥас куонкуруһа, “Ырыа ыллыгынан” – норуот ырыатын толорууга күрэхтэһиигэ ким баҕалаах барыта кыттар, оттон “Тыыллыма Кэрэ Куота” куонкуруска үс нэһилиэктэн бэлэмнэнэн кэлбит 6 кэрэ кыыс, “Тыыллыма Боотура” күөн-күрэскэ үс нэһилиэктэн 9 туруйа уол кытталлар. Кырачааннарга көрдөөх оонньуулардаах, күрэхтэрдээх “Оҕо түһүлгэтэ” үлэлиэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ “Саламааттаах сандалы” тардыллыаҕа, итиэннэ өбүгэ оонньууларыгар күрэхтэһиилэр, “Күрүө Дьөһөгөй” ат сүүрдүүтэ, о.д.а. сэргэх тэрээһин ыһыах ыалдьыттарын күүтэр.
Билигин хаатылымалар бука бары биир киһи курдук, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ, ыһыахха бэлэмнэнэллэр, баһылык Айсен Русланович Спиридонов, Култуура дьиэтин дириэктэрэ Фаина Петровна Спиридонова салалталарынан, үлэ күөстүү оргуйар. Лоомтукаҕа уонна Ороссолуодаҕа эмиэ оннук диэн сэрэйиллэр… Уус-уран салайааччы, хаатылымалар күтүөттэрэ Виктор Иванов-Сиэйэ Уолун кыһамньытынан, ыһыах култуурунай чааһа кэрэхсэбиллээх буолуо диэн эрэниэҕиҥ. Саха тапталлаах норуодунай артыыһа, I Тыыллыма нэһилиэгин Ытык киһитэ Аркадий Михайлович Алексеев холбоһуктаах ыһыахха кыттыыны ыла кэлэрэ күүтүллэр. Кэнсиэргэ өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк биллэр-көстөр, талба талааннаах ырыаһыттара, айдарыылаах артыыстара кыттыахтара.
АЙЫЫ БАЛАҔАНА
Хаатылымаҕа норуот күүһүнэн Айыы балаҕанын тутуу саҕаламмытын туһунан иһитиннэрэн турардаахпыт.
—Үбүлүөйдээх ыһыах кэмигэр Акция ыытыллыаҕа, онон, ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт, күндү ыалдьыттарбыт, бу акцияҕа көхтөөхтүк кыттан, тыа сиригэр Айыы балаҕанын тутууга ким төһөнү кыайарынан үбүнэн көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит, — диир Фаина Петровна.
ХХХ
“Эһээ, эбээ таптаан ааспыт,
Ийэ, аҕа олохсуйбут,
Кэрэ дойду Хаатылыма –
Сүрэх, дууһа тырым кыыма.
Кэрэ дойду Хаатылыма –
Сүрэх, дууһа тырым кыыма…”.
Суруналыыс, бэйиэт Уйбаан Айанаас маннык үтүө тыллардаах “Кэрэ дойду Хаатылыма” диэн бэртээхэй хоһоону суруйан хаалларбытыгар Сиэйэ Уола мелодия айан, иэйиилээх ырыа буолан, билигин ыраахха диэри көтө-дайа, дьону үөрдэ сылдьар.
Кэрэ дойду Хаатылыма ыһыах ыалдьыттарын күүтэр!
Хаартыскаларга: Үрүҥ Тунах ыһыахтар кэрэ кэмнэриттэн…
Татьяна МАРКОВА.
Дьэ онон, Тыыллыма нэһилиэгин ыһыаҕа күүтэр!