Ирина Колодезникова-Ымыы саха тыллаах уутуйан үөскээбит улууһун биир маанылаах ыалын иһирэх ийэтэ, 4 кинигэ ааптара, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
edersaas.ru
Кини хоһооннорун ааҕааччылар биһирииллэр, күүтэллэр. Ымыы хас да хоһооно ымыы чыычаах ырыатын курдук күөрэйэ көттө, дьон дууһатын долгутта. Кини хоһоонноругар ырыалары Эрхаан, К.Мохначевскай, К.Христофоров, А.Готовцева, А.Дмитриев-Таммах, В.Давыдов, Нь.Лукин уо.д.а. толороллор.
– Ирина, сэһэргэһиибитин саха киһитин үтүө үгэһинэн «Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?» диэн саҕалаатахха?
– Мин Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Ирина Прокопьевна уонна Афанасий Петрович Моттуевтар дьиэ кэргэттэригэр сэттис оҕонон төрөөбүтүм. Таатта уола Игнат Николаевич Колодезниковтыын ыал буолан, оҕолорбут манна күн сирин көрбүттэрэ. Күн бүгүҥҥэ диэри тапталлаах Тааттабар олоробут.
— Оҕо сылдьан ким буолуоххун баҕарар этигиний?
— Кыра оҕо эрдэхпиттэн кыыллары олус таптыыбын. Сүөһү, сылгы, ыт-кус бары саныыр санаалаахтар, өйдүүр өйдөөхтөр, эмиэ киһи курдук хомойоллор, үөрэллэр, арай сатаан эрэ саҥарбаттар. Ол иһин, оҕо эрдэхпиттэн кинилэргэ тугу эмэ, кыра да үчүгэйи оҥорор баҕа санаалаах улааппытым, ол баҕа санаабын толорон, бэтэринээр идэтин талбытым.
— Билигин санаан көрдөххүнэ, оҕо, эдэр эрдэҕинээҕи олоҕу оҥорон көрүүлэриҥ төһө сөп түбэһэллэрий?
— Оҕо сылдьан оҥорон көрөрүм наһаа элбэх буолара. Бэл, ырбаахым биир сиэҕин эрэ кэтэн баран, аҥаарын кэппэккэ күннээҕи олохтон ыраатан, тэйэн, ханна эрэ атын сиргэ, атын эйгэҕэ санаам көтөн хаалара. Оннук чааһы-чааһынан олорбут буолааччыбын. Ол былаһын тухары ыра санаа, баҕа санаа арааһа эбитэ буолуо. Билигин санаан күлэбин. Төһөтө туолбутун сатаан эппэппин.
Гитара кылын таарыйалларыныы…
— Айар үлэҕэ хаһааҥҥыттан ылларбыккыный?
— Эдэр сылдьан дьонтон кистээн биирдэ эмэ суруйан көрөрүм. Ол суруйууларым бэйэбэр сиппэтэх-хоппотох буолан көстөллөрө. Ол иһин, кимиэхэ да көрдөрбөккө суох гынар этим. Кэлин көмпүүтэри, интэриниэти туһанан, форумнарга киирэн, дьэ дьиҥнээхтии ылсан суруйбутум. Мин дьолбор, наар үчүгэй санаалаах дьоҥҥо түбэһэммин, кинилэр тылларыттан көтөҕүллэн поэзияҕа сүрэхпин туттаран, күүскэ үлэлээбитим.
— Эйигин олоҕу хайдах баарынан көрдөрөр уонна хорутуулаахтык үлэлиир поэтесса быһыытынан билинэбин. Ордук тугу хоһуйаҕын, иэйии хайдах киирэрий?
— Гитара кылын таарыйдыҥ да, өрө лыҥкыныы түһэрин курдук турукка сылдьабын быһыылаах. Салгын хайа өттүттэн хамсыырыттан тутулуктаах курдукпун. Кыраттан да үөрдэхпинэ халлааҥҥа көтөбүн, хомойдохпуна ытыахпын да сөп. Хайгыы көрөрүм да, сирэ саныырым да эмиэ биир оннук. Дьэ, итинник кэмҥэ иэйиим киирэр. Чуолаан айылҕаны суруйарбын, дьүһүйэрбин ордоробун. Суруйар киһи ааҕааччыларын хайаан да саныахтаах. Ол иһин, мин хоһуйбутум ааҕааччы өйүгэр хааллар ханнык диэн суруйабын.
— Биир суруйааччы миэхэ: «Атын дьон суруйууларын аахпаппын, тоҕо диэтэххэ, үтүктэн, батыһан бара туруохпун сөп» диэбиттээх. Кырдьык, кини айымньылара олох ураты тыыннаахтар ээ. Эн санааҕар?
— Атын суруйааччылар айымньыларын аахпат сыыһа дии саныыбын. Биллэр да, биллибэт да суруйааччылар айымньыларын ааҕан, киһи элбэҕи билэр, элбэххэ үөрэнэр. Хоһооҥҥо бэйэҥ санааҥ баар буолуохтаах. Онуоха эбии умнуллан эрэр, номнуо умнуллубут тыллары эбэтэр түөлбэ тылларын киллэрэн биэрдэххэ, ким да суруйуутугар майгыннаабат, туһунан суоллаах-иистээх хоһоон тахсан, ааҕааччы сэҥээриитин ылар дии саныыбын.
— Эн санааҕар дьахтар поэзията туох уратылааҕый?
— Дьахтар поэзията ойуулуур-дьүһүннүүр өттүн кыайа тутар, эр дьон суруйуута күүстээх-уохтаах, быһаччы этиилэрдээх буолар дии саныыбын.
— Суруйар үлэҥ дьиэ кэргэҥҥэр мэһэйдээбэт дуо?
— Кэргэним да, оҕолорум да мин суруйууларбын сэҥээрэн ааҕаллар. Саҥа хоһооннорбун аан бастаан кинилэргэ көрдөрөбүн. Ол эрээри, уубар-хаарбар киирэн суруйдахпына, тугу барытын умнабын. Ас-таҥас, дьиэ-уот олоҕо умнуллар. Ол кэмҥэ ким да мэһэйдиэ суохтаах. Дьиэ иһинээҕилэрим ону бары билэллэр, бэл, түөртээх сиэним кытта мэниктиирэ уурайар.
«Таатта талба кыыһабын»
— «Тыа сирин куорат олоҕор атастаспаппын» диэн куруук киэн тутта этээччигин.
— Саас хаар ууллуоҕуттан бастакы хаар түһүөр диэри тыаҕа, айылҕаҕа сылдьабын. Сир да астыыбын, от үлэтигэр да көмөлөһөбүн, көннөрү сынньана да тахсабын. Айылҕаҕа сылдьан санаабын сааһылаан, астынан-дуоһуйан киирэбин.
Тааттам барахсан айылҕатын кэрэтин киһи тылынан сатаан эппэт. Бииртэн биир үтүө алаас, бииртэн биир кэрэ тоҕой иннигэр арыллан иһэр. Тааттабыттан биир күн тэйдим да, ахтыбытынан барабын.
«Төрөөбүт эбиппин мин ырыа ыллаары,
Тапталлаах Тааттабын айхаллыы
туойаары,
Тыл көмүс чыычааҕын көҥүлгэ ыытаары,
Дьол-үөрүү чороонун күөрэччи уунаары»
— Ол да иһин, псевдонимыҥ эмиэ айылҕаҕа чугас.
— Ымыы – тоҥтон толлубакка кыһынын кыстыыр, ырыаһыт чыычаах. Төрөөбүт-үөскээбит дойдутун таптыыра бэрт буолан эбитэ дуу, оҥоһуута оннук эбитэ дуу? Хаһан да дьон олорор сиригэр сыҥаламмат, тобоҕу-ибэҕи кэтээбэт ыраас, чэнчис, кэрэ чыычаах. Оннук бэйэтэ туһунан айылгылаах, бэйэтин сүтэрбэтэх айылҕа оҕото. Дьиктитэ диэн, былырыын ахсынньы 31 күнүгэр түннүгүм аттыгар үүннэрбит хатыҥмар икки ымыы түһэн ааспыта. Барахсаттарым эдьиийдэрин Саҥа дьылынан эҕэрдэлии кэлбиттэр дии санаабытым.
Саха дьахтар таҥаралаах
— Таптыыр киһигэр ханнык хаачыстыбатын сөбүлээн, «бу мин аналым» диэбиккиний?
— Таптал диэн таптал… «Бу иһин кинини таптаабытым» диэн этэр уустук буолуо. Мин элбэх саҥалаах, наһаа күлүүк, сүүрбүт-көппүт кыыс этим. Олоҕум анала буолуохтаах эдэр киһим саҥата суох мичээрдии эрэ сылдьар, хайа да түгэҥҥэ кыыһырбат майгылааҕа. Онон, арааһа кэргэн тахсыахтаах киһигэр бэйэҕэр туох суоҕун таба көрөҕүн быһыылаах. Олохпут устата оннук. Мин туох баарбын дьоҥҥо түҥэтэн, ыһан кэбиһэр этим. Ону кини үүннээн-тэһииннээн, ыал буолан кэллэхпит.
— Саха дьахтарын ис кэрэтин туохха көрөҕүн?
— Саха дьахтара таһыттан эрэ көрдөххө нарын-намчы. Оттон ис-иһигэр киирдэххэ, олус күүстээх, кытаанах санаалаах. Сылайдым диэн сытан хаалбат, ыарыйдым диэн ытыы сылдьыбат, мэлдьи үтүөнү түстүүр сырдык-ыраас ыралаах, баҕа санаалаах буолар. Оҕотун, дьиэ кэргэнин туһугар олоҕун аныыр ийэ, саха дьахтара. Мээнэҕэ «саха дьахтар таҥаралаах» диэбэтэхтэрэ чахчы.
— Дьиэ кэргэҥҥэ эр киһи оруола?
— Бэйэ-бэйэни харыстастахха, иллээх-эйэлээх буоллахха эрэ ыал дьоллоох олохтонор. Эдэр ыал ийэлэрэ ардыгар оҕолорун көрөртөн сылайбыт аатыран, үлэлээн кэлбит аҕаларын аһа-үөлэ суох көрсөллөр эбэтэр түүннэри оҕо көрдөрөллөр. Үлэ киһитэ үчүгэйдик аһыахтаах уонна сынньаныахтаах. Кыргыттар, дьахталлар талан ылбыт тапталлаахтарын, кэргэннэрин харыстыахтаахтар.
— Ирина, истиҥ кэпсээҥҥэр махтал. Ымыы чыычаах аналын курдук, ыарахаттартан-уустуктартан иҥнибэккэ, тоҥтон толлубакка инниҥ диэки айаннаан ис.
х х х
«Ирина Колодезникова чахчы-бааччы суруйар дьоҕурдаах, ону ааһан кини хоһооннорун мин ымыылаах айымньыларга киллэриэм этэ. Ол курдук иэйиилээхтэр, этэр санаалаахтар, ис киирбэхтэр, киһи сүрэҕэр түһүмтүөлэр» — Урсун.
Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru