Төрөппүт, маны билэҕин дуо?

Ааптар: 
27.09.2018
Бөлөххө киир:

Кырачаан киһи орто дойдуга кэлиэҕиттэн саҕалаан, төрөппүт мунаарар боппуруоһа үгүс. Үксүгэр, иллэҥэ суох буолан, хасыһан аахпат, иҥэн-тоҥон билбэт. Бүгүн уһуйааҥҥа, оскуолаҕа уонна үрдүк үөрэххэ сыһыаннаах тыын суолталаах үс боппуруоһу кэпсиибит.

edersaas.ru

Оҕом үрүсээгэ олус ыарахан

Төрөппүттэр, оҕобут үрүсээгэ олус ыарахан, хас даҕаны киилэ ыйааһыннаах диэн элбэхтик муҥатыйаллар. Ити ордук алын кылаас оҕотугар сыһыаннаах. Дьаарханаллара сөп. Тоҕо диэтэххэ, үрүсээк төһөнөн ыарахан да, соччонон оҕо тоноҕоһугар дьайар. Ол да иһин оҕолор ортолоругар бөгдьөччү барыыттан саҕалаан, уҥуох араас ыарыыта элбэх. Күнү күннүктээн олороллоро эмиэ таайара биллэр.

Аны хас биирдии үөрэх кинигэтэ 300 кыраамтан ыарахан буолуо суохтаах эбит. Сыллааҕы үөрэх бырагыраамата хайдах даҕаны биир кинигэ иһигэр баппата биллэр. Дьэ ол иһин чаастарга араараллар.

Тас дойдуларга курдук электроннай учуобунньук туһунан толкуйдар бааллар. Ол эрээри, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр интэриниэт мөлтөҕүн бэйэҕит билэҕит. Киирэр да буоллаҕына, чугастааҕы сылларга кыаллыбат дьыала.

Үрүсээк ыйааһына:

1-2 кылааска – 1,5 кг

3-4 кылааска – 2 кг

5-6 кылааска – 2,5 кг

7-8 кылааска – 3,5 кг

9-11 кылааска – 4 кг ордуга суох.

Үөрэх төлөбүрүн чааһа төннөрүллэр

Кэлин үөрэх босхо миэстэтэ аҕыйаан, төлөбүрдээх эбиллэн, сыаната үрдээн иһэр диэн элбэхтик кэпсэтэллэр. Ол иһин төрөппүттэр оҕолорун төлөөн үөрэттэрэллэрэ элбээтэ. Ол эрээри, үгүс төрөппүт оҕотун, бэйэтин үөрэҕин төлөөбүт ороскуотун чааһа төннөрүгэр (вычет), ханна тиийэн, туох докумуону туттарарын сиһилии билбэт.

Ханнык түгэҥҥэ төннөрүй?

Өскөтүн, эһиги үлэлиир уонна хамнаскытыттан нолуок төлүүр буоллаххытына бэйэҥ, (эбэтэр оҕоҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ) судаарыстыбаннай эбэтэр лицензиялаах чааһынай тэрилтэлэргэ үөрэнэр (холобур, үрдүк, орто үөрэхтэргэ, автооскуолаҕа, үөрэх куурустарыгар, төлөбүрдээх оҕо саадыгар…) буоллаххытына. Аны туран, бэйэҥ күнүскүгэ, кэтэхтэн даҕаны үөрэнэргэр төлөөбүт суумаҥ чааһа төннөр эбит буоллаҕына, оҕоҥ, бииргэ төрөөбүтүҥ хайаан даҕаны күнүскүгэ үөрэнэрэ ирдэнэр. Оччотугар эрэ төннөрүллэр. Докумуоҥҥун 2019 сыл саҥатыгар туттарар түгэҥҥэр, 2016-2018 (үс) сыллааҕы суумаҥ бырыһыана бэриллэр.

Туох докумуон ирдэнэрий?

  1. Сайабылыанньа (нолуок уорганын анал былааҥкатыгар)
  2. 3-НДФЛ декларация
  3. 2-НДФЛ ыспыраапка
  4. Тэрилтэ үөрэтиинэн дьарыктанарын туоһулуур лицензията
  5. Үөрэх өҥөтүн оҥорор тэрилтэни кытта түһэрсибит дуогабарыҥ куопуйата
  6. Төлөөбүтүҥ туһунан кибитээнсийэ
  7. Аймахтыы буоларгытын туоһулуур докумуон (төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ)
  8. Счетуҥ нүөмэрэ.

Ирдэниллэр докумуоннары туппутунан олорор сириҥ нолуогун уорганыгар тиийэҕин.

Болҕой! Бастакытынан, ипотекаттан нолуок чааһын ылар да буоллаххына, социальнай (үөрэх, эмтэнии, үтүөнү оҥоруу (благотворительность)… чааһа син биир көрүллэр. Иккиһинэн, оҕоҥ үөрэҕин Ийэ хапытаалынан төлөөбүт түгэҥҥэр, нолуок чааһа төннөрүллүбэт. Тоҕо диэтэххэ, хамнаскыттан нолуок төлөммүт эрэ түгэнигэр көрүллэр. Үсүһүнэн, оҕоҥ эбэтэр бииргэ төрөөбүтүҥ 24 сааһын туола илик буолуохтаах.

Төрөппүттэн харчы хомуйуу

Хас сыл аайы оскуолаҕа, оҕо саадыгар өрөмүөн ыытыллар кэмэ саҕаланна да, төрөппүттэртэн харчы хомуйаллар. Ханнык баҕарар хомуур төрөппүт баҕатынан буолуохтаах. Төрөппүт биэримиэн эмиэ сөп. Модьуйар бырааптара суох.

Оскуола тугу хааччыйыахтааҕый? Үөрэх кинигэтин, үөрэх босуобуйатын, судаарыстыбаннай ыстандаартынан көрүллэр үөрэх тэтэрээтин, анал миэбэли, уруокка туттуллар тэрили (проектор, о.д.а.), ону таһынан, анал тэрилтэни кытта дуогабардаһан харабыл туруоруохтаах. Маныаха судаарыстыба хааһынатыттан анаан харчы көрүллэр.

Төрөппүттэн харчы хомуйуо суохтаахтар диэн ыйыллыбат. Төрөппүт бэйэтин баҕатынан, баҕар, уон кылааһы да өрөмүөннэтиэн сөп. Онно хааччах суох. Ол гынан баран, ити анал быраабылаҕа олоҕуруохтаах.

Ханнык? Бастатан туран, устаапка эбэтэр анал бирикээскэ олоҕуруохтаах итиэннэ “харчы хомуйуута баҕа өттүнэн” диэн ыйыллыахтаах. Иккиһинэн, ханнык баҕарар тэрилтэ харчы хомуйарыгар анал, бүддьүөтү таһынан счеттаах буолуохтаах. Үсүһүнэн, баҕа өттүнэн биэрэллэрин туоһулуур дуогабар оҥоһуллуохтаах (эбэтэр сайабылыанньа), харчы ылбыт тэрилтэ кибитээнсийэ биэриэхтээх. Онно туох сыалга харчы хомуллубута булгуччу ыйыллыахтаах. Төрдүһүнэн, өскөтүн хомуллубут суума атын сыалга туһаныллыбыт эбэтэр тэрилтэ (оскуола, уһуйаан) дьаһалтата отчуоттууртан ааккаастанар түгэнигэр, төрөппүттэр харчыларын төттөрү ирдиир бырааптаахтар.

Үөрэх тэрилтэлэрэ сокуоннайа суох харчы хомуйууларын туһунан үлэ күнүгэр 10:00-17:00 (эбиэт 13:00-14:00) чааска диэри (8-4112) 506971, 506992 төлөпүөн нүөмэрдэринэн быһа сибээскэ эрийэн сүбэлэттэриэххитин сөп. РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтин хардарыта сибээһин сервиһэ: net-poboram@mon.gov.ru

Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ. Мугудай (Чурапчы) оскуолатын аһыллыыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0