Төрүт Сокуоҥҥа киирэр социальнай хайысхалаах уларытыылары өйүүбүн

Бөлөххө киир:

“Сахатранснефтегаз” каадыр бэлиитикэтин салаатын начаалынньыга, тэрилтэ бастакы сүһүөх  идэлээх холбоһугун бэрэссэдээтэлэ Моисей Ефимов Төрүт Сокуоҥҥа киирэр уларытыы туһунан санаатын үллэстэр.

edersaas.ru

 —1993 сыллаахха киирбит Төрүт Сокуон уустук кэмҥэ ылыныллыбыта. Онон итиннэ уларыйыы киирэрэ сөп дии саныыбын. Бу — кэм ирдэбилэ.  Уларыйыы-тэлэрийии тахсарын тухары баар сокуоннар көннөрүллэн иһиэхтэрэ.

Киирээри турар көннөрүүлэртэн социальнай хайысхалаах ыстатыйалары өйүүбүн. Нэһилиэнньэ социальнай харысхала Төрүт Сокуонунан бигэргэнэрэ, хамнас алын  кээмэйэ нэһилиэнньэ тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн  аччаабата  Төрүт Сокуонунан мэктиэлэнэрэ сөптөөх.

Куоластааһын күнэ ананнаҕына, норуот бэйэтин санаатын биллэриэҕэ уонна  куоластааһынынан Төрүт Сокуоҥҥа киирэр көннөрүүлэри  ылыныахпыт диэн эрэнэбин. 

Бэлэмнээтэ Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0