Төрүт тылга – күүстээх болҕомтону!

Ааптар: 
13.02.2020
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун Бахсы орто оскуолатын учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларын ассоциациятын салайааччы Жанна Барашкованы кытта төрөөбүт тыл кыһалҕаларын тула сэһэргэһэбит.

edersaas.ru

Ассоциация аатыттан туруорсабыт

— Жанна Федоровна, билигин саха тыла уонна литэрэтиирэтэ нэдиэлэҕэ хас чаас үөрэтиллэрий?

— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, 605 саха тылын учуутала баар. Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартынан хара маҥнайгыттан үөрэммит оҕолор билигин тохсус-онус кылааска тиийдилэр. Бэһис-алтыс кылаастарга 3 саха тыла, 2 литэрэтиирэ, сэттистэргэ-ахсыстарга 2 тыл, 2 литэрэтиирэ, тохсустарга-онустарга 3 тыл, онуска 3 литэрэтиирэ чааһа көрүллэр. Оскуолалар булгуччу мантан аҕыйатыа суохтаахтар.

— Төһө тутуһалларый?

— Сийиэс кэнниттэн тута сөрөөн, Уус Алдан, Чурапчы, Бүлүү бөлөх, уо.д.а. улуустарынан тыл диэки хайыһыы хамсааһына тахсыбыта. Кэнсиэпсийэ саҕана үлэлээбит, кэлин сууралла быһыытыйбыт тыл түмсүүлэрэ хат күөдьүйэн кэлбиттэрэ, атыттар саҥа тэриллибиттэрэ.

Маҥнайгы сылбытыгар кыһалҕа элбэх этэ. Күһүнүгэр Арассыыйа борокуратууратыттан бэрэбиэркэ кэлбитигэр сөп түбэһээри эбитэ дуу, сорох оскуолалар салалталара учууталлартан кылаас сурунаалын нууччалыы толорору ирдээбиттэрэ. Онно түмсүүлээх, тэрээһиннээх буолан, күүстээх утарсыыны оҥорбуппут. Дьиҥэр, үөһэттэн ирдэбил суоҕун үрдүнэн бэйэлэрэ, сэрэхэчийэн толорторо сатаабыттар. Итиннэ оччолорго миниистири солбуйааччынан олорбут Феодосия Васильевна Габышева, уопсай үөрэхтээһиҥҥэ салаа салайааччытын солбуйааччы Туйаара Семеновна Абрамова күүскэ үлэлэһэн, сахалыы суруллуохтаах диэн быһаарбыттара. Бэйэтин кэмигэр буккуур-тэккиир буолан, киэҥ үлэ барбыта.

Аны иккис сылбытыгар иккис омук тыла киириитигэр, саха тылын чааһыттан ылыаҕыҥ диэн сорох оскуолаларга кэпсэтии тахса сылдьыбыта. Тус бэйэбэр хас даҕаны учуутал төлөпүөннээбитэ, суруйбута. Төһө кыалларынан ханна тиийэр сирбитигэр туруорсуулаах суруктары ыыталаабыппыт.

Федеральнай биридимиэттэртэн (математика, нуучча тыла…) биири даҕаны көҕүрэппэттэр. Тоҕо диэтэххэ, биир кэлим эксээмэни туттараллар. Физкултуура уруогун чааһын эмиэ ылбаттар. Үөһэттэн аллараа диэки көрдөхтөрүнэ, саха тыла туһата суох биридимиэт курдук быһыылаах.

Үөрэххэ сыһыаннаах боппуруос үксүгэр күһүн күөрэйэр. Быйыл күһүн эрэ чааспын сарбыйан эрэллэр, хайдах гынабын диэн ыйытыы киирбэтэ, онон, оннун булбут курдук буолла.

Оскуола салайааччылара олус тиэтэллээхтэр. Тугу истэллэр да, ону тута олоххо киллэрэр мөккүөрдээхтэр. Холобур, биллэр төрүөтүнэн ханнык улууһун, оскуолатын ыйбаппын, 24 чаастаах учууталы ыҥыран ылан: “Эһиил эн 12 чааскын иккис омук тылыгар биэрэбит”, — диэн аһаҕастык эппиттэр. Санаан көрүҥ, төрөөбүт ийэ тылга сыһыан хайдаҕый, бу кэннэ?!… СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтиттэн кураатардарбыт ити боппуруоһу эмиэ сөптөөхтүк барытын быһаарбыттара. Ассоциация аатыттан РФ үөрэҕириигэ оччотооҕу миниистирэ Ольга Васильеваҕа тиийэ суруйбуппут. Киһи бэйэтин быраабын көмүскэнэн, ханна баҕарар суруйар кыахтаах. Иккис омук тылын санаа хоту киллэрэр кыаллыбат эбээт. Тоҕо диэтэххэ, үбэ-харчыта көрүллэ илик, анал учууталлар, үөрэх кинигэтэ ирдэнэр… Уопсайынан, онно суох дьаһаныы этэ.

Өссө биир түгэн баар. Биир кылааска төрөппүттэр ортолоругар ыйытык ыыппыттарыгар, түөрт аҥы (француз, кытай, ньиэмэс, кэриэй) тылы талбыттар. Биир оскуолаҕа оччо элбэх учууталы хантан булабыт? Ол аайы саха тылын чааһыттан ылар мөккүөрдээхтэр. Биһиги туох даҕаны көмүскэлэ суохпут. Талбыттарынан ылан сарбыйан кэбиһиэхтэрин баҕараллар.

“Сүүс аҥыы көрүүбүт атахтыыр”

— Ити төрүөтэ тугуй?

— Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр араас салайааччылартан, тэрилтэлэртэн саҕалаан, саха тыла сайдыан баҕалаах дьон олус элбэх. Ол эрээри, биир санаалаах үлэ барбат. Түмсүүбүт суох, биир тылга кэлбэппит. Сүүс аҥыы көрүүбүт атахтыыр. Дьиҥэр, бары ийэ тылбыт сайыннын диибит ээ. Ол гынан баран, төрөөбүт тылбыт туругурарын туһугар өрөспүүбүлүкэ иһигэр уһуйаантан үөрэх министиэристибэтигэр тиийэ биир ситимҥэ киирбит, биир кэнсиэпсийэлээх үлэ суох.

Биллэн турар, омук тылын билэр туох куһаҕаннаах буолуой. Баҕалаах, талааннаах оҕо салгыы сайдыахтаах. Эбиэттэн киэһэ үөрэх таһынааҕы чаастарга төһө баҕарар киллэрэн биэриэхтэрин сөп эбээт. Ол эрээри, күрүө намыһахтыы өрүү биһиги үрдүбүтүнэн бараллар.

Биһигиттэн бүтүн омук сайдыыта тутулуктаах

— Биир кэмҥэ саха тыла иккис суортаах уруок  эҥин диэн этиилэр күөрэйэ сылдьыбыттара.

— Мин санаабар, оскуолаҕа миэстэтигэр үлэлиир учууталтан, кини үлэтигэр хайдах сыһыаннаһарыттан тутулуктаах. Туох даҕаны кистэл буолбатах, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тылын, литэрэтиирэтин, устуоруйатын, тылын-өһүн, култууратын, суруйааччыларын айымньыларын тарҕатааччылар, норуот туһугар үлэлээччилэр – саха тылын учууталлара. Норуоту кытта чугас, саха омук оҕотун аан маҥнай илиибитигэр түһэрэн ылааччылар – биһиги. Биһигиттэн бүтүн омук омук быһыытынан тыыннаах хаалара тутулуктаах. Өскөтүн, оҕо оскуолаттан үөрүйэхтэнэн аахпатаҕына, суруйааччы айымньытын ким ааҕыай?! Саха литэрэтиирэтин билбэт буоллаҕына, тыйаатырга ким сылдьыай?! Ол иһин саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларыгар улахан болҕомто ууруллара ирдэнэр. Ис сүрэхтэриттэн төрөөбүт дойдуларын туһугар туруулаһар, чахчы үлэлиир дьон. Биир даҕаны тэрээһин биһигинэ суох ааспат, биир даҕаны ыһыах биһигини тумнубат. Атын биридимиэттэр учууталларын курдук уруогу  ыытыынан үлэбит бүппэт. Төрөөбүт тыл куппутугар-сүрбүтүгэр иҥэ сылдьар буолан, уруогу таһынан үлэбитин ааҕан сиппэккин, барытыгар эппиэтинэстээх курдукпут бу төрөөбүт норуоппут иннигэр.

“Глобализация илэ дорообото”

— Ханна баҕарар тиий, нууччалыы тыллаах оҕо үксээтэ диэн дьон дьаарханар.

— Улуус киинигэр эрэ буолбакка, тыа оскуолаларыгар нууччалыы тыллаах оҕолор оскуолаҕа киириилэрэ үгүстүк бэлиэтэнэр. Чахчы баар кыһалҕа. Ийэтэ, аҕата, эбээтэ, эһээтэ бары сахалыы саҥараллар эрээри, оҕолоро нууччалыы тылланар. Ону таһынан, ааҕылыйа тыла эмиэ олохпутугар киириэх курдук, ол холобурунан,  уһуйаан саастаах оҕолор күөх өҥү “blue” (блю) диир түбэлтэлэрэ баара кэпсээҥҥэ сылдьар. Билигин көрүдьүөс курдук иһиллэр гынан баран, кэлин өттүгэр кэмсиниэхпит турдаҕа.  Глобализация илэ дорообото ити быһыылаах. Тэлэбиисэр, төлөпүөн барыта нууччалыы тыллаах буолан, уһуйаан саастаах оҕо нууччалыы саҥарыыта сыллата элбээн иһэр. Ити көстүү улахан кутталлаах. Аны төрөппүттэрбит иллэҥэ суохтара бэрт дуу, хайдах дуу, дьиэ кэргэҥҥэ утары олорон кэпсэтии аҕыйаан иһэр.

Уонна, ордук куорат эргин сорох төрөппүттэр оҕолоро нууччалыы саҥардахтарына нууччалыы хоруйдууллар, эбээлэр-эһээлэр — биир оннук. Удьуор быстыыта итинтэн саҕаланар. Эдэр төрөппүт итини өйдүөхтээх.

Бутуйан саҥарар оҕону бобор-хаайар төттөрү дьайыан сөп, сэрэхтээх. Биллэн турар, оскуола оҕолоруттан ыраастык сахалыы саҥарыҥ диэн ирдиибин. “Тэтэрээт” диэн сахалыы тыл диэн мөккүһэр оҕолор бааллар. Ити курдук кэһиллии элбэх.

Мин учууталым Саха АССР үтүөлээх учуутала Варвара Григорьевна Слепцова-Санаа: “Аныгы оҕолор күннээҕи олохторугар араастаан  саҥардыннар, сөбүлүүллэрин таҥынныннар даҕаны. Ол гынан баран, кыһалҕа тирээтэҕинэ уу сахалыы эҕэрдэ, алгыс этэр, уот аһатары сатыыр, олоҥхо тылынан саҥарар гына бэлэмниэхтээхпит, өбүгэлэрин тыына уһуктуохтаах. Аныгы оҕону төрүттэрбит курдук күннээҕи олоххо уу сахалыы саҥардар кыаллыбат”, — диэн этиилээх этэ. Онон, модьуйан туһа суох. Оҕо сахалыы тыынын уһугуннаран, дьиҥ саха киһитэ оҥорорго дьулуһуохтаахпыт.

“Тыл – омук тыына”

— Оччотугар төрөппүт хайдах көмөлөһүөн сөбүй?

— Баар кыһалҕаны таба көрөн, олунньу 19-20 күннэригэр, норуоттар икки ардыларынааҕы да таһымнанаары гынна быһыылаах, “Тыл – омук тыына” диэн пуоруму тэрийэн эрэбит. Турцияттан, Белоруссияттан, Санкт-Петербуртан тиийэ исписэлиистэр кэлэллэр. Чурапчы улууһун үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Юрий Павлович Посельскай этии көтөҕөн, ыытан эрэбит. Тэрээһини чопчу төрөппүккэ, уопсастыбаннаска, учууталларга аныыбыт. Тус-туспа түһүлгэлэринэн барар. Саха биллиилээх дьоно, бөлөһүөктэр кыттыахтара. Чурапчыттан саҕалаан, бары улуустарга хамсааһын таҕыстар диэн баҕа санаалаахпыт.

Сахатытыыны оҕолор ылыналлар дуо?

— “Тэтэрээт” диэбиккэ дылы, сахатытыыны туох дии саныыгын? Оҕо, ыччат төһө ылынар?

— Тус бэйэм, омуктуу олохтоох тыллары олус сахатытары соччо ылыммаппын. Биллэн турар, ирдэбилинэн суруйабыт, үөрэтэбит. “Тыраахтар”, “уруучука”, “оскуола”, “куурусса” диэн былыр саҥа олоҕу, үөрэх тарҕаныытын кытта кэлбит тыллары, дьон түргэнник ылыммыта дииллэр. Сахалыы алпаабыт этэ, ол иһин олоххо түргэнник киирбитэ диэн эмиэ этэллэр. Билигин олус элбэх омук тыла киирэр. Ону барытын сахалыы табыгаһа суохтук сахатытан, тылбаастаан дуу саҥарарбыт хайдах эбитэ буолла…

Ол эрээри, ылынар оҕо ылынар. Холобура, “дьыктаан” диибит. Биирдэ эмэ умнан кэбиһэн “диктант” диэтэхпинэ, “дьыктаан” диэн бэйэбин көннөрөллөр. “Түһүк” эҥин диэни элбэх оҕо туттар. Ити үөрэх тыла буоллаҕа. Оттон, омуктан киирии тылы сахатытыыттан саха тыла байар диэн этэр кыаҕым суох.

»Сомоҕо-домох тылдьытын» курдук улахан, туһалаах тылдьыт суоҕа буолуо. Тоҕо ити курдук тыл баайа түмүллүбүт кинигэлэрин оскуолаларга “ыһан” кэбиспэттэрий?!

Алын кылааска оҕону олох үчүгэйдик ааҕарга, суруйарга үөрэтэр ирдэнэр. Бастакы кылаас оҕото ситэ аахпакка сылдьан этиини чилиэнинэн ырытара туохха туһалааҕый? Ол иһин төрөппүт саха тыла уустук диэни истэ-истэ, оҕотун нууччалыы кылааска үөрэттэрэ биэрэр дуу, дии саныыбын.

“Кэми кытта тэҥҥэ хардыылыахтаахпыт”

— Билигин болҕомтону туохха уурар эрэйиллэрий?

— Бастатан туран, хас биирдии учууталтан бэйэтиттэн тутулуктаах. Аныгы кэм сиэринэн, ИТ-эйгэ хото киирдэ. Эдэр учууталлар итиннэ киэҥник хардыылаатылар. Билигин атын биридимиэттэргэ, киһи ымсыырыах, араас видео-уруоктар бааллар. Cаха тылын, литэрэтиирэтин үөрэтиигэ ити итэҕэc диэн көрөбүн. Дьиҥэр, уонунан сыллар тухары учууталлар муспут матырыйааллара баһаам эбээт. Ону биир сиргэ түмэр ирдэнэр. Биһиэхэ бэлэм саайт оҥорон, манна киллэриҥ диэтэллэр, син хамсааһын тахсыах этэ. Учууталлар бэйэбит икки ардыбытыгар сүрдээх чэпчэки сыанаҕа араас үлэлэри атыылыыллара олус туһалаах. Онон олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырбыт ирдэнэр.

Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ салалтата бары саха тылын кыһалҕа оҥосторо, инники күөҥҥэ тутара, чорботоро, Арассыыйаҕа тиийэ көмүскүүрэ ирдэнэр. Башкирдар холобурдарын бэлиэтиэхпин сөп — кыра эрдэҕиттэн башкир тылынан дьарыктаммыт оҕоҕо, ону туоһулуур сэртипикээти биэрэр буолбуттар. Оччотугар бу оҕо үрдүк үөрэххэ киирэригэр чэпчэтиинэн туһанар. Биһиэхэ эмиэ ити курдук этиилэр уруккуттан бааллар эрээри, олоххо киллэрэ иликпит. Төһөлөөх элбэх тэрээһин буолла, өрүү бэйэбит испитигэр эрэ буһабыт-хатабыт. Чааспытын туруорустахха, “саха тыллара хамнастара кыччаары гынан, эмиэ айдааран эрэллэр” диир дьон бааллар.

Биһиги ийэ тылбыт, саха тыла сир үрдүттэн симэлийбэтин туһугар туруулаһабыт! Биир даҕаны чаас көҕүрээтэҕинэ, тута биллэр. Онон төрөөбүт тылга хаһааҥҥытааҕар да күүстээх болҕомтону уурар кэм кэллэ.

— Жанна Федоровна, кэпсээниҥ иһин махтал.

 

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0