Төрөппүт 50 % оҕотун үөрэх дьылыгар бэлэмнииригэр үп-харчы өттүнэн уустуктары көрсөр эбит
Төрөппүт 50 % оҕотун үөрэх дьылыгар бэлэмнииригэр үп-харчы өттүнэн уустуктары көрсөр эбит. Ити туһунан ТАСС http://tass.ru/ Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай санааны үөрэтэр киин (ВЦИОМ) чинчийиитигэр олоҕуран суруйар.
Ыйыталаспыт төрөппүттэриттэн (51 %) хас иккис киһи, оҕотун оскуолаҕа бэлэмнииригэр үп-харчы өттүнэн уустуктары көрсөрүн этэр, ол эрээри, ити төрөппүт кыаҕын иһинэн диэн ыйар эбит. Хас бэһис киһи (21 %) оҕону үөрэххэ бэлэмнээһин ороскуоттаах, онон эрдэттэн бэлэмнэниэххэ, харчы мунньунуохха наада диэбит.
Ону таһынан, туоһуласпыт төрөппүттэриттэн 45 % кинилэр кэмнэригэр холоотоххо, аныгы педагогтар мөлтөхтүк үөрэтэллэр диэн ыйбыт. Ыйытыкка кыттыбыт дьон 31 % учуутал оҕоҕо сөптөөх сыһыаны булуохтаах, 30 % кырааматынай уонна үөрэх матырыйаалын тиийимтиэтик тиэрдэр буолуохтаах диэн ыйбыт. Оттон 72 % оҕо биир кэлим эксээмэҥҥэ сөптөөх баалы ылан, баҕарар үрдүк үөрэҕэр киирэрин туһугар оскуола иҥэрэр билиитэ кыра, эрэпэтиитэри кытта эбии дьарык эрэйиллэр диэбит.
Ону кытта төрөппүт 67 %-на оскуолаҕа үөрэтии хаачыстыбата үчүгэй диэн этэр эбит. Оттон 40 %-на Арассыыйа оскуолаларын үөрэҕин систиэмэтин көдьүүһэ суоҕунан ааҕарын биллэрбит уонна оҕоҕо сөптөөх үөрүйэҕи, билиини иҥэрбэтин бэлиэтээбит. Ыйытык туоһулуурунан, төрөппүт 36 %-на Арассыыйа үөрэҕин аан дойду ыстандаартыгар сөп түбэһэр диэбит, 33 % ити санааны төттөрүтүн утарбыт, 9 % аан дойдуга холоотоххо, инники баран иһэр диэн хоруйдаабыт.
Ыйытык быйыл атырдьах ыйын 23-25 күннэригэр барбыт. Манна 25-45 диэри саастаах, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох Арассыыйа олохтоохторо кыттыбыттар. Төлөпүөн нөҥүө түбэспиччэ нүөмэрдэргэ эрийэн (1,2 тыһ.) кэпсэтэн туоһуласпыттар.
Андрей СОРОКИН (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.