Клавдия, Герман Хатылаевтар “Төрүт дорҕоон” туһунан

01.01.2017
Бөлөххө киир:

Саха аатырбыт этно-музыканнара Клавдия, Герман Хатылаевтар өссө биир бэрт дьикти дьарыктаахтарын биллибит – кыһыҥҥы айылҕаҕа, мырааҥҥа тахсан, көтөрү-сүүрэри, кыылы-сүөлү аһаталлар эбит… Саҥа Дьыл үүнээтин, биир оннук бохуоттан кэлээттэрин кытта  кэпсэттибит. Дьэ онон,  СӨ үтүөлээх артыыһа Клавдия Хатылаева, СӨ норуодунай артыыһа Герман Хатылаев 2016 сыл чаҕылхай түгэннэрин уонна саҥа 2017 – Бөтүүк сылыгар былааннарын туһунан кэпсииллэр

Клавдия:

— Кыһыҥҥы айылҕаҕа сылдьар бэйэтэ ураты кэрэлээх. Ити бүгүн тииҥнэри аһатан кэллибит. Тыаҕа салгын сиэн, үөрэн-көтөн, эрчим ылан кэлэҕин ээ, онон үчүгэй… Оттон уопсайынан биһиэхэ 2016 – бэрт интэриэһинэй сыл ааста. Бастатан туран, “Төрүт дорҕоон” диэн сахалыы, нууччалыы, английскайдыы — үс тылынан суруллубут кинигэбит “Бичик” кыһаҕа таҕыста. Үөрэнээччилэрбитин кытта “Тэтим! Тэтим! Өссө төгүл Тэтим!” кэнсиэрбитин тэрийдибит. Ипотекаҕа киирэн, саҥа дьиэлэнээри сылдьабыт, бу эмиэ үөрүүлээх. Быйыл Кытайга, Кэриэйэҕэ, “гулуннары” кытта Владикавказка бара сырыттыбыт. Тааттаҕа, Баайаҕаҕа, Герман дьонун уһаайбатыгар Мандар Уустуун  “Төрүт дорҕоон”  диэн оҕолорго лааҕыр астыбыт уонна “Байаҕантай” диэн саҥа бөлөх тэрийдибит.

“Саха хараҕа” — Герман үбүлүөйдээх кэнсиэрин оҥордубут. Манна даҕатан эттэххэ, “Шелковый путь” диэн Японияҕа төрүттэммит Азия норуоттарын музыканнарын түмэр норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваль,  Герман үбүлүөйүнэн сибээстээн, 2017 сылга от ыйын бүтүүтэ биһиэхэ, Дьокуускайга ыытыллар буолла. Онон, үүммүт сылга үлэбит, былааммыт үгүс.

Уонна, биллэн турар, бу ааспыт сылга биир саамай чаҕылхай түгэммитинэн – Гермаҥҥа 55 сааһыгар, эр киһиэхэ үлэтин үгэнигэр, Саха норуодунай артыыһа үрдүк аат иҥэриллиитэ буолар!

— Ааҕааччыларбыт ааттарыттан истиҥ эҕэрдэ!

Герман:

— Махтал! Норуодунай артыыс буолуу диэн – бу стимул, эппиэтинэс буоллаҕа! Онон, өссө элбэҕи оҥорордоохпун өйдүүбүн. Ити “Төрүт дорҕоон” кинигэбитигэр биһиги 5 сылы быһа үлэлээбиппит, ол иһин олус күндүтүк саныыбыт. Саха төрүт дорҕоонун доҕуһуоллуур тэриллэри сөргүтэн, сурукка-бичиккэ киллэрдэхпит… Туох баар мусуойдарга, архыыптарга хасыһан, ол иһигэр Марк Жирков архыыбыгар матырыйааллары үөрэтэн, инструменнарбытын барытын ойуулаан, хаартыскалаан, быһааран, сахаҕа маннык тэриллэр бааллар диэн көрдөрдүбүт. Аны билигин хас биирдии инструмены ырытан, дириҥник үөрэтэн, киһи учуонай да буолуон сөп.

Билигин, аны мантан ыла, биһиги ордук духуобунай музыкаҕа көһөр соругу туруорунабыт. Ол эбэтэр, билигин араас омук дьоно духуобунайдык — музыка нөҥүө кэпсэтэллэр, өйдөһөллөр. Итинник музыкаҕа киирэр уолдьаста, оҕолор да улааттылар.

Итиэннэ, “Төрүт дорҕоон” айар киин – бэйэбит оскуолабытын аһар баҕабыт улахан. Былаан, бырайыак баар. Кыахтаах предпринимателлэр, меценаттар, патриоттуу санаалаах дьон өйүөхтэрин наада, оччоҕуна барыта табыллыа диэн эрэнэбит.

Үүммүт Саҥа Дьылынан бар дьоммутун истиҥник эҕэрдэлиибит! Бука бары доруобай, дьоллоох буолуҥ!

Татьяна Маркова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0