Төрүт баһаара — хонтуруолга

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин тула улахан ойуур баһаара туран, нэһилиэк олохтоохторо мобильнай биригээдэлэри тэрийэн, уоту кытта охсуһаллар. Уоту бохсууга дьахталлар эмиэ сылдьаллар.

Балаһыанньаны улуус салалтата хонтуруоллуу олорор. Бу туһунан улуус баһылыга Иннокентий Сивцев маннык иһитиннэрэр:
Бэҕэһээ Дьокуускайтан 17 ч. 45 мүн. хоҥнубут 17 киһилээх аэромобильнай биригээдэ дьоно (15 байыас, 2 суоппар) билигин Таатта улууһугар тиийдилэр. Аара ардах түһэн, бадарааҥҥа суолга тохтуу сырыттылар. Онон Төрүккэ киэһэ хойут тиийиэхтэрэ. Бэҕэһээ «Западная» ГРК-тан эбии уу баһар массыынаны ыыппыппыт. Бүгүн Төрүккэ ойуур баһаарыгар «Якутлесресурс» Индигиирдээҕи филиалын дириэктэрэ, уопуттаах салайааччы Никита Винокуров тиийэн үлэни сүрүннүөҕэ. Итиэннэ Төрүккэ эбии уматык уонна куораттан баһаары умуруорарга үлэлиир аэромобильнай биригээдэни аһатарга ас-үөл ыытыахпыт. Балаһыанньаны хонтуруоллуу олоробут.
… Улууска хойуу буруо тунуйан, сөмөлүөт иккис нэдиэлэтин көппөт. Онон аэромобильнай биригээдэ «Халыма» федеральнай суолунан иһэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Семен Босиков түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0