«Төлкөм миэнэ» (салгыыта)

Ааптар:  Трофимовна
30.09.2020
Бөлөххө киир:
... Сотору соҕус буолан баран, хата, эдьиийэ тиийэн кэлэн: «Тугу манна тураҕын, кэлбэккэ? Аҕал оҕону!» — диэт, кыыһын эмискэ сулбу тардан былдьаан ылла. Тоня нэһииччэ баттаһан, ирэ илик тордуох илиилэрин икки аҥы нэлэс гынаахтаата.

(Кэпсээн салгыыта)

(…) Кыыс саҥа таһааран, кэһиэҕирбит куолаһынан нэһииччэ сибигинэйэн: «Ыччу-у, н-наһаа тоҥнуум…» — диэбитигэр, эдьиийэ кинини дьэ дьиибэргээбиттии өйдөөн көрдө уонна туох да буолбатаҕыныы туттан, эргийэ түһээт, эмиэ баран хаалла.

Тоня этэ-сиинэ тымныы сылаас сүүрээннэр икки ардыларынан сылыйа быһыытыйан барда. Кыыс туох баар өйүн-санаатын түмэн, бэйэтин ураты эйгэтин арынан, ис туругун, күүһүн мунньунан туран, этин сааһынан бара турар сылааһы сыыйа өрө таһааран, харыларынан сүүрдэн тарбахтарыгар ыытта. Ол туран илиилэрин көрбүтэ, арыый мөлтөхтүк да буоллар, кубархай кыһыл өҥнөнөн бардылар, онуоха тарбахтара тиллэн, кыра-кыралаан хамсыы быһыытыйдылар. Дьэ онтон ол тарбахчааннара ириилэригэр киһи тулуйбат ыарыыта саҕаланна. Үргүлдьү кыыс этэ-сиинэ эмиэ бүтүннүү ыалдьыбытынан барда. Оттон тарбахтарын төбөтүгэр тыһыынча уот иннэни батары аспыттарыныы, абытай ыарыы буолла. Эбиитин атаҕын тарбахтара эмиэ күүскэ баҕайытык ыарытыйан бардылар. (…) Ыарыытын аһарына сатаан, нэһииччэ хамсаан эрэр илиилэринэн хардары-таары тарбахтарыттан саҕалаан, харытын диэки оргууй имэриннэ. Атахтарын тарбаҕын кыараҕас сукуна этэрбэһин иһигэр эмиэ хамсаппыта буолла. (…) Ити үлүгэр алдьархайдаах өлөр, тиллэр түгэнтэн Үрүҥ Аар Тойонтон ыйаахтаах кыыс Тоня киниэхэ бэриллибит айылгытынан сөптөөхтүк өрүһүнэн улахан иэдээннээх үлүйүүттэн этэҥҥэ быыһаннаҕа.

Тоня лаппа ирбитин кэннэ, эдьиийэ тиийэн кэлэн, кыыһы ийэлээх оҕо анал хосторугар оҕотун көрдөрөөрү, батыһыннаран илдьэ барда. Ол хоско көһүтэн олордохторуна, сотору кэминэн көтөллөрүн биллэрбиттэригэр, сөмөлүөттэригэр киирэн олордулар. Сөмөлүөттэрэ обургу соҕус эрээри, барар дьон үгүс буолан, аналлаах миэстэлэр барыта туолбуттар.

(…) Дьон барыта көтөн кэлбит сөмөлүөттэриттэн ыһыллан тахсан, олохтоох аэропортарыгар сатыы тиийдилэр. Аэропорка киирбиттэрэ, көтөн кэлбит дьону көрсөн, киһи бөҕөтө тоҕуоруһа анньыһан тураллара. Көрсүбүт үөрүүлэригэр киһи барыта тэбис-тэҥинэн саҥарсалларыттан уонна илдьэ кэлбит таһаҕастарын ылсалларыттан-бэрсэллэриттэн быстах кэмҥэ саала иһэ бүтүннүү оргуйан күүгүнүү түстэ. Олор быыстарыттан күтүөт дьиэлэригэр барсар массыыналаах дьону кэпсэтиһэн була оҕуста уонна кинилэргэ кэлэн:

«Бардыбыт», — диэбитигэр бары массыынаҕа олорсоору, таһаҕастарын туппутунан ыксаабыттыы субуруһан, дьону кытта үмүөрүһэ анньыһан таһырдьа таҕыстылар. Күтүөт киһи сыыдам соҕустук туттан, кэргэнин Маринаны оҕотун кытта массыына иһигэр олордуталаата, онтон илдьэ кэлбит таһаҕастарын ылан тиэйтэлээтэ. Тоня тута сылдьар бүтэһик таһаҕаһын илиититтэн эһэ охсон ылаат, туппутунан бэйэтэ массыынаҕа киирэн олорунан кэбистэ уонна аан быыһынан: «Массыынаҕа миэстэ суох, баппаккын! (…) Суолу батыһан, сатыы ханна да туораабакка, көнөтүк баран ис, булан тиийиэҕиҥ! (…) Онно тиийдэххинэ хара дьиэ турар буолуо, онно киирээр. Мунуоҥ суоҕа!» — диэн баран, кабинатын аанын «лап» гына сабан кэбистэ, ону тэҥинэн бараары собуоттанан кэтэһэн турар массыына «ходьох» гына хоҥноот, суол төрдүгэр киирэн айаннаан сырылата турда.

(…) Кыыс син балай эмэ ыраах эрийэ-буруйа хааман бара түспүтүн кэннэ: «Өссө да элбэҕи көрдөрүөм этэ», — диэбиттии, айаннаан иһэр суола икки аҥы хайысхаҕа араҕыста. Тоня тохтуу түһэн, хайа диэки барарын ис туругунан быһаарынан: «Манан барар эбиппин», — диэн сөптөөх хайысханы ыйынан, хаампытын курдук иннин хоту баран истэ.

(…) Тоня билбэт сиригэр сир-халлаан икки ардыгар собус-соҕотоҕун туран хаалаахтаата. (…) Тоня үтүлүктэрин кэтэ таарыйа, тула өттүн эргим-ургум көрүннэ даҕаны, ыт да охсор киһи суоҕа. Чороҥ соҕотох кини эрэ хаалбыт. (…) Ол курдук турдаҕына, арай, тулалыыр айылҕа наҕыл тыалынан: «Эн кимҥиний?» — диирдии сипсийдэ…

Кыыс санаатын көтөҕөн, бөҕөргөтөн: «Чугас буоллаҕына, хайдах эмэ булан тиийэр инибин», — диэн кытаанах санаатын ылынан, бөҕө турукка киллэриннэ. Ураты эйгэтинэн бэйэтигэр хайыҥ охсуммут киһи быһыытынан иннин диэки эрэллээх соҕустук хардыылаата. Онуоха атаҕын анныгар хаар тыаһа «кыысс…» диэн хаачырҕаан, тэптэрэн биэрэргэ дылы гынар. (…) Киһи хараҕа саатар муус-маҥан эргиччи тулалыы нэлэһийэн, сымнаҕастык үллэ сытар туналыйбыт үрүҥ халыҥ хаары кыыс ийэтэ ытыйбыт ахтылҕаннаах олус минньигэс күөрчэҕэр майгыннатар. Онуоха кинини көхсүттэн сүрэҕэлдьээбиттии унаарыйа үрэр тыал хаар кыырпахтарын кынаттыы өрө бурҕатан ылаттыыр. Тоня оччоҕуна ыраахтан ымыы чыычаахха майгыннаан, кэрэ оһуордаах кынаттарын даллаҥнатан, көтөөрү гыммыттыы көстүүлэнэр. Эбиитин кэрэ көстүүнү ситэрэн, үрдүк халлаан: «Сир-дойду утуйар уута аймамматы-ын…» — диэбиттии, кырпай хаардарын чуумпутук биэбэйдии түһэрэн, куруһубалыы ыһара.

(…) Кыыһы хараҥа түүн обургу ыбылы кууһан эрэрин дьиибэргээбиттии көрөн, төгүрүк ый былыт быыһыттан мэлэс гынан тахсан кэллэ. Тулалыыр эйгэҕэ тымныы сырдыгын ыһыахтана оонньообутугар тэлгэнэ сытар хаар үрүҥ көмүстүү толбоннура оонньуур. Айан суола оһуор дьураа буолан дыргыччы көстөн кэллэ. Хараҥа түүн толбоннурар сырдыкка үтүрүллэ анньыллан, дьэҥкэрэн көҕөрүмтүйэн хаалла. Онуоха Тоня түүҥҥү кэрэ айылҕа сорҕото буолан, үрүҥ көмүстүү күлүмүрдээн тэлгэнэ сытар хаар суолунан бэйэтин сиргэ түспүт синньигэс күлүгүн кытта аргыстаһан иннин хоту баран истэ. Уһуннук хааман сирэйэ бүтүннүү кырыаран, эбиитин хараҥаран, тымныы түспүтүгэр этэ-сиинэ дьагдьайан тоҥон барда. Кыыс кэмниэ-кэнэҕэс сэлиэнньэҕэ киирэр суолга тахсан кэллэ.

(…) Төһө да ыйдаҥалаах буоллар, дьиэлэр бары биир дьүһүннэнэн хараара барыйан көстөллөрө. Уулуссаҕа, хата, кыыс дьолугар тымныы буолан, уйаларыгар хорҕойоннор, биир да ыт көстүбэт этэ. Дьон-сэргэ эмиэ сылаас дьиэлэрин булбут буоланнар, кими даҕаны аара суолга көрсүбэтэҕэ. Тоня бииртэн биир «хара дьиэҕэ» кыратык тохтоон ыла-ыла: «Бу буолбатах», — дии-дии ааһыталаан истэ. Кэмниэ-кэнэҕэс биир дьиэҕэ кэлэн: «Дьэ кэллим, бу эбит», — диэн баран киирбитэ, дьоно, кырдьык, онно олороллор эбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1