Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ Төрүт олохтоох норуоттар аан дойдутааҕы күннэрэ бэлиэтэнэр.
Бырааһынньык араас омук дьоно национальнай таҥастарын таҥнан, киин куорат устун сэлэлээн хаамыыларынан саҕаланна.
Бу бырааһынньык Саха сиригэр норуоттар сомоҕолоһууларын быһыытынан бэлиэтэнэр.
Үгэс буолбут аҕыйах ахсааннаах норуоттар «Кочевье» бырааһынньыктарыгар Дьокуускайга олорор национальнай култуурунай общиналар, уопсастыбаннай түмсүүлэр кыттыыны ыллылар. Быыстапка арааһа буолла. Өлөөн улууһун маастардара бэйэлэрэ тикпит этэрбэстэрин аҕалбыттар, быыстапка-дьаарбаҥка бэртээхэйин тэрийдилэр. 35 тыһ. солк. илиинэн тигиллибит кыһыҥҥы атах таҥаһа хамаҕатык атыыга барда.
Аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын бэрэсидьиэнэ Андрей Кривошапкин быйылгы бырааһынньык атын сылларга тэҥнээтэххэ, хайысхата уонна ис хоһооно дириҥээбитин бэлиэтээтэ. Кини быйыл ыччат сугулааныгар кыттар ыччат ахсаана элбээбититтэн ордук үөрбүт. Андрей Кривошапкин ассоциация актыбыыстарыгар «Хоту сиргэ бэриниилээх буолуу иһин» мэтээли туттарда.
Магадаан уобалаһыттан сылдьар ыалдьыт, аҕыйах ахсааннаах норуоттар регионнааҕы бырабылыанньаларын чилиэнэ Семен Губечан биир дойдулаахтарын ааттарыттан эҕэрдэ тылы этэригэр, маннык бэлиэ күн норуоттар төрүт култуураларын киэҥниҥ тарҕатарга, байытарга, араас ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыытан хоту дойду олохтоохторун кыһалҕаларын быһаарыыга туһуламмытын бэлиэтээтэ.
Аллайыахаттан төрүттээх Светлана Протопопова суолталаах бырааһынньыкка анаан бэлэмнэнэн кэлбит.
— Мин «Индигирка» ансаабылга сылдьабын. Индигир өрүс биэрэгэр олорор Өймөкөөн, Абый, Муома улуустарыттан сылдьар буолан, аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын көрдөрөбүт, тарҕатабыт. Онон төрүт олохтоох норуоттар бырааһынньыктара — биһиги олус суолталаах бырааһынньыкпыт. Бүгүн Саха сиригэр олорор араас омук дьоно бары бииргэ сэлэлээн хааман норуоттар сомоҕолоһууларын көрдөрбүппүтүттэн дууһалыын үөрдүм. Олох ураты буолар эбит, бэйэҥ омугуҥ национальнай таҥаһын кэтэн, атын омук диэн аахса барбакка, биир тыынынан, биир кэккэҕэ хаамар, — диэн санаатын үллэстэр эбээн норуотун бэрэстэбиитэлэ.
Оттон Татьяна Васильева Томпо улууһун Тополинайыттан хоту дойду ыччаттарын сугулааныгар кытта кэлбит. Кыыс култуура училищетыгар туттарсар баҕалаах.
— Араас улуустартан наһаа элбэх ыччат кэлбит. Сугулааҥҥа «төгүрүк остуолларга» бэйэбит санаабытын үллэһиннибит. Мин ордук Өлөөн улууһун ыччаттарын кытта доҕордостум. Наһаа көхтөөх, сэргэх оҕолор эбит, — диэн кэпсиир.
… Ити курдук, Төрүт олохтоох норуоттар бырааһынньыктара Дьокуускайга киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Ольга Стростина уонна ааптар түһэриилэрэ.