Биһиги куораппытыгар Дьокуускайга олорор, айар, үлэлиир, персональнай быыстапкатын “Потомок” диэн ааттаабыт худуоһунньук Тереза Пачеко-Чавес, бастатан туран, бэйэтин дьикти аатынан, төрүттэринэн интэриэһи тардыан сөп. Ол гынан баран, кини хартыыналарын көрөөт да киһи тута, бу – кимиэхэ да маарыннаабат, олох ураты буочардаах, ураты көрүүлээх, онно эбии олус нарын иэйиилээх, дириҥ философиялаах худуоһунньук буоларын сэрэйэр… Ол эбэтэр, киниэхэ сахатын уонна бразильскай хааннара — ардыгар хотугулуу сэмэйэ, көнөтө, холкута, оттон сороҕор соҕурууҥҥулуу эрчимэ, итиитэ “оонньооннор” эбитэ дуу, хартыыналара олох соһуччу тиэмэлэргэ, сонуннук, олус интэриэһинэйдик суруллубуттар.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Олоҕун олуктара
Тереза Пачеко-Чавес
1991 с. П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены,
2004 с. Красноярскайдааҕы художественнай институт Дьокуускайдааҕы
филиалын үөрэнэн бүтэрбитэ. График-худуоһунньук. Учууталлара – Афанасий Мунхалов,
Мария Рахлеева, Туйаара Шапошникова, Михаил Старостин.
2007 с. Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ.
2012 с. Дьокуускай к. 380 сылынан, мэрия бөдөҥ масштабтаах
бырайыактарын кыттыылааҕа.
Кини үлэлэрэ Сахалин судаарыстыбаннай художественнай мусуойугар уонна Россияҕа, Англияҕа,
Америкаҕа, Бразилияҕа чааһынай коллекцияларга бааллар.
Көҥүл худуоһунньук. Икки оҕо ийэтэ.
Бүгүн биһиги Терезалыын, кини Национальнай художественнай мусуой “Комдрагмет” саалатыгар туруорбут быыстапкатын көрө сылдьан, сэһэргэһэбит.
“Эргэ тээбирин”
—Бу – “Старая утварь”— “Эргэ тээбирин” диэн ааттаабыккын дии, хартыынаҕын…
—Оннук. Миэхэ бу, оҕо эрдэхпиттэн чугас тиэмэ. Хартыынабын Дьиэтээҕи мусуойбуттан уруһуйдаабытым диэххэ сөп. Бу иһиттэр, мал-сал, урукку туттар тээбирин барыта баар. Оҕо сааспыттан көрөрбүн наһаа сөбүлүүр этим. Бу мал сороҕо куораттааҕы дьиэбитигэр, сороҕо Хаптаҕайга, эһэм туппут дьиэтигэр баар. Бу – “ХIХ үйэтээҕи чаппараах” үлэм чааһынай коллекцияҕа баар.
—Ким төрүттээбит мусуойай?
— Ийэм Варвара Викторовна Саввина. Кини аҕата, мин эһэм Виктор Афанасьевич Саввин саха норуодунай, РФ үтүөлээх артыыһа. Ийэм идэтинэн опера ырыаһыта, музыкальнай тыйаатырга өр үлэлээбитэ, билигин Саха тыйаатырыгар режиссер көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир. Кини Ленинградтааҕы консерваторияҕа устудьуоннуу сылдьан мин аҕабар – бразилец-устудьуон уолга кэргэн тахсыбыта. Кэлин онно, Бразилияҕа посольствоҕа сылдьан, кып-кылабачыгас гына ыраастаммыт нуучча сылабаара турарын олус диэн сэргии, сөҕө көрбүт. Омуктар урукку малы сыаналыыллар, оттон биһиги тоҕо харыстаабаппыт, дии санаан, онтон идиэйэ киирэн, дойдутугар кэлэн баран бу маннык раритеты, былыргы өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын-салларын мунньар, ыраастаан уурар-харайар буолбут. Дьиҥнээх искусство манна баар!
Үс эбээлээх, үс эһээлээх
—Тереза, эһэҥ артыыс Виктор Саввин буоллаҕына, бэйиэт, сытыы бөрүөлээх сатирик Степан Саввин-Күн Дьирибинэ абаҕаҥ буоллаҕа дии – Виктор Саввин бииргэ төрөөбүт убайа. Уопсайынан, төрөппүттэриҥ, төрүттэриҥ туһунан эбии кэпсии түһэриҥ буоллар…
—Оннук, Күн Дьирибинэ эһэм убайа буолар. Эбэн эттэхпинэ, эһэм Виктор Саввин бииргэ төрөөбүт балтын Аайа Афанасьевна кэргэнэ — суруйааччы Дьуон Дьаҥылы, кинилэр дойдуларыгар Чурапчыга олорбуттара. Итинник, бары айар куттаах, айар эйгэ дьоно эбит. Эбээлээх эһэм, төрөппүттэрим устудьуон эрдэхтэриттэн миигин көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Оттон уопсайынан ыллахха, мин үс эбээлээх, үс эһээлээх, икки аҕалаах – баай киһибин. Биир ийэлээхпин билэҕит. Төрөппүт аҕам Фернандо Мигель Пачеко-Чавес – физика профессора, наука доктора, пианист, Бразилияҕа олорор. Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта.
Ийэбин эрэйдээбиттэрэ
—Мин Бразилиятааҕы аймахтарбыныын сибээстэһэбин. Ийэбинээн холбоһоллоругар араас уустуктары көрсүбүттэр. Ийэбэр Бразилияҕа виза биэрбэккэлэр, сыбаайбалаан баран Лондоҥҥа, Парижка (онно даҕаны ийэбэр бэрт эрэйинэн Лондоҥҥа виза биэрбиттэр) айаннаабыттар, онно аҕам төрөппүттэрэ кэлэн, кинилэри көрсүбүттэр. Ити 60-с сыллар бүтүүлэригэр, сэбиэскэй кэмҥэ. Ийэм үөрэҕин бүтэрэн баран кэргэнигэр бараары гынар буоллаҕа, ону, үөрэх-идэ ылан бараҥҥын дойдугар хайаан даҕаны үс сыл үлэлээтэххинэ биирдэ дипломҥун биэриэхпит диэбиттэр. Оннооҕор комсомольскай, партийнай мунньахтарга көрбүттэр. Хайыай, ийэм дойдутугар Дьокуускайга кэлэр, аҕам Бразилиялаатаҕа… Дьылҕалара итинник.
Эһэм Виктор Саввин
—Ийэм кэлин Клим Георгиевич Туралысовтыын холбоспуттара. Паапам Клим Георгиевич – Саха сиригэр уонна Уһук Илиҥҥэ архитектураҕа бастакы доктор этэ. Миигин кыра эрдэхпиттэн ииппитэ, көрбүтэ-истибитэ. Ийэбинэн эһэм норуодунай артыыс Виктор Саввин Саха тыйаатырыгар испэктээктэргэ 180 — тан тахса оруолу оонньообута, араас уобарастары айбыта, Ригатааҕы киинэ устуудьуйатыгар эмиэ оруоллардаах. Оттон эбэм Татьяна Федоровна Ларионова – саха бастакы артыыстарыттан биирдэстэрэ, Москватааҕы Луначарскай аатынан театральнай институту бүтэрбитэ, эмиэ, эһэм курдук, үйэтин тухары драматическай тыйаатырга үлэлээбитэ.
Аҕам Клим Георгиевич өттүттэн эһэм Георгий Михайлович Туралысов – Саха сирин аан бастакы идэтийбит театральнай худуоһунньуга, Москватааҕы Үрдүкү художественнай мастарыскыайдары бүтэрбитэ. Эбэм Ксения Петровна Туралысова – эмиэ Саха тыйаатырын артыыската. Онон, дьонум, төрүттэрим бары кэриэтэ искусство, култуура дьоно.
Бразилиятааҕы дьонум
Оттон Бразилиятаҕы дьонум – эбэм Джулия Пачеко-Чавес былыргы биллиилээх аҕа ууһуттан төрүттээх, өбүгэлэрэ улахан плантациялардаах, кофейнай бароннар эбит. Эһэм Элиас Нето Чавес – Бразилия компартиятын генеральнай сэкэритээрэ этэ. Кинини, ССРС-ка ыытыллар аан дойдутааҕы коммунистическай съезтэргэ кистэлэҥинэн кэлитэлии сылдьыбыт, диэн ийэм кэпсиир.
Икки континент оҕото
—Онон, мин евроазиатскай уонна соҕурууҥҥу-американскай — икки континент киһитэбин, икки омук оҕотобун. Айар үлэбэр эмиэ ол көстөр буолуохтаах.
—“Южный континент” –диптих?
—Бу икки хартыынаттан турар – уҥа, хаҥас. Ортолоругар – сахалыы матыып. Мин санаабар, туохтарынан эрэ олус чугастар…
— Оттон “Мин Пеппим” – бу Эн оҕоҥ?
—Мин кыра кыыһым Джулия. Кини мин сүбэһитим. Холобура бу – “Улуулар” серияттан “Непобедимый” (Суворов), “Парадный портрет” (Багратион), “Стратег” (Кутузов) – кыыһым идиэйэтэ. Кутузовы дьон тута билэр. Онон, кыыспынаан бииргэ айабыт диэххэ сөп. Уопсайынан, оҕолортон үөрэниэххэ наада!
—Бу битириинэҕэ эһэҥ маллара бааллар эбит дии…
—Оннук. Эһэм, эбэм маллара… Эһэм испэктээк иннинэ туттар малларын бу мөһөөччүккэ угар эбит, көрүҥ — “Грим. Саввин В.А. 1973 с.” диэн суруктаах…
— Оо, оттон бу — “Эргэ уһаайба” хартыына, “Дөлүһүөн уга” уонна “Пазллар” – олох дьиҥ сахалыы тыыннаахтар…
— Бу мин эһэм Виктор Саввин эбэм Татьяна Федоровна Ларионова дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар туппут даачата. Биһиги билигин даҕаны хас сайын аайы манна тахса сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Маннык дөлүһүөннэр эмиэ Хаптаҕайга бааллар.
Бэйэ суола
—Билигин үгүс худуоһунньук сакааска үлэлиир, оттон эн?
—Мин бэйэм тугу сөбүлүүрбүн уруһуйдуубун. Араас ньыманы, тиэхиньикэни тутта сатыыбын, боруобалыыбын, көрдүүбүн… Кимиэхэ эрэ сөбүлэтээри уруһуйдуур буолбатахпын эрээри, дьон сөбүлээтэҕинэ үөрэбин. Быһатын, мин коммерческай худуоһунньук буолбатахпын.
— Дьон ылыммытын хайдах биллэрэр?
—Сорохтор хартыынаны көрөн баран, араас ыйытыылары биэрэллэр. Үгүстэр быыстапканы көрө сылдьан бэйэ-бэйэлэрин кытта сэмээр санаа атастаһаллар, ырытыһыллар, дьүүллэһэллэр. Ол аата, мин санаабар, кинилэри бу үлэ интэриэһиргэппит, толкуйдаппыт…
—Манна элбэх үлэҥ киирбит. Наһаа интэриэһинэй ааттаахтар.
“Автопортрет на стуле мэтра”, “Танцующие маки”, “Театр жизни”, “Красный кран”, “Мои крылья”…
—Алта уонтан тахса хартыынам манна турар. “Автопортрет на стуле мэтра” — улуу “Ван Гог олоппоһо”, мин онно олоробун, быыкаайыкпын…
— “Быыкаайыкпын” диигин да – тирэхтээх эбиккин! Интэриэһинэй худуоһунньуккун, ураты буочардааххын, бэйэҥ суолгун-иискин булбуккун, диэн көрөбүн.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сэмсэ тыл
Аиза Петровна Решетникова, саха норуодунай артыыһа:
—Тереза төрүттэрэ – бары ураты дьылҕалаах, талааннаах, олус интэриэһинэй дьоннор. Биһиги ийэтинээн Варвара Викторовналыын оҕо эрдэхпититтэн дьүөгэлиибит. Иккиэн артыыстар оҕолоробут – тыйаатыр оҕолоробут. Тереза эмиэ тыйаатыр оҕото, сиэнэ буоллаҕа. Быыстапкатын “Потомок” диэн саамай сөпкө ааттаабыт. Ол аата кини төрүттэригэр махтанар, кинилэри умнубат, сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр уонна кинилэри үйэтитэр. Тереза айар киһи быһыытынан атаҕар туран, бэйэтин суолун булан, айа-тута сылдьарыттан олус үөрэбин, эҕэрдэлиибин, ситиһиилэр өссө да кэлэ турдуннар!
PS: Тереза Пачеко-Чавес быыстапката НХМ “Комдрагмет” саалатыгар (Киров уул, 12) муус устар 21 күнүгэр диэри уһатылынна. Ким көрө илик тиэтэйиҥ!