Дьэ, олорбуппут сыччах, диэбиккэ дылы, аны хамсык кэнниттэн анал дьайыы саҕаланна…
Ол гынан баран, аныгы кэм сиэринэн, адьас атын: иһитиннэрэр-биллэрэр хайысхата ордук күүстээх. Онон ылбычча, дьиҥнээх туох буола турара көннөрү киһи өйдүүрүгэр уустук. Ол иһин дьон айманан ылара баа буолбатах. Үгүс киһи батсаапка “олорор” буолан, аан дойду сонунун билэ охсор. Дьэ, бу манна сонун араастаах. Ону сиидэлээн, сымыйаны кырдьыктан араарар уустук. Ол иһин да буолуо, саха киһитэ тумус туттар, ону-маны ырыҥалыыр дьон санаатын истиэн баҕарар. Хаста даҕаны итини этэллэрин иһиттим. Уонна, холобур, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов аан дойдуга ааспыт тыһыынча сыл саамай уһулуччулаах киһитинэн ааҕыллыбыт Чыҥыс Хаан туһунан кинигэтиттэн сэриигэ сыһыаннаах быһа тардыылары, ааптары кытары арамаан суруллар кэмигэр кэпсэтиилэри хаттаан санатыахпын баҕардым.
“Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” арамаан икки кинигэтэ тахсыбытын кэннэ ааптары кытта кэпсэтэн турардаахпын. Онно сэрии туһунан бэйэтин көрүүтүн туһунан ыйытыы биэрбиппин, Николай Алексеевич маннык хоруйдаабыт: “Сэриини утары хамсааһын былыр да, билигин да наар бырапагаандаҕа олоҕурар. Оттон сэрии кыччаабат, төттөрүтүн модунсуйар. Ол аата бырапагаанда көрүнньүк. Сэрии диэн киһи естественнэй отправлениета (аһыырын-сиирин, төрүүрүн-ууһуурун курдук), төһө да сайдыбытын иһин, аныаха диэри норуоттар, аан дойду салаллар үстүрүмүөннэрэ. Ону оҕону албынныыр курдук “сэрии буолбатын” дииллэр. Ол өстөөх судаарыстыбата эн кыаххын өһүлэ сатыыр ньымата. Эн кыахтаах сэриилээх буоллаххына, тас дойдулар бэйэлэрин экэниэмикэлэрин, култуураларын, өйдөрүн соҥнооботтор. Бэйэҕин көмүскэнэргэ атын омуктартан итэҕэһэ суох сэриилээх буолуохтааххын. Оччоҕо эрэ тас итэҕэлгэ, түһээнэ суох көҥүл олохтоноҕун”. (“Саха сирэ” хаһыат, 15.06.2001с.). Дьэ, доҕоттор, ааспыт үйэ 90-с сылларын өйдүөҕүҥ эрэ, арҕаа дойдулары кытары сыһыаммытын. “Найрамдал” бөҕө буолбуппут дии. Ол түмүгэр – дойдубут ыһыллыыта-тоҕуллуута, криминал өрөгөйдөөһүнэ саҕаламмыта эбээт.
Арамааҥҥа биир дьикти эпиграф баар: “Өстөөхпүт уоругар тиийдэххинэ, сэриини утар, эйэни арбаа. Сэмээр сүтүктээхтэри кэрийэҥҥин аһыммыта буолан аһыыларын күөртээ, оһон эрэр баастарын саралаа. Төрөтөр оҕо төлкөтө түҥнэстибэтин, иитэр сүөһүлэрэ күрүөлэнэрин туһугар сэрии сэбэ мэлийиэхтээҕин, иллээх олох туругуруохтааҕын туомнаа. Ытык дьоннорун холуннараҥҥын, кинилэргэ хара аньыылары соҥноо. Бас-көс дьоннорун алҕастарын саралаабыта буолан, ааттарын алдьат, мөккүөрдээх, балыырдаах, сымыйа сурахтары тарҕат. Түөлбэлэринэн атааннаһыыны тэрий, уустарынан арахсыыны күөртээ. Кэлин тарҕанан барыларын сутуйуох бодону аһын, харыһый, көмөтө тэрий, онуоха кыттыбыттары харса суох хайҕаа. Дьоҕурдаах ыччаттарыгар уон бастаах кыыллыы саараҥ санааны иҥэр, күүһү өһүлэр, куту аймыыр, алларытар-алдьатар онолҕонноох ырыалары ыс. Кэнэҕэски кэскиллээх айыы суолларын бутуй. Адьарай алдьархайдаах аартыктарын арый…” (“Өстөөх уоругар куорҕаллыы барааччыларга этэр тыллара”). (II кинигэ VIII түһүмэх 123 стр.). Бу эпиграф былыргы кинигэттэн ылыллыбыт даҕаны, билиҥҥи батсаап кэмигэр сөп түбэһэр дии санаабатыгыт дуо? Сөп өлүүтүн өйбүтүн-санаабытын бутуйдулар ини, бутуйбатылар ини…
Салгыы ити түһүмэххэ аахтахха маннык строкалар бааллар: “… биллэрин курдук, сэрии кэмигэр дьон майгыта судургутуйар, түмсэр-холбоһор, өйөһөр санаата күүһүрэр. Оттон эйэлээх кэмҥэ туох барыта хос түгэхтэнэн, үөйбэтэҕиҥ-ахтыбатаҕыҥ барыта чаалыйан тахсар”. (128 стр.). Манна даҕатан эттэххэ, Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт Киров уулуссатынан сэлэлээн хаамыыга дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттыбытын, оһуохайга хас да хос эргииринэн түмсүүлээхтик, эрчимнээхтик үҥкүүлэбитин көрүө этигит! (“үҥкүү” диэн тыл “үҥк” диэнтэн тахсыбытын умнумуоҕуҥ).
Изабелла АНТИПИНА.