Түһүлгэ биир санаалаахтары түмтэ

Ааптар: 
18.12.2019
Бөлөххө киир:

 Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ахсынньы 14-15 күннэригэр сомоҕолоһууга туһуламмыт национальнай култууралар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэрэ төрдүс төгүлүн ыытылынна. Бу туһунан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


— Далааһыннаах бырайыак «Саха сирэ — эйэ уонна сөбүлэһии сирэ-уота» девиһинэн ыытылынна. Быйылгы бэстибээлгэ «Вокал», «Художественнай тыл», «Хореография» үгэстийбит хайысхалары сэргэ, бырагыраамаҕа «Национальный сиэр-туом», «Айар дьоҕурдаах дьиэ кэргэн», «Истоки» кылгас метражтаах киинэ киллэрилиннилэр.

Розалия Колосова, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы, «Единение» бэстибээл дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ:

— Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин норуоттара бары түмсэллэр, сомоҕолоһоллор.  Бу бэстибээл үтүө үгэскэ кубулуйда уонна кыттааччыларга бэртээхэй бырааһынньык түһүлгэтинэн буолла. Манна кыттар кэлэктииптэр бука бары өрө көтөҕүллүүлээхтэрэ, саҥаны, сонуну үлэлэригэр киллэрэргэ бэлэмнэрэ, хас биирдиилэрэ бэйэлэрин норуоттарын уратытын тута сылдьаллара, харыстыыллара хайҕаллаах. Бу бэстибээл кэнсиэр, бэйэ ньүөмэрин эрэ көрдөрүү буолбатах, бу култуурунай бырагыраама элбэх национальностаах самодеятельнай ускуустубаны түмэр, өйүүр, сайыннарар уонна доҕордоһууну, бэйэ бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыаны бөҕөргөтөр.

Вера Шамаева, «Дьокуускайга кэриэйдэр ассоциациялара» уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ:

—Үтүө, эйэҕэс сыһыан — төрөөбүт сиргэ-уокка или-эйэни олохсутар, ситиһиигэ сирдиир. Онон тэрээһин девиһэ дириҥ, киэҥ хабааннаах өйдөбүллээх. Итинтэн да көстөрүнэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитин мээнэҕэ элбэх бырааттыы норуоттаах Саха сиринэн ааттаабатахтара өйдөнөр. Биһиги Сахабыт сиригэр 120-тэн тахса араас омук иллээхтик-эйэлээхтик олорор. Биһиги бука бары тапталлаах Арассыыйабыт сайдарын, чэчириирин туһугар олоробут, үөрэнэбит, үлэлиибит.

Дмитрий Соловьев, «Арассыыйа — мин историям»  мультимедийнэй паарка дириэктэрэ:

—Бэстибээл Сомоҕолоһуу сылын биир бэртээхэй, чаҕылхай түмүгэ.  Элбэх бырааттыы норуоттар сүүһүнэн сыллары уҥуордаан илдьэ кэлбит национальнай култууралара дойду биир сүрүн баайынан буолаллар. Бэстибээл уон призерун биһиги «Арассыыйа — мин историям» пааркаҕа ыалдьыттата  ыҥырдыбыт.

Айталина Попова,  Муома оройуонун Улахан Чыыстай сэлиэнньэтиттэн кэлбит «Эгдьэн мола» дьиэ кэргэн ансаамбылын художественнай салайааччыта:

—Ансаамбылбытыгар мин ийэм, чүөчэм, оҕолор, быраатым Оскар Соловьев-Худи бааллар. Ахсынньы 9 күнүгэр биһиги Муома оройуонугар бэриниилээхтик табаһытынан үлэлээбит Степан Григорьевич Слепцов төрөөбүтэ 100 сааһын бэлиэтиир дьоро киэһээҕэ кытынныбыт. «Туундараҕа уонна тайҕаҕа ой дуораана» төрүт олохтоох аҕыйах ахсаннаах Хотугу норуоттар бэстибээл-куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кытынныбыт.  Оттон бу бэстибээлгэ Аюрика уонна Любомир хоһоон ааҕыытыгар кытыннылар, «Национальнай сиэргэ-туомҥа» биһиги «тугут төрөөһүнэ» диэни көрдөрдүбүт. Аюрика — иккис, Любомир уонна Оскар — төрдүс, Сахайаана Попова алтыс кылааска Улахан Чыыстай орто оскуолатыгар үөрэнэллэр. Нэһилиэкпит оройуон кииниттэн ыраах буолан, куонкурустарга куруук кыттарбыт ардыгар кыаллыбат. Онон Дьокуускайга кытта кэлэрбититтэн наһаа үөрбүппүт. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан тэрээһиҥҥэ кэлэр дьону-сэргэни көрүөхпүт, билсиэхпит диэн. Бэстибээл өбүгэ үгэһин, култууратын харыстыырга үөрэтэригэр эрэнэбит.

Национальнай култууралар IV бэстибээллэрин түмүгэ

«Художественнай тыл» анал аакка

4-6 саастаахтарга 1 степеннээх лауреат диплома Овик Тамояҥҥа туттарылынна. Жатай, «Чебурашка» оҕо саада. Салайааччы О.И. Васильева.

7-11 саастаахтарга 1 степеннээх диплом Дьулусхан Гаврильевка туттарылынна. Тулагы. Салайааччы Г.И. Попов.

12-17 саастаахтарга 1 степеннээх лауреат диплома «Мастерство слова» ансаамбылга бэрилиннэ. «Айылгы» ДО. Салайааччы Е.Е. Ермолаева.

51 уонна онтон үөһээ саастаахтарга 1 степеннээх лауреат диплома Владимир Орловка туттарылынна.

«Вокал» номинацияҕа

4-6 саастаахтарга 1 степеннээх лауреат диплома «Вундеркинды» ансаамбылга норуот ырыатын толорууларын иһин ананна. «Остров сокровищ» оҕону сайыннарар киин. Салайааччы Н.П. Васильева.

1 степеннээх лауреат диплома соҕотоҕун ыллаабыт Сайаана Петроваҕа туттарылынна. Эстраднай-джазовая ырыа. «Ивушка» оҕо саада. Салайааччы Т.В. Стефанова.

7-11 саастаахтарга 1 степеннээх диплом «Микс» вокальнай кэлэктиипкэ. Салайааччылар Е.И. Тархаева, Т.Д. Габышева, С.М. Горохова.

1 степеннээх диплом соҕотоҕун ыллаабыт Алексей Бондаренкоҕа туттарылынна. Салайааччы Ю.В. Павлов. Эмиэ итинник дипломунан Арина Суюдукова наҕараадаланна. Салайааччы Ю.В. Павлов.

18-35 саастаахтарга 3 степеннээх дипломҥа Сайыына Бурцева тигистэ. Уу тырааныспарын ДЬокуускайдааҕы институтун 1 кууруһун устудьуона. Салайааччы С.П. Олесов.

35-50 саастаахтарга 1 степеннээх лауреат аата «Ямщицкий перезвон» фольклорнай ансаамбылга туттарылынна. ОРто бөлөх. Салайааччылар А.И. Павлова, В.Д. Белоглазов.

51 уонна онтон үөһээ саастаахтарга 2 степеннээх дипломунан «Вольница» ансаамбыл наҕараадаланна. Салайааччы Ю.В. Павлов. Итинник диплом «Кустук» ансаамбылга туттарылынна. Аллайыаха оройуона. Музыкальнай салайааччы С.А. Трифонова, ансаамбыл салайааччыта С.Н. Протопопова.

«Инструментальное исполнение» номинацияҕа «За активное участие» анал аакка Надежда Афанасьевна Максимова тигистэ. Кини балалайкаҕа оонньоото.

«Айар дьоҕурдаах дьиэ кэргэн» 1 степеннээх лауреатынан Петр уонна Эрик Ивановтар буоллулар.

«Хореография» анал аакка 

4-6 саастаах кырачааннарга 1 степеннээх лауреатынан «Бриллианты Якутии» ансаамбыл буолла, «Кокетки» бөлөх. САлайааччы В.В. Платонова. Итинник дипломунан «Солнышко» дуэт Рома Ловцов, Аня Андреева наҕараадаланнылар. «Кэнчээри» оҕо саада. Салайааччы Т.И. Аммосова.

7-11 саастаахтарга 1 степеннээх лауреаттарынан «Эрэлчээн» үҥкүү кэлэктиибэ. «Эрэл» НТТ уонна Олоҥхо тыйаатырын иһинэн үлэлиир. САлайааччылар Е.Е. Павлова, Т.В. Макарова. Итинник дипломунан Микаел Хачатрян, «Тэлээрис» ансаамбыл солиһа, 18 №-дээх оскуола иһинэн үлэлиир оҕо подростковай киинэ. Итиэннэ Мичийэ Платонова. «Айыы кыһата» оскуола. Салайааччы В.В. Платонова. «Тускун» үҥкүү кэлэктиибэ. Салайааччы С.Г. Павлова буоллулар.

12-17 саастаахтарга 1 степеннээх лауреат дипломунан «Тетрис» ансаамбыл. Салайааччылар Т.М. Матюшенко, Т.И. Савочкина. Кинилэри сэргэ, «Сюрприз» ансаамбыл, салайааччылар И.А. Егорова, В.А. Дьяконова уонна «Фортуна» үҥкүү кэлэктиибэ, салайааччылар М.У. Искандарова, Е.А. Жиркова ааттаннылар.

35-50 саастаахтарга 1 степеннээх лауреат дипломун Екатерина Красавцева (Дьокуускай) тутта.

51 уонна онтон үөһээ саастаахтарга 1 степеннээх лауреатынан «Алдаана» ансаамбыл буолла. Таатта, Ытык Күөл. Салайааччы З.И. Николаева. Кинилэри сэргэ «Түһүлгэ» ансаамбыл (Горнай, Бэрдьигэстээх) уонна «Мозаика» ансаамбыл, хобби-кылаас. Салайааччы М.З. Сивцев, «Кэрэ эйгэ» бальнай үҥкүүгэ дьиэ кэргэн ансаамбыла (Үһүс көлүөнэ оскуола), салайааччы М.С. Соловьева ыллылар.

«Мода тыйаатыра» номинацияҕа

4-6 саастаахтарга 1 степеннээх лауреатынан «Якутяночка» мода тыйаатыра, «Якутяночка» оҕо саада. Салайааччы И.А. Слепцова.

18-35 саастаахтарга 1 степеннээх лауреатынан «Сардаана» мода тыйаатыра (И. Винокуров аатынан Нам педагогическай кэллиэһэ. Салайааччы З.Д. Понохова).

«Национальнай сиэр-туом» 

7-11 саастаахтарга 

2 степеннээх лауреатынан «Айылгы»киин (Дьокуускай, салайааччылар Е.Б. Жиркова, Н.С. Теплоухова) буолла.

18-35 саастаахтарга 

3 степеннээх лауреат аатын Константин Спиридонов (Анаабыр, Үрүҥ Хайа. Салайааччы П.И. Туприна) ылла.

«Хореография» номинацияҕа Гран-при үрдүк аатын «Айылгы» ырыа уонна үҥкүү кэлэктиибэ (Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэс. Салайааччы В.В. Томскай) ылары ситистэ.

«Хореография» номинацияҕа Гран-при аата «Ярилов день» үҥкүү ансаамбылыгар (салайааччы И.А. Егорова) туттарылынна.

«Вокал» номинацияҕа Гран-при үрдүк аатын Марина Петросян (Дьокуускай, 31-с №-дээх орто оскуола) ылла.

Хаартыскаларга Айталина АРГУНОВА түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0