Төрүт дьахталлара мас хайытан, бураанынан сүүрдэн күрэстэстилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Аан дойду дьахталларын күнүгэр туһаайыллыбыт араас тэрээһиннэр буола тураллар.

edersaas.ru

Дьахталлар сүрүннээн иис уонна ас куонкуруһугар кыттар буоллахтарына, Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин дьахталлара бураанынан күрэхтэһэн, мас хайытан, тоҥуу хаарынан сүүрэн, биир дойдулаахтарын соһуттулар.

Бу туһунан»Хотугу сардаҥа»  улуустааҕы хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ Елена Черемкина  кэпсиир:

Тэрээһини нэһилиэк дьаһалтата уонна Пантелеймон Тулааһынап аатынан Култуура дьиэтин салалталара тэрийэн ыыттылар.  Бүгүн «Хотугу сир хоһуун дьахталлара» куонкуруска түөрт дьахтар үс түһүмэххэ күөн көрүстүлэр.

Ол курдук, дьахталлар тоҥуу хаарынан сүүрдүлэр, мас хайыттылар, бураанынан сүүртүлэр.

Икки  бурааны нэһилиэк баһылыга Семен  Босиков уонна дьаһалта исписэлииһэ Виталий Атласов бэлэмнээтилэр.  Атыттары Егоровтар уонна Беляевтар аҕа баһылыктара бэйэлэрин кэрэ аҥардарын тэрийдилэр.

Бары түһүмэххэ түргэн-тарҕан буолан, кыайыылааҕынан Туйаара Егорова таҕыста. Кини 40 л убаҕас уматыгынан  наҕараадаланна. Эдэр ийэлэр да нэһилиэк сис ыалын ийэтиттэн уонна эбээтиттэн хаалсыбатылар. 2-с миэстэҕэ эдэр ийэ Сахаайа Григорьева, 3-с миэстэҕэ 5 оҕо ийэтэ Надежда Беляева тигистилэр.   Бураана умуллан, кыранан хаалан, Наталья Егорова 4-с миэстэнэн бэлиэтэннэ.

Ити курдук, Хоту дойду хоһуун дьахталлара эр киһиттэн итэҕэһэ суох туохтан да толлубаттарын көрдөрдүлэр. Сарсын сааскы кэрэ бырааһынньыгынан кэрэ аҥардары  нэһилиэк эр дьоно эҕэрдэлээн, бырааһынньыктааҕы  кэнсиэр туруоруохтара.  Ол кэнниттэн дьахталларга «Саас-КУО» диэн куонкурус ыытыллыаҕа.

Үс сүүсчэкэ нэһилиэнньэлээх Төрүт нэһилиэгин көхтөөх дьоно-сэргэтэ ый аайы араас сэргэх тэрээһиннэри ыытан, олохтоохтор олус сэргэхтик олороллор. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар төрүттэр төрөөбүт түөлбэлэригэр сэргэх үлэни ыытан, сынньалаҥнарын бэрт туһалаахтык атаараллар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Елена Черемкина түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0