Төрөөбүт норуотун былыргытын билбэт киһи, силиһэ быстыбыт үүнээйи кэриэтэ (Софрон Данилов).
Саха киһитэ ылсан дьарыктаннаҕына, ханнык баҕарар көрүҥҥэ ситиһиилэнэр. Онуоха туох тирэх буоларыгар кистэлэҥ суох. Ыччаты өй-санаа, эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайыннарарга өбүгэбит үгэһинэн, сахалыы хамсаныыларынан салайтарарбыт көмөлөөх.
Оҕону борбуйун көтөҕүөҕүттэн олоххо бэлэмнээһин саҕаланар. Кини кыратыттан айылҕаҕа сылдьан, дулҕанан ыстаҥалаан, хапсаҕайдаһан, мас тардыһан, сайынын оттоон, кыһынын мас мастаан, үлэлээн-хамсаан, буһан-хатан тахсар.
«Күүлэй» – саха төрүт дьарыга
Өбүгэлэрбит аҕыс ыйдаах кыһын кэнниттэн «күөххэ үктэннибит» дэһэллэрэ. Кыахтаах дьон сайын оттооһуҥҥа «күүлэй» тэрийэллэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ артыаллар, кэлин холкуостар, сопхуостар эмиэ «күүлэйгэ» майгынныыр күрэхтэһиилэри ыыталлара. Бу тыл бастакы өйдөбүлэ “кэмэ” диэн. Пекарскай тылдьытыгар «күүлэйи» от үлэтигэр этинэн, кымыһынан, чэйинэн күндүлээһиннээх ыаллаһыы кэмэ диэн быһаарар. Хоннохтоох охсооччулар аат-суол былдьаһар, илин-кэлин түсүһэр, далааһын холоһор үтүө үгэстэрэ «күүлэй» буолара. Былыр уһунньут, үүдэһиннээх, хоннохтоох охсооччуну ордук чорботон сыаналыыллара, биһирииллэрэ. Оччотооҕу охсооччулар көрдөрүүлэрэ аныгы киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук сөҕүмэр буолара. В.Л.Серошевскай дэлэҕэ «саха от үлэтигэр сир үрдүгэр бастыҥ омук» диэн бэлиэтиэ дуо?
1938 с. Таатта ыччата А.И.Кладкин биир күҥҥэ 5,07 гектар сири охсубута бэлиэтэнэр, илии хотуурунан маннык охсор киһи аан дойдуга даҕаны суох буолуохтаах. Н.Н.Баишев-Байыыс Куола (Горнай Орто-Сурт) илиинэн охсооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн күрэхтэһиилэригэр кыттан, 1982 с. биир ый устата 25 гааны, 1983 уонна 1986 сс. уон хонуктаах куонкурустарга бастаталаан, үс төгүл “чөмпүйүөн охсооччу” аатын ылбыта. 1978 с. 601 ц, 1985-1987 сс. 600–түү ц оту оттоон сопхуоска туттарбыта. Күҥҥэ аҕыс уонтан тахса бугул кэлэр отун охсор эбит. Билигин илиинэн оттооһун сүттэ, бары тиэхиньикэҕэ, мотуордаах хотуурга найыланнылар. Онон, дулҕалаах сирдэри хаалларар, оҥоһуулаах ходуһаҕа эрэ оттуур буоллулар. Кураан дьылларга от үүммэтэ диэн бырабыыталыстыбаттан көмө көрдүүр аакка бараллар, үрүйэ-харыйа сирдэри сирийэн оттууру умуннулар. Онон Ил Дархантан саҕалаан физкультура учууталларыгар, төрөппүттэргэ тиийэ бэйэбитинэн холобур буолан, илиинэн оттооһуну өрө тутуохтаахпыт, ыччаттарбытын үөрэтиэхтээхпит.
Илиинэн охсууну спорт национальнай көрүҥүнэн билиниэххэ
Быйыл сайын оту илиинэн охсууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолбата. Ааспыт өттүгэр Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ, «Урожай» уопсастыба тэрээһиннэринэн күүлэй сыллата тэриллэрэ. 2017 сыл Россияҕа Экология сылынан биллэриллибитинэн, тулалыыр эйгэни киртиппэккэ, бэнсиин-сэлээркэ гааһын таһаарбакка, ыраастык оттооһуну көрдөрөн туран ыытыахха сөп этэ.
“Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин, оччолорго «Эдэр саас» сыһыарыыны салайар кэмигэр үчүгэй көҕүлээһиннээҕэ. 2007 сылтан тэриллибит «ОТ ШОУ» (билиҥҥитэ «СЫТС») диэн ыччат күрэхтэһиитэ сылын ахсын ыытыллар үгэс итиэннэ ыччакка өбүгэ үлэҕэ ньымаларын үөрэтэр бырайыак буолла. Итини бэлиэтээн туран, ыччат сахалыы хамсаныылары умнубатын туһугар маннык этиилээхпин:
1. Улуустарга анал федерациялары тэрийиэххэ. Маныаха Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан холобур ылыахха. Дмитрий Тихонов, Виталий Пестряков курдук энтузиаст дьонноох, салалталара өйүүр буолан, илиинэн оттооһуну бэркэ сэҥээрэллэр, күүлэйи сыллата ыыталлар. Ыччакка оттооһуну, бултааһыны уонна куйууру пропагандалыыр «Төрүт дьарык» федерацияны тэрийдилэр, ону Дмитрий Тихонов салайар.
2. Слепцов Марк Петрович (1947-2013 с.) 2000 с. «Хотуур – тэлэр дьарыгым» мусуойу төрүтээбитэ, 150 араас хотууру, 80 кыстыгы, игиини о.д.а. оттуур тэриллэри муспута. 1990-1992, 2000-2006 сс. экспериментальнай хотуурдары боруобалааһыны ыыппыта. 2005 с. министиэристибэ сакааһынан, «Арти» собуокка ванадийдаах ыстаалтан 5 тыһ. хотууру оҥорторбута. 2003 с. «Хотуур тыаһын лыҥкынатыах», 2012 с. «Маҥаны бастыҥ охсооччулара», «Күүлэй күүстээх тэтимэ» кинигэлэри таһаартарбыта, 420-чэ киһиэхэ хотуур оҥорон биэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэ күүлэйдэригэр хас да төгүл чөмпүйүөннээбитэ, бириистээх миэстэлэри ылбыта. Саха хотуурун историятын үөрэтиигэ баай нэһилиэстибэни хаалларбытын сыаналаан, Марк Слепцов аатынан өрөспүүбүлүкэ күүлэйин «Урожай» уопсастыба сыллата ыытара наада.
3. Горнайга 2021 с. ыытыллар «Манчаары оонньууларыгар» күүлэйи биир көрүҥ быһыытынан киллэриэххэ. Ону маннык тэрийиэххэ: “Урожай» уопсастыба 2020 с. Дьокуускай куорат таһыгар, Күөх хонууга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күүлэйи ыытар, эр дьоҥҥо, дьахталларга, оҕолорго (кыргыттарга, уолаттарга). Бастыҥнар истэригэр киирбит 12 киһи эһиилигэр “Манчаары оонньууларыгар» улууһун аатыттан кыттар быраабы ылар. Биллэрин курдук, биһиэхэ илин эҥээргэ курдук, киэҥ сыһыы-алаас суох, онон Бэрдьигэстээх сэл. Маай эбэтигэр улахан дьоҥҥо отуттуу, оҕолорго сүүрбэлии суотай сири оҕустарыахха сөп.
Бу үлэҕэ Ил Дархан Егор Борисов, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы – Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев, Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинин дириэктэрэ Иннокентий Григорьев, “Урожай” уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Егор Неустроев, Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев итиэннэ нэһилиэнньэ бары түмсэн ылыстахпытына, төрүттэрбититтэн илдьэ кэлбит сахалыы хамсаныыбытын, саханы саха дэппит оту илиинэн охсууну спорт национальнай көрүҥүнэн билинэн, үүнэр сүһүөх ыччакка үөрэтиэх тустаахпыт. Саха ыччата илии хотуурунан оттооһуну сатыахтаах, баһылыахтаах. Аны уонча сылынан токур хотууру мусуойга эрэ көрөрө хомолтолоох буолуоҕа.
Арыйаан Александров, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин, ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Горнай, Орто Сурт, edersaas.ru сайтка анаан