«Тү, мээ, түүлээх хокуоска!” (көр-күлүү)

17.07.2017
Бөлөххө киир:

Күһүн-саас быһытталанан ылаахтыыр Буккуурдаах Мотуруона муҥнаах, хантан булбута буолла, оччолорго хаһан дла харахтаабатах кыылбытын – адаарыйбыт, иэҕиллибит муостардаах, ынах киэниттэн итэҕэһэ суох икки эмиийдээх сириннээх, сабырыйбыт үрүҥ түүлээх, ип-илибирэс, өрө хантайа сылдьар кутурук дуомнаах кытарчы көрбүт Коза диэн ааттаах обургу ыт саҕа кыылын алаас кытаҕар үүнэн турар бэрдьикэҕэ уонча былас уһуннаах быанан баайан өртөөн мэччитэр буолара.

Дьикти харамайа оту-талаҕы, хахыйах лабаатын кэбийэн кирдиргэтэр кэмигэр күөх окко дьоһуннанан олорон хаһыат, үксүгэр араарбакка кыбына сылдьар Эрилик Эристиинин ааҕара. Биһиги, оҕолор, бу дьикти кыылы көрөөрү уонна Мундербек, Бурхалей муҥнаах олохторун туһунан истээри Мотуруонаны тулалыырбыт. Сороҕор өрбөх сууҥкатыттан хомуллубут ылтаһын куруускатын ороон, үрэн-сотон баран, козатын эмиийдэрин тардыалаан ыан сып-сылаас, хоп-хойуу, мип-минньигэс үүтүнэн күндүлүүрэ. Биһиги бэдиктэр астынан, испитин имэринэ-имэринэ коза таһыгар таралыһарбыт. Оччоҕо Мотуруона барахсан үөрэрэ да үөрэрэ: “Бу – чээ, чээ”, — дии-дии кыылын имэрийэрэ.

Оҕолор-оҕолор курдук, ардыгар тэбэнэппит, баракааспыт ханна барыай. Тэһитэ кэйэрэ эмиэ баара. Күн бүгүҥҥэ диэри өйдөөбөппүн, хайа үөннээх-дьээбэлээх имнэммитэ-үөрэппитэ буолла, козаҕа хокуоска көрдөрдөххө сөбүлээбэт, кыыһырар, кэйэр үһү диэн истэммит, боруобалаан көрөөччүбүт. “Тү, мээ, түүлээх хокуоска!” — дии-диибит силлээн, буорга умньуу-умньуу үмүрү туппут үс тарбахпытынан коза муннун ньуххайдыырбыт. Эйэ дэмнээх кыылбытын тула өртүттэн мөрөйдөөммүт, кырдьык да, кыйахыырбыт быһыылаах. Муостарын тоһуйан, баһын булкуйан, ыыс-араҕас туйахчааннарынан сири табыйталаан ылара. Ол аайы бууса тэбиэһирэрбит. Оччоҕуна Мотуруона курдуу бааммыт быатыгар иилинэ сылдьар сытыы быһыччатынан иинэҕэс чыпчаххайы быһа баттаан, салгыны кууһуннара-кууһуннара барыбытын кыйдаталыыра.

Кэлин, оскуоланы бүтэрбит сылбар, туора сиргэ-дойдуга сылдьан, ол кыдьыгым киирэн сүүһүнэн дьон, араас омук хараҕын ортотугар козелга кэйдэрэммин саакка-суукка киирэн турардааҕым бэйэтэ туһунан кэпсээн. Күһүөрү-сайын, Владивосток куораттан Улахан Невергэ диэри поеһынан кэлбитим. Салгыы оптуобуһунан Алдаҥҥа айанныахтаахпын. Дьахтар “сыалдьатын быттанар” куйаас күннэр тураллара. Онон оптуобус кэтэһэ таарыйа аптабаксаал иннигэр ыал олбуорун кыйа сааллыбыт ыскамыайкаҕа сабырыйа нуоҕайбыт хойуу лабаа күлүгэр сөрүүкүү олоробун. Аттыбар, били Буккуурдаах Мотуруона козатын курдук эрээри, сүүнэ атыыр козел туохха да кыһаллыбакка, киһи олорор диэн баардылаабакка атахпар аалына-аалына оту-маһы, бэл олорор ыскаамыйам кырыытын кытта кирэн кирдиргэтэр. Сирэйигэр-хараҕар арахпакка сапта түһэр күлүмэнтэн-сахсырҕаттан быыһанаары таллаҕар кулгаахтарынан сапсынан, сурдурҕаччы тыына-тыына модьу-таҕа кэдэгэр муостаах баһын булкуйдаҕына, моонньугар иилиллэ сылдьар сэлиэнэй чааскы саҕа ылтаһын хобо сөҥ-сөҥнүк таҥкынаан ылар.

Эмискэ дьээбэлэниэх санаам көтөн түһэн, козелу бытыгыттан харбаан ылан, сииктээх муннугар хокуоска астым. Кыылым: ” Бу туох акаары бэдигий?” — диэбиттии эриличчи көрөн кэбистэ, бытыгын эһэ охсон ылан, түҥнэри хайыста. “Тохтоо тооруом, ити буоллаххына”, — диэн ботугураат, хокуоскабар силлээн, буорга булкуйан баран: “Түү, мээ, түүлээх хокуоска!” — дии-диибин тумсун ньуххайдаатым. Дьэ доҕоор! Козелум өһүөннээҕинэн кытарчы көрөн, муостарын тоһуйбутунан миэхэ ыстаммат дуо! Оонньообутум “оҕус буолбутун” өйдөөммүн куотар аакка түстүм. Ойон-тэбэн тиийэн аптабаксаал аанын арыйааппын кытта, кыылым муостарын өнчөҕүнэн кэннибэр кэйэн кибилиннэрдэ-ээ! Баҕаны бырахпыт курдук, баксаал ортотугар биирдэ испинэн-сүүспүнэн муостаны хоруйдум. Сүүспүн дьукку түһэн кэбистим. Козелум: “Кэһэй, дураак!”—диирдии алын сыҥааҕа эйэҥэлии, сэбирийбит бытыга илибирии, аан модьоҕотун табыйа турда. Быһыыта, туран үнүөхтээн эрдэхпинэ, иһирдьэ киирэн өссө кэйиэхтээҕин, хата хайа эрэ үтүө санаалаах киһи дьөлө хаһыытаан үүрэн ыытта. Кэтэһэр саалаҕа эргиччи көрөн олорбут айанньыттар: “Ай да, молодец!”—дэһэн быардарын тарбана-тарбана күлсүү-салсыы, босхо көрүдьүөһү көрөн һуу-һаа бөҕө буоллулар. Аптабаксаал иһэ күргүөмнээх күлүүнэн ньиргийэ олордо.

Онон, доҕоттоор, туохха, ханна барытыгар бэрээдэктээх, эйэ дэмнээх буолуҥ диэм этэ. Кыынньаатаххытына, кыыһыртаххытына, мин курдук кэйиллиэххит дии…

Уйбаан СИЛИГИ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0