Төрөппүт усунуоһун сорох чааһын толуйууну тоҕо быстылар?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта уһуйааҥҥа төрөппүт усунуоһун сорох чааһын толуйууга СӨ Бырабыыталыстыбата уларытыыны киллэрбитэ. Саҥа уураахха олоҕуран, мантан инньэ толуйуу киһиэхэ барытыгар көрүллүбэт буолла. СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров тустаах боппуруоһунан быһаарыы биэрдэ.  

edersaas.ru

Бу иннинэ хамнастан тутулуга суох, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 69 тыһ. кэриҥэ төрөппүт туһанан олорбут. Бастакы оҕоҕо 20 бырыһыан, иккис оҕоҕо 50 бырыһыан, үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго 70 бырыһыантан итэҕэһэ суох көрүллэрэ. Саҥа уураахха олоҕуран, мантан инньэ төрөппүт усунуоһун сорох чааһын толуйуу (компенсация) киһиэхэ барытыгар бэриллибэт буолла. “Төрөппүт үрдүк да, кыра даҕаны хамнастаах буоллун, бары толуйууну ылар бырааптаах этилэр. Мантан инньэ, тиийинэн олорор алын кээмэйтэн кыра эрэ буоллаҕына төлөнөр”, — диэн СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров быһаарда.

Биир өттүнэн, эмиэ да сөптөөх дьаһал. Тоҕо диэтэххэ, үрдүк хамнастаах эрээри, элбэх оҕолоох, тиийиммэт ыалы кытта тоҕо тэҥ сууманы ыла олоруохтааҕый? Ол эрээри, Дьокуускай куорат төрөппүттэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Туйаара Колесова маныаха атын көрүүлээх. Ол курдук, кини төрөппүттэр санааларын истии буолбатаҕын, сиһилии анаалыс оҥоһуллубатаҕын ыйар. Тиийинэн олорор алын кээмэйи, ол эбэтэр 16 тыһ 453 солкуобайы биир мөһөөҕүнэн аһарда даҕаны, усунуос сорох чааһын толуйууттан көрдөрбүтүнэн маталларын, ол гынан баран, үгүстэрэ кирэдьииттээхтэрин, нэһиилэ тиийинэр-тиийиммэт икки ардынан олороллорун холобурдаата.

Миниистир, кэмчилэммит үп уһуйаан тутуутугар, саҥа миэстэни таһаарыыга, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору сайыннарыыга туһаныллыаҕын иһитиннэрдэ. “Үөрэх”, “Демография” национальнай бырайыактар чэрчилэринэн оҕону кыра сааһыттан сайыннарыыга, ону тэҥэ эдэр ийэлэр оҕолорун уһуйаан миэстэтинэн хааччыйарга улахан болҕомто ууруллуон ыйда. Маныаха “дорожнай карта” оҥоһуллубутун эттэ. Бу картаҕа олоҕуран, 2019-2021 сылларга уһуйааннарга 5 тыһ. тахса саҥа миэстэ тэриллиэхтээх. Маны тутууну ыытан, атыылаһан, уларытан оҥорон ситиһэр соруктаахтар. Саха сирин үрдүнэн сыллата 20-тэн итэҕэ суох уһуйаан тутуллар, аһыллар. Холобура, аҥаардас ааспыт сыллаахха 1 млрд. 171 мөл. солк. сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Үс сыл иһигэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕо миэстэтигэр наадыйыыны толору сабар былааннаахтар. Биллэн турар, манна баһаам үп-харчы ирдэнэр. Дьэ ол иһин, араас хайысхалары көрдүүллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0