Куораттааҕы сэллик балыыһатыгар сытар Арыйаан күһүҥҥү ыас хараҥа түүн халбарыйан, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, хараҕын аста, саҥа өйдөннө. Икки эрэ ыарыһах сытар палаататын иһэ барык-сарык, арай көрүдүөр лаампатын сырдыга аан быыһынан тыгар. Кини быйыл пединституту бүтэрэн, комсомуол обкомугар саҥа үлэлээн иһэн, ыалдьан, бу балыыһаҕа киирэн сытар. Кэккэлэһэ сытар, бэйэтиттэн биэс-алта сыл аҕа саастаах Ньукулайын ороно кураанах.
Арыйаан тамаҕа хаппыта сүрдээх. Аттыгар турар туумбатынүрдүгэр баар ыстакааны өндөйөн көрө сатаата. Салгыыөндөйөөрү гыммыта, эт-этэ барыта аһыйда, мэктиэтигэр уотунан хаарыйар курдук. Сыттыктара туох ааттаах буолан иннэнэн тэһитэ кэйдилэр? Эгэ кыайан эргийиэ дуо? Суох буоллаҕа дии. Тэллэҕэ сиигирбит, онтон сиргэнэн туруон баҕарда да, кыайбата. Ким эрэ кинини ыга баттаан сытыарарын курдук кыайан хамсыыр күүһэ суох, хамсаары гыннаҕына, этин ыарыыта сүрдээх. Хаһан да хайыай, сиэстэрэ дуу, санитарка дуу киирэрин кэтэһэ сытта. Көрүдүөргэ атах тыаһа улам элбээтэ, палааталар ааннара аһыллар-сабыллар тыастара иһиллэр.
Утаакы буолбата, сиэстэрэ Майя киирэн кэллэ. Бу эдэркээн бэйэлээх, халлаан күөҕүн иҥэриммит киэҥ харахтаах, долгулдьугас сэлиэһинэй бааһынатын өҥүн түһэриммит сырдык баттахтаах нуучча кыыһа. Кини куруук үөрэ-көтө сылдьар, эйэҕэс майгылаах буолан, ыарыһахтар санааларын олус табар. Майяны балыыһа бүтүннүүтэ таптыыр. Кини дьуһуурустубатыгар эдэрдэр процедурнайга мустан оонньууллар, кэпсэтэллэр, аралдьыйаллар. Майя быйыл саҥа ыал буолла. Кэргэнэ бэйэтин бараата эдэр уол, пилот, балыыһаҕа кэлэн барааччы.
— Хайа, Арыйаан, дьэ, уһугуннуҥ дуу? Түүнү быһа кэтээтим. Тугу түһээтиҥ, таптыыр кыыскын көрдүҥ дуо? — дии-дии күллэ. — Бэҕэһээ киэһэ эн өйдөнөн кэлэргин кэтэһэн эдэрдэр уһуннук олорбуппут. Ордук Даша кэтэспитэ, сотору-сотору киирэн, көрөн тахсар этэ. Кырдьыгын эттэххэ, бары да куттаммыппыт, наркоз кэнниттэн ыарыыланан баран сотору өйдөнүөхтээх этиҥ. Бырааспыт Любовь Александровна киирэн көрөн тахсыбыта, сэрэхэдийбит быһыылааҕа.
— Майя, этим-сииним барыта ыалдьар, саатар бу сыттыктар кыбыс-кытаанахтар, эргийэр да кыаҕым суох. Баһаалыста, уута аҕал эрэ.
— Арыйаан, ууну бэрт кыраны биэрэбин. Тулуй. Ити эпэрээссийэ кэнниттэн этиҥ барыта ыалдьыахтаах, сыттыктарыҥ буруйдара суох.
— Майя, тэллэхпин тетя Маруся уларытыа этэ, инчэҕэй…
— Ол өйдөнүллэр, суукка аҥаара турбатыҥ, көҕүрэттибэтиҥ. Билигин тетя Маруся киирэн таҥаскын уларытыа, сыттыктаргын көбүтэн биэриэ. Дьэ, улахан аҕай, царевич курдуккун, биэс сыттыкка сытаҕын, — уолу аралдьытан элэктиир. Укуоллаата, ханнык эрэ бороһуогу иһэртэ.
— Дьуһуурустубам бүттэ, аныгыскы симиэнэҕэ диэри арыый буол, эрдэ тура сатаама, — дии-дии Майя Арыйааны төбөтүттэн имэрийдэ. Эдэр оҕо киһи маннык эпэрээссийэлэнэн эрэйгэ түбэһэн сытарын кини иһигэр олус аһынар, онон кыаҕа тиийэринэн аралдьыта сатыыр. Бакаалаһан тахсан барда. Арыйаан сиэстэрэ Майяны кэнниттэн сайыһа, ымсыыра көрөн хаалла. «Майя ыалдьыбат буолан үчүгэйин, элэс гынан ити киирэн таҕыстаҕа, хайдах курдук кини дьоллооҕуй. Оттон мин?»
Итинник саныы сыттаҕына, Ньукулай киирдэ. Таһырдьа халлаан тымныйан эрэрин кэпсээтэ. Буолумуна даҕаны, балаҕан ыйын 21 күнэ буолла дии. Арыйаан өйдөммүтүн көрөн үөрдэ: «Арааһа, сахалыы билгэлээтэххэ, эпэрээссийэттэн туһанар киһи буоллуҥ. Ыарыылаахтык аһарар киһи тиллэр диэччилэр», — диэн уолун санаатын көтөҕөр. Ньукулай сотторун санныгар иилэ бырахта, мыылатын, тиис суунар тэриллэрин ылан суунар сиргэ таҕыста. Арыйаан эмиэ соҕотоҕун сытан хаалла. Ол сыттаҕына, тетя Маруся, ыстаарсай сиэстэрэ-хаһаайка (сороҕор ньээҥкэни солбуйар) киирдэ. Арыйаантан хайдах хоммутун, туруга хайдаҕын ыйытта, ачыкы нөҥүө аһыммыттыы чинчилээн көрдө. Уолу оргууй аҕай өйөөн олорто, бэрт эрэйинэн тэллэҕин, бырастыынатын сыыйан ылла. Баран атын тэллэҕи аҕалла, бырастыынатын уларытта, сыттыктарын көбүттэ, саҥалыы хороччу уурталаата.
— Арыйаан, милый, тулуйа сатаа. Мантан үтүөрэн тахсыаҥ. Ол үчүгэй буолбат дуо? Биһиги быраастарбыт үчүгэйдик эмтииллэр. Эн үчүгэй да оҕоҕун. Мин эйигин оҕобор ханыы гынан ылан иитиэм этэ. Эн сахаҥ туох буолуой? Биһиэхэ нууччалыы үөрэниэҥ этэ дии. Ким эйигин маннык чочуйан, үчүгэй дьүһүннээх, сырдык сэбэрэлээх гына төрөппүтэй? Балыыһа үлэһиттэрэ эйигин киириэххиттэн аһынабыт, таптыыбыт.
Тетя Маруся уолу өйөөн сытыарда, бэскиэтин көннөрдө, сирэйин илийбит сотторунан сотто. Сотору сарсыардааҥҥы аһын аҕаллылар. Бэҕэһээ күнтэн ыла аһыы илик эрээри, ыалдьара бэрт буолан бэрт кыраны амсайда. Аһын туумба үрдүгэр хааллардылар. Ньукулай суунан кэлээт да, укуол ыла, эмп иһэ таҕыста, онтон аһыы барда.
Арыйаан быраас обходтуор диэри палаатаҕа соҕотох сытта. Ол сытан ааспыт олоҕун, олоҕун да диэн, уон сэттэ саастаах киһи олоххо тугу үксү көрбүтэ-билбитэ кэлиэй, эргитэ санаата…
* * *
Арыйаан ийэлээх аҕата сүүрбэччэ хаһаайыстыбалаах кыракый «Мойуода» холкуос төһүү үлэһиттэрэ. Холбоһуктааһґын иннинэ уонча ынах сүөһүлээх, биэлээх, көлүнэр аттаах, үлэни-хамнаһы кыайар буолан сэниэтик олорбуттара. Аҕалара Сүөдэр сорсуннаах булчут, ааттаах сааһыт буолан кус-хаас, куобах бөҕөнү аҕалан дьиэтин ортотугар өрөһөлүү кутара. Кини курдук чугас эргин бэргэнник ытар киһи аҕыйах этэ. Көтөн тахсыбыт көҕөнү булгу тутар биир уостаах уон алталаах саатынан иккитэ ытан хаалара. Ийэлэрэ Өлөөнө улахан уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах дьахтар, эр киһи толорор үлэтин барытын сатыыр, кыайар. Өйдөөх-санаалаах, дьаһаллаах бастыҥа, кэргэнин бырааттарын, кийииттэрин барыларын түмэ тардан, дьаһайан олорор. Иккиэн сүөһүлэрин, малларын-салларын холкуоска холбообуттара уонтан тахса сыл буолла. Сүөдэр от охсор массыынанан үлэлииргэ үөрэммитэ, кыһын ыраах айаҥҥа, таһаҕас таһыытыгар сылдьар, Өлөөнө кыһыннары-сайыннары хотон хонтуоралаах, холкуос биир тутаах ыанньыксыта.
Сэрии үһү сыла. Арыйаан биэс сааһын туолла. Онон тула өттүгэр тахсар күннээҕи араас сонуннары түүлээх холбуйатын иһигэр тутар, сороҕун аахайбат. Ол күһүн алаастарыгар отордуу тахсан баран, хаар кэмигэр түспэккэ, от кыайан тиэллибэт буолан, уһуннук көспөккө олордулар. Балаҕан ыйа бүтэн, алтынньы саҕаланна.
Таһырдьа тымныыта сүрдээх. Киэҥ алаас хоту эҥээриттэн кэлэр күһүҥҥүµ тымныы тыалтан оннооҕор сүөһүлэр кытта тоҥоллор. Хоочугураһан кэлэн хотоннорун күлүгэр саһаллар.
Алаас күһүҥҥүµ тымныы тыала халтаҥ таҥастаах киһини этин сааһынан киирэргэ дылы. Чараас таҥастаах Арыйаан тоҥор-хатар. Күһүн хойукка диэри атах сыгынньах сырытта. Атаҕын инчэҕэй ынах сааҕар үктээн ириэрэр. Саах сылааһа үчүгэйин. Ийэтэ бокуой булбат, эргэ ынах олооччутун нэһиилэ иҥиир сап булан абырахтаан уолугар кэтэртэ. Этэрбэс түгэҕэр хаппыт оту уган, эргэ куул алдьаммыт бытархайа баарын уктас оҥостон кэтэ сырытта. Ол үрдүнэн сир тоҥон, ынах этэрбэс баҕайы тымныыны билэ сылдьар.
Түннүгэ-үөлэһэ аһаҕас дьиэҕэ сирэй оһоҕу амынньыкылаан отто сатыыллар да, дьиэлэрэ сылыйбат. Аҕыйах хонуктааҕыта холкуос бэрэссэдээтэлэ Дьөгүөр Уйбаанабыс кэлэ сылдьыбыта.
— Тулуйа сатааҥ, сүөһүнү ото суох сиргэ киллэрэн хоргутарбыт сатаммат. Манна үрдүттэн оттоох сиргэ аһаан туралларыгар тиийэллэр. Сотору хаар түһэр ини. Хаара суох кыһын диэн суох буолуохтаах, — дии-дии дьонун аһынар хараҕынан көрдө, атыны этэр, оҥорор кыаҕа суоҕуттан бэйэтэ кыбыста быһыытыйар.
— Сайын кураан буолан күөллэрбит уолан хаалбыттарын бэйэҥ билэҕин. Кытыылара тоҥон сүөһүлэрбит уулаары ыраахха диэри киирэллэр. Ол киирэн баран бадарааҥҥа батыллан кыайан тахсыбакка биир муҥ буолар. Бастыҥ ынаҕым Маҕааччыйа батыллыбытын дьахталлары кытта нэһиилэ таһаардыбыт, — диэн Настааччыйа эрэйин кэпсии олордо.
Кэмниэ-кэнэҕэс хаар, дьэ, түстэ. Хотон үлэһиттэрэ хаар түспүтүттэн үөрэн санаалара көтөҕүлүннэ, өрө тыыннылар. Сотору сүөһүлэрин үүрэн, малларын, таҥастарын, иһиттэрин сыыһын сыарҕаҕа дьаарыстаан, алаастарыттан арахсар айаҥҥа туруннулар. Алаастан тахсар суол төрдүгэр тиийэн тохтоотулар. Эбэлэрин арҕаа халдьаайытыттан аллара нэлэйэн сытар, хобордоох курдук төгүрүк алаастарын кэлэр сааска диэри хаалларан баран эрэллэриттэн кыратык курутуйан ыллылар. «Аны сааска, сир хараарыар диэри кыһыны этэҥҥэ аһаран, эн көбүөр күөххэр сүөһүбүтүн мэччитэн, үүт бөҕөнү үрүлүтэ көһөн тахсыахпыт», — диэн ботугураатылар.
Арыйаан күһүҥҥү тымныыттан тэптэрэн ыарыйда. Көһөллөрүгэр дьоно уолларын оҕус сыарҕатыгар от тэлгээн олортулар. Сыарҕа кэнниттэн үөр сүөһү батыһан истэ. Кырдьаҕас ынахтар бастаабыттар, кинилэр барахсаттар кыстык хотонноругар киирэллэрин билэн иһэллэр. Онон туохха да аралдьыйбакка дьулуруччу хаамаллар. Кэнники иһэр биир эмэ эдэр үөһү суол кытыытынааҕы чараас хаар анныттан быган турар оту тылынан эрийэн ылаары гыннаҕына, үүрэн иһэр кыргыттар талах кымньыы тыаһынан тиэтэтэллэр. Дьэҥкэрэ үрэҕэ уолан, харгыта тааһынан көрөн сытар. Онон хаайтарбакка үрэҕи туораатылар. Үрэх үрдүк сыырын үөр сүөһү өрө дабайан муостара адаарыҥнастылар. Сыыр үрдүттэн от-мас сэбирдэҕэ, көмнөҕө түһэн Толоон дьиэлэрэ, хотонноро ыраахтан көстө түстүлэр. Оннооҕор Арыйаан олорон иһэр сыарҕалаах нэс, адаар муостаах оҕуһа Улахан Саадьаҕай кытта тиэтэйбитэ буолла. Алаастан киирбит пиэрмэ сүөһүтүн маҥыраһар, хотон үлэһиттэрин кэпсэтэр, айманар саҥаларынан Толоон иһэ тута туола түстэ. Арҕаа көрдүгэн үрдүгэр турар уонча дьиэлээх бөһүөлэккэ тиийэ иһилиннэ. Арыйаан ийэтэ, Настааччыйа уонна Ылдьаана өр мучумааннанан, ынахтарын хотоҥҥо киллэрэн миэстэлэригэр баайдылар. Элбэх сүөһү этин суоһуттан, тыынарыттан хотон иһэ «ил» гынан сылыйан барда. Дьахталлар кыбыыга тахсан саҥа тиэллибит оттон ынахтарыгар хаптараары аҕыйах чөмөҕү кыбынан киллэрдилэр, долборукка тарҕата бырахтылар. Хотон ортотугар турар ньирэйдэрэ мэҕирэһэллэрэ иһиллэр, уу иһээри айдаараллар быһыылаах. Аннынааҕы көрдүгэнтэн уу баһан таһааран торбосторун уулаттылар. Ынахтарын баайыыларын хаттаан көрөн, хотоннорун аанын чиҥник сабан Өрүүнэлээх дьиэлэригэр таҕыстылар. Арыйаан дьоно бэйэлэрэ бас билэр туспа дьиэлэрэ суох. Дьиэлэрин урукку кыстыыр сирдэриттэн көһөрөн аҕала иликтэр. Холкуос бүппэт үлэтиттэн ордон дьиэ оҥостор сололоро суох. Онон хаһыс да кыһыннарын хотон аттынааҕы нууччалыы сытыары эркиннээх эрээри, буор муосталаах, сирэй оһохтоох, муус түннүктээх дьиэҕэ кыстыыллар.
Роман Тарабукин- Силипчээн
* * *
Сэһэн салгыытын Роман Тарабукин-Силипчээн «Үтүөрүү» кинигэтигэр ааҕаргытыгар ыҥырабыт. Кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатын бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.