…Аһаҕас эркиннэрдээх кузовынан тымныы тыал икки өттүттэн тохтообокко сирилээн сурдурҕаччы үрэн, кыыс чараас таҥаһын билиммэккэ, этин сааһын быыһынан курдаттыы киирэн, түүрүтэ салаамахтаан барда. … Өрүс ортото тиийиилэрэ бадахтаах, иһиирэ күүһүрэн кэлэр тыалга оҕустаран, ыйааһына ыараабыт суорҕана үтүлүктэрин илдьэ кузов түгэҕэр көтөн, тэлээрис гынан хааллылар. Тоня илиилэрин көрө түспүтэ, сыгынньах харытыттан саҕалаан суорҕаны тута испит токуруйбут тарбахтара барыта үп-үрүҥ дьүһүннэнэн, тордуох курдук быһыыланан, хамсаабат да гына үлүйэн хаалбыт этилэр. Саатар, тоҥолохторо эмиэ хамсаабат гына тоҥмут буоланнар, кыыс илиилэрин аллара таҥаһыгар бигии кыайан түһэриммэт. Нэксиэҕэ оҕустаран кузов кэннигэр тэйиэккэлээн барымаары, тоҥолохторун сыыһынан тирэммитэ буола истэ.
Кузов кэнники эркинин үрдүгэ намыһах буолан, эһиллэн аара сиргэ түһэн да хааллаҕына, дьоно көрүө суохтарын билэн, кыыс төһө кыалларынан ыйааһынын сыыһынан бүтүннүү аллараа баттанан, тирэнэ сатыы сытаахтаата. Харахтарыттан атын, тоҥон туга да хамсаабат буола сытар кыыс хараҕын кырыытынан күтүөтүн көрө сатаата да, түҥнэри хайыһан ыбылы суулана сытар киһи кини диэки хайыһан да көрбөт. Тоҥон иттэннэри түһэн сытар кыыс муус буола кырыарбыт кыламаннарын быыһынан хараҕын нэһииччэ атытан илиилэрин көрүммүтэ — туох эрэ сып-сырдык дьэҥкир курдук үрүҥ туман кэлэн бүрүйэн кэбиспит курдуга, онтон сыыйа-баайа бэйэтин эмиэ саба бүрүйэн үллүктүүргэ дылыта.
Төһө өр оннук айаннаабытта ра биллибэккэ сыттаҕына, Дьокуускай куорат аэропордугар кэлбит бадахтаахтара. Ким эрэ онно түһэр-тахсар курдуга даҕаны, кинилэри түһэртээбэккэ эмиэ салгыы айаннаабыттара. Эмиэ дьүүлэ-дьаабыта биллибэт уһун айан кэнниттэн ханна эрэ кэлбит курдуктара. Кыыс хантан эрэ ыраахтан саҥарсалларын иһиттэҕинэ: «Маҥан аэропордугар кэллибит. Түһүҥ!» — диэн суоппардара саҥарарга дылыта. Күтүөт онуоха дьигиһийэн ойон туран, үлүйэн харахтара эрэ нэһииччэ хамсыы сытар кыыһы көрөөт, куттанан, турарыгар даҕаны көмөлөспөккө, малларын ылан сиргэ быраҕаттаат, бэйэтэ сулбу ыстанан түһэн баран хаалла. Тоня үдүк-бадык айаннаан, этэ-сиинэ тугу да билбэт буолуор диэри тоҥмут киһи, иһигэр: «Хата, көмөлөспөтөҕө үчүгэй, тоҥмут илиилэрбин тоһутуо эбит…» дии санаахтыыр. Нэһииччэ, өр да өр тыллан эрэр сибэккилии, төттөрү-таары хачайданан, хамсанан тоҥмут тоҥолохторугар түөрт атах буолан тирэнэн, көнтөрүктүк хамсанан туран кэлээхтээтэ. Сонун сиэҕин харыта кылгас буолан, тордуохтуу тоҥмут икки илиилэрэ муус-маҥан буолан килэйэн көстөллөрө, ону көрөн кыыс саныыр: «Оо, илиилэрбин ханна да таарыйбатах эрэ киһи… Тостон түһэн хаалыыһыктар…» Түгэххэ түспүт икки үтүлүктэригэр тиийэн, кузов эркинигэр ойоҕоһунан сыҕанан, оргууй суулла былаастаан тобуктуу түһэн баран, нэһииччэ төҥкөйөн туран, оргууйдук сэрэнэн тордуох курдук илиилэринэн туора-маары хомуостуу хаһыйталаан, бэйэтигэр хардары-таары сыһыартыы тардыталаан, өрө таһаарталаан хоннохторугар кыбынаахтаата уонна массыынатыттан түһээри бэлэмнэммитэ буолан, онтукайдарын биир-биир сэгэс гынан, хардары-таары сиргэ түһэртээтэ. Массыынаттан түһэригэр сэрэниин-сэрэнэн тоҥолохторунан тирэнэн, кузовы атыллаан баран, уйуттубакка, тордуох илиилэрин өрө көтөхпүтүнэн аспаалга бэргэһэтэ эһиллиэр диэри тиэрэ таһылла түстэ. Дөйүөрэн төһө өр сыппытын өйдөөбөт да буоллар, оронон туран кэллэ. Уонна эмиэ сор бөҕөнөн тэйиччи эһиллэн хаалбыт бэргэһэтин икки тоҥмут илиилэринэн бигии кыбытан ылан төбөтүгэр уурунаахтаата. Онтон эмиэ үөһэттэн түһэрбит үтүлүктэрин нэһииччэ тарыйталаан ылаттаан баран, орҕостон туран, атахтарын бэрэбинэлии соскойдоон, кыра-кыратык хардыылаан, аэропорт дьиэтигэр барда.
Аэропорт улахан бэйэлээх ыарахан аанын аттыгар тиийэн: «Иһирдьэ киирэ охсубут киһи… Ааммын хайдах аһарым буолла?.. Бэйэм астахпына илиим тостууһук… Оо дьэ, хайдах гынан киирэбин?..» диэн саныы тураахтаатаҕына, хата, ол кэмҥэ ыраахтан көрөн, орто саастаах нуучча эр киһитэ түргэн үлүгэрдик сүүрэн кэлэн, хаайтаран турбут аанын иннигэр тэлэччи аһа баттаата. Өссө иһирдьээҥҥи икки ааннары эмиэ иннигэр сүүрэ сылдьан, субуруччу тэлэччи аһыталаан киллэрэ-киллэрэ, тоҥон муус-маҥан буолбут сирэйин уонна үлүппүт илиилэрин көрөн, айманан барда. Кыыс бүүс-бүтүннүү үлүйбүтүн көрөн, ону-маны ыйыталаһан көрөр даҕаны, киһитэ ис-иһиттэн саҥата тахсыбат буолан, туох да диэн хардараахтаабат. Нуучча киһитэ ыксаан тугу гыныан билиминэ, кыыһы холоруктаан тула көтө сырыттаҕына, радио рупорыгар Москваҕа көтөр сөмөлүөккэ олорууну биллэрэннэр, онно сүүрдэ.
Саалаҕа аҕыйах киһи ордон хаалбыта киирбит кыыһы өйдөөн да көрбөттөр быһыылааҕа. Эбиитин туманнырбыт хараҕар дьоно даҕаны көстүбэттэр. Тоня аан айаҕар, тымныы үргүйэр сиригэр, туран, ханна эрэ ыраах төбөтүгэр: «Сылаас өттүгэр эмискэ киирдэхпинэ, илиим ирэн ууллан хаалыыһык…» диэн сэрэхэчийээхтээн, киирбит аанын аттыгар балай эмэ хамсаабакка биир сиргэ турда. Ол туран, хараҕынан саала хайа өттүгэр салгыы баран иттэр сирин оргууй аҕай көрдөөтө. … Кыыс кыайан көммөт гына сарайбыт тарбахтардаах тордуох курдук тоҥмут илиилэрин көтөхпүтүнэн, нэһииччэ хамсыыр атахтарын сыҕарыҥнатан, уҥа диэки, көхсүнэн оргууй аҕай аҕыйах хаамыыны оҥордо. …
… Көхсүнэн хаампыта буолан, кэмниэ-кэнэҕэс батареятыгар кэлэн, чороччу тэбэ сылдьар тордуох курдук үлүйбүт илиилэрин: «Эмискэ ирэн ууллан хаалыахтара» диэн итиигэ чугаһаппакка, оргууйдук көхсүнэн сыһынна. Онуоха этэ-сиинэ хам тоҥмут буолан, батарея сылааһын тута билбэтэҕэ даҕаны. Санаатыгар тоҥмут тарбахтарын батарея сылааһыттан өссө эбии тэйитэн, харытын нэһииччэ эргитэн, иннигэр үөһэ диэки саратта. Оннук балачча тура түспүтүн кэннэ, батарея сылааһа этигэр кыра-кыралаан биллэн барбытыгар кыыс бэйэтэ салайан, сылааһы этигэр-сиинигэр оргууйду тарҕата ыытта. Дьэ ол турдаҕына, Тоня көхсүттэн силлиэрэн, тыбыс-тымныы, дохсун тыал холоруктуу ытыллан, үөһэ диэки тахсан барда. … Ол курдук хонноҕор кыбыммыт үтүлүктэрин да кыайан арааран ылбакка турар кыыска оҕотун көтөҕө сылдьар үллэ кыыһырбыт эдьиийэ хантан эрэ тиийэн кэлэн: «Баччааҥҥа диэри ханна сылдьаҕыный, оҕо көрсүбэккэҕин?!» — диэтэ.