Төрүт сүөһү эстибэтин туһугар

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Эбээн Бытантай улууһугар  “Бытантай” диэн саха ынаҕын иитэр судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин үлэтин-хамнаһын билистэ.

edersaas.ru

Төрүт сүөһү эстибэтин туһугар туруулаһан үлэлиир “Бытантай” тэрилтэҕэ икки учаастагынан  236 саха сүөһүтэ, ол иһигэр 78 ыанар ынах баар. Баатаҕай Алыытыгар 120 миэстэлээх, толору хааччыллыылаах саҥа хотоҥҥо 2018 сылтан үлэлии олороллор. Нэһилиэнньэҕэ үүтү, сүөгэйи, эти атыылыыллар. Былааҥҥа бэйэ оҥорон таһаарар сыаҕын тутуу баар.

Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска Эбээн Бытантай улууһун «Бытантай уоттара» хаһыатыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0