Кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин тула кэпсэтии, бэрэбиэркэ уҕараабат. Билиҥҥи туругунан, балаһыанньа хайдаҕый? Бу туһунан СӨ Үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Зинаида Максимовалыын кэпсэттибит.
— Интэринээккэ хайдах киирэллэрий?
— Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 21 интэринээт баар, онтон 16-та кырдьаҕастар дьиэлэрэ уонна 5 психоневрологическай интэринээт.
Нэдиэлэ аайы үлэлиир хамыыһыйа улуустартан дьон сайабылыанньаларын, докумуоннарын көрөр. Билигин 200-тэн тахса киһи уочаракка турар, ити үксэ психоневрологическай интэринээттэргэ. Оттон кырдьаҕастар дьиэлэригэр 20-30 киһи уочаракка турар. Нэдиэлэ аайы уончалыы киһини интэринээккэ ыытабыт, эмиэ уонча сайабылыанньа киирэ турар. Киирии усулуобуйата – дьахталлар 55-тэн, эр дьон 60-тан, бэйэлэрин кыайан көрүммэт уонна атын киһи көмөтүгэр наадыйар буоллахтарына.
Кыаммат буолан баран, эбэтэр мээнэ ускул-тэскил сылдьыбыт, ыалдьан, охтон хаалбыт дьон, үксүгэр “Тирэх” приюттан докумуоннарын оҥорторон кэлэллэр. Хомойуох иһин, ол иһигэр оҕолоох дьон бааллар. Докумуоннарын сиһилии көрө сатыыбыт, миэстэ син биир тиийбэт. Олох кыаммат, бэйэтин кыайан көрүммэт, көмөҕө наадыйар диэн түмүккэ кэллэхпитинэ эрэ, интэринээккэ ылабыт.
— Киирэллэригэр Саха сиригэр хас эрэ сыл олорбут буолуохтаах диэн ирдэбил баар дуо?
— Оннук көрүллүбэт. Барар-кэлэр сирэ суох, охтон хаалбыт киһини ханна гыныаххыный? Дьиҥэ, быраабыла быһыытынан, атын сиргэ дьоннорун көрдөөн, депортация диэн баар буолуохтаах. Ол эрээри, “Арассыыйа түгэҕэр биир аймахтаах эбиккин, «бомжтуу» сылдьарын ылан, көр-харай” диэтэххэ, ылар баҕалаах киһи суох буолар… Хомойуох иһин, улуустартан үстүү-түөртүү да оҕолоох дьон аккаас суруктаах кэлэллэр. Сороҕор “кыараҕас дьиэлээхпит, ханна да гынар кыахпыт суох” диэн киллэрэллэр. Уочараппыт биир, онон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ханна миэстэ баарынан ыытабыт. Олорор улууһуттан чугастыы киллэрэ сатыыбыт.
Билигин ол иһин кырдьаҕаһы көрө-харайа ылан, эбээ-эһээ оҥостор ыалларга харчы биэрэбит. Ыйга 17,7 тыһ. солк. хамнастаахтар. Тыа дьонугар ити үчүгэй. Дойдутуттан ырааппакка, сааһын тухары бииргэ сылдьыбыт дьонугар олороро ордук.
— Оттон оҕолоох дьону ылбаппыт диэн аккаастыыр быраапкыт суох дуо?
— Оҕолоро аккаастаабыт дьону хайдах гыныаҥый? Киһи аһынар, инбэлиити кыайан көрөр кыаҕым суох диэн буоллаҕына. Сорохтор аккааһа да суох, иһэ-аһыы сылдьан киирэллэр. Киһи барыта биир тэҥ буолбат, араас дьон баар. Ол быыһыгар үйэлэрин тухары үлэлээбит, үтүөлээх дьон кытта баар.
Аны соҕотох диэн кэлбит киһи кэлин оҕолоох буолан хаалар, бэйэлэрэ кистииллэр. Холобур, ити Людмила Степанова Днепропетровскайтан кэлбит эбит. Биһиэхэ Хаҥалас приютуттан кэлбитэ. Икки оҕолоох, алта-сэттэ сиэннээх буолан таҕыста. Биир кыыһа манна, биирэ Уус-Майаҕа олорор эбит. Кэлэн баран, оҕолорун кытары тапсыбатаҕа эбитэ дуу, сайын манна киирбит. Билигин кэлэ-бара сылдьар, ханна эрэ хонон кэлэр.
Биир киһиэхэ 30-50 тыһ. солк. ороскуоттанар
— Судаарыстыба субвенциянан харчы көрөр. 2015 сылтан 442-с федеральнай сокуон олоххо киирэн, үлэлии турар. Ол сокуонунан, урут көннөрү социальнай харалта диэн буоллаҕына, билигин барыта өҥөнү оҥорууга көстө. Ол эрээри көннөрү өҥөнү оҥоруу буолбатах, харчыга атыылааһын курдук буолар.
Билигин реабилитация өҥөтө баар. Ол курдук психологтар, социальнай үлэһиттэр, социальнай-култуурунай реабилитация, социальнай туризм киирэр. Бэйэлэрэ оптуобустаахтар, онон тыаҕа баран сир астыыллар, сынньаналлар. Театрдарга, кэнсиэртэргэ сылдьаллар. Кинилэргэ артыыстар, волонтердар кэлэн кэнсиэртииллэр. Тэрээһиннэр тохтообокко ыытыллаллар. Араас куруһуок элбэх. Үлэлээн да ылаллар. Эмтэнэллэр, чэбдигирэллэр.
Интэринээккэ олоруу ороскуота биир киһиэхэ 30-50 тыһ. солк. диэри халбаҥныыр. Онно бастакытынан, олорор сиринэн хааччыйыы, аһатыы киирэр. Социальнай-медицинскэй өҥөҕө доруобуйаны тупсарыы киирэр. Аны туран, биһиги балыыһа курдук эмтээбэппит, күүскэ ыарыйдаҕына “Суһал көмөнү» ыҥыран, балыыһаҕа киирэн эмтэниэхтээх.
Биһиги тэрилтэлэрбитигэр быраас анаабытын эрэ толорор эмтээһин ыытыллар. Режими, диетаны тутуһуннараллар. Кырдьаҕас дьоҥҥо син биир доруобай киһи суоҕун кэриэтэ, диабеттаах, сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон элбэх. Аһылыктара эмиэ онно эппиэттэһэр буолуохтаах. Быраабыла быһыытынан, сэттэ күннээх диета диэн көрүллэр. Аныгыскы нэдиэлэҕэ сөп түбэһэр бородуукталарын уларытан, саҥардан биэрэллэр. Технологическай карта диэн баар, онно бүлүүдэ ырыссыабыгар уонна диетаҕа сөп түбэһиннэрэн, хас граммнаах буолара, хайдах астанара ыйыллар. Ол карта менюну кытары сөп түбэһиэхтээх.
Таҥастара барыта нуорма быһыытынан көрүллэр. Хас биирдии киһи кэтэр таҥаһа болдьохтоох буолар. Онон ис таҥастан саҕалаан, халыҥ таҥас бэриллэр. Уопсай быраабыла итинник, манан бары интэринээттэр үлэлии олороллор. Биллэн турар, барыта биир халыыбынан барбат, хас биирдии интэринээт бэйэтэ туһунан олохтоох, быраабылалардаах.
“Үчүгэй үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирсэр этэ…»
— Социальнай өҥө стандартара диэн тугуй?
— Аска 7 хонуктаах меню баар. Биһиги министиэристибэбит 2002 с. уурааҕа баар этэ. Онтон ол 2007 с. тупсарылла сылдьыбыта. Саҥа сокуон киирбитин кэннэ, аһылыктарын ыйааһына уларыйан, 2014 с. туспа уураах ылыллыбыта. Саха сиригэр 2006 с. туох баар бүддьүөт тэрилтэлэригэр ас нуорматын туһунан экэниэмикэ министиэристибэтин 218-с №-дээх уурааҕа тахсыбыта.
Үнүрүүн прокуратура бэрэбиэркэтигэр саҥа уураах нуорматынан буолбакка, эргэнэн көрбүттэр. Ол уураах үлэлии турар, ол нуорматынан аһаталлар.
— Ол аата кинилэр 2006 сыллаах уурааҕынан көрбүттэр дуо?
— Оннук. Калорийноһын эҥин барытын ааҕан көрбүппүт, наһаа улахан араастаһыыта суох этэ.
Кэлин иккис улахан хамыыһыйа тиийэн үлэлии сылдьар. Бастакы сурук тахсыбытыгар тиийэн үлэлээбит хамыыһыйа тугу да булбатаҕа. Билигин юристар, каадыр отдела, финансовай-экономическай хонтуруол бука бары баран, ымпыгын-чымпыгын көрөн үлэлииллэр, билигин да бэрэбиэркэ бүтэ илик. Ол иһин бэрэбиэркэ түмүгүн туһунан билигин тугу да этэр кыаҕым суох. Өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт үчүгэй үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирсэр этэ.
— Биэнсийэлэриттэн 75 бырыһыаны тутуу диэн өрөспүүбүлүкэ быспыт кээмэйэ дуо?
— Суох, Арассыыйа үрдүнэн урут-уруккуттан олохтоммут кээмэй. Ити харчылара интэринээккэ олорор ороскуоттарын саппат. Ол иһин судаарыстыба субвенциянан эбии харчы көрөр. Кыра биэнсийэлээх киһиэхэ улахан субвенция, улахан биэнсийэлээххэ кыра көрүллэр. Ону барытын тэҥниэххэ, бырыһыанын кыччатыахха дииллэр. Ол кыччаттахха, биһиэхэ үбүлээһин онто да суох тиийбэт. Оччоҕо хайдах гынабыт – дьоммутун аҕыйатабыт дуу, хайдах дуу…
Хомойуох иһин, наадыйар киһи элбээн иһэр. Уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн престиһэ намтаан, арахсыы наһаа элбэх. Оҕолору сөпкө ииппэтэхтэн эбитэ дуу, төрөппүттэн аккаастаныы элбэх. Хомолтолооҕо диэн, үксэ сахалар. 150 киһиттэн сүүрбэтэ эрэ атын омук.
— Атын интэринээттэри эмиэ бэрэбиэркэлээн эрэллэр…
— Бэрэбиэркэлиэхпит. Социальнай өҥөнү хайдах толороллорун бэрэбиэркэлиир хамыыһыйалаахпыт, прокуратуранан бигэргэтиллибит графиктаахпыт. Сурук, үҥсүү киирдэҕинэ эрэ бэрэбиэркэ ыытыллар, баҕардах аайы буолбатах.
— Министиэристибэ хонтуруоллуохтаах диэн дии, ону хаһан баҕарар бэрэбиэркэлиир бырааба суох дуо?
—Хаһаайыстыбаннай, үп-харчы өттүнэн хонтуруол үстүү сыл буола-буола ыытыллар. Социальнай өҥөнү оҥорууга эмиэ үс сылга биирдэ. Санаатаҕыҥ аайы бэрэбиэркэлиир быраап суох.
— Үҥсүү төһө элбэх киирэрий?
— Киирбэт этэ. Ити Степанова быйыл кэлэн икки үҥсүү суруйбут. Бастакы үҥсүүтүгэр “Роспотребнадзор» бэрэбиэркэлээбитэ, биһиги эмиэ баран көрбүппүт. Ис-иһигэр киирэн бэрэбиэркэлээтэххэ, улахан хаһаайыстыбаҕа сыыһа-халты син биир баар. Наһаа улахан кэһии суох диэн буолбута.
— Атын регионнарга өссө улахан кэһиилэр (кырбааһын, кыбартыыраларын былдьааһын) тахсаллар эбит дии…
— Атын регионнартан кэллэхтэринэ, интэринээттэрбитин үчүгэй диэн хайҕаан барааччылар. Биһиэхэ биир да кыбартыыралаах киһи интэринээккэ киирбэт. Бары дьиэтэ суох дьон, үгүстэрэ инбэлииттэр.
— Каадыр боппуруоһа хайдаҕый?
— Интэринээт үлэһиттэрэ наһаа ыарахан үлэлээхтэр. Иитиллээччилэртэн 10 %-ра сытар дьон. Айахтарыгар уган аһатан, памперстарын уларытан, көтөҕөн, сууйан, кыра оҕо курдук бүөбэйдииллэр. Оҕолоруттан үүрүллэн кэлбит, сааһырбыт киһи туох аанньа буолуой, ыарахан майгылаах да баар. Ону барытын тулуйуохха наада, саамай аһыныгас, чараас сүрэхтээхтэр, үлэлэригэр бэриниилээхтэр эрэ ордоллор. Ол да буоллар, каадырынан тутайа иликпит.
— Хамнастара эппиэттэһэр дуо?
— Икки сыллааҕыта үрдээбитэ, ол гынан, 20-30 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Урут, кырдьык, наһаа кыра этэ.
— Айдаан кэнниттэн, атын интэринээттэргэ профилактика быһыытынан, туох миэрэлэр ылыллыахтарай?
— Биллэн турар, бэрэбиэркэ бүппүтүн кэннэ миэрэ ылыллыаҕа. Туох баар интэринээттэргэ ол миэрэнэн рекомендация тарҕаныа. Бэҕэһээ онлайн-вебинар оҥорон, дьоммутун кытары кэпсэппиппит. Холобур, инвентаризацияны ыытыҥ диэн. Олох салҕанар, үлэ барар.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.