Түүлээхтэр саҥа кинигэлэннилэр

19.04.2019
Бөлөххө киир:

Кыраайы үөрэтиинэн хоннохтоохтук дьарыктанар энтузиаст дьон сир-сир аайы “ыһылла сыппаттар”. Онон, дойду устуоруйатын суруйуу таһыма харахха быраҕыллар араастаах буолар. Биллэн турар, ким хаһаастаах — ол тахсыылаахтык үлэлиир.

edersaas.ru

Түүлээх кытыы сытар кыра нэһилиэгинэн аатырдар даҕаны, үйэтитии боппуруоһугар холобурга сылдьар кинигэлэрдээх. Ол курдук, Иван Гоголев-Бурҕас 1810-1917 cыллардааҕы архыып докумуоннарын үөрэтэн уонна олохтоохтор көмөлөрүгэр тирэҕирэн оҥорбут “Түүлээх нэһилиэгэ” диэн улахан кинигэтэ 2014 cыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар “Саха сирин нэһилиэктэрэ” серияҕа тахсыбыта.

Бу иннинэ 1995 cыллаахха “Ытык иэс”, “Оскуолам ахтылҕана” диэн тэттик кээмэйдээх эрээри, дириҥ ис хоһоонноох икки дьоҕус кинигэ — педагогическай үлэ бэтэрээнэ Афанасий Алексеев өр сыллаах чинчийэр, суруйар дьарыгын “бастакы хараҥаччылара” буолан, күн сирин аан бастаан көрбүттэрэ. Ити кэмтэн ыла кини нэһилиэгин устуоруйатыгар сыһыаннаах “Номоххо киирбит буойун” (2009 с.) “Айыы итэҕэлин туһунан” (2014 с.) кинигэлэрэ тахсыбыттара. Маны сэргэ улуус бары нэһилиэктэриттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүт уонна эргиллэн кэлбит, 1995 cыллааҕы өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон өйдөбүнньүк кинигэлэригэр киирбэккэ хаалбыт буойуннар ааттарын ирдэһэн, хомуйан “Сырдык ааттара умнуллуо суохтаах” (2009 c.) диэн кинигэни бэчээттэппитэ. Ааптар “Сүрэх бааһа” (2000 c.), “Эргиллибэт эдэр сааска” (2008 с.), “Күн уоттаахтар” (2009 c.), “Айылҕа илгэлээх тыыныгар” (2014 c.) диэн сэһэннэрин, кэпсээннэрин хомуурунньуктарын сюжеттара эмиэ төрөөбүт-үөскээбит Түүлээҕиттэн силистэнэн айыллыбыттара.
Кулун тутар 29 күнүгэр Дьокуускай куоракка Түүлээх түмсүүтүн быйылгы тэрээһинэ биллиилээх кыраайы үөрэтээччи “Түүлээх былыргыта” диэн саҥа кинигэтин сүрэхтээһинтэн саҕаланна. Афанасий Кононович нэһилиэгин кырдьаҕастарыгар сүгүрүйэн, кинилэри тыыннаахтарыгар баттаһан, сэһэннэрин-сэппэннэрин сурукка түһэрэн үйэтитэр сыаллаах, өр сылларга дьаныһан туран үлэлэспитин туһунан эттэ. Кинигэ аан тылыгар үөлээннээҕэ Хомус Уйбаан ааптар устудьуоннуур кэмигэр куруук тугу эрэ сурунарын, онтун оччотооҕуга муодунай “валетка” суумкатыгар чып хатанан сылдьарын туһунан ахтан аһарар. Ол курдук, үһүйээннэри, номохтору сурукка түһэрбитин бэлиэтээбититтэн көрдөххө, Афанасий Кононович 17-18 сааһыттан 19-c үйэҕэ төрөөбүт аарыма кырдьаҕастары атах тэпсэн олорон кэпсэтиннэрэн, нэһилиэгин былыргы олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан сурукка түһэрэн испит. Ити аата, кини чинчийиинэн дьарыктаммыта сэттэ уонча сылга чугаһаабыт.
“Түүлээх былыргыта” кинигэҕэ түүлээхтэр түҥ былыргы үһүйээннэрэ, номохторо, итэҕэллэрэ, ойууннааһын, архыып докумуоннарыгар олоҕурбут устуоруйа чахчылара, Түүлээххэ олорбут уонна хонон-өрөөн ааспыт политическай сыылынайдар тустарынан матырыйааллар, сири оҥоруу, былыргы эмтиир ньымалара, булт харыс тыллара, таабырыннара, өс хоһоонноро киирбиттэр. Билигин маннык хабааннаах үлэ тахсара сэдэх, онон саҥа кинигэ аҥаардас биир эрэ нэһилиэк былыргытын буолбакка, саха омук былыргытын сырдатыыга улахан суолталаах.

Көрсүһүү кэмигэр П.А.Ойуунускай аатынан Литэрэтиирэ түмэлин дириэктэрин солбуйааччы Л.Н.Иванова, суруналыыс, ХИФУ саха салаатын магистрана М.И.Иванова, бэйиэттэр А.Старостин-Кынат, Л.Горохова-Сүүмэх, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы научнай киинин Президиумун председателин солбуйааччы А.А.Пахомов уо.д.а. кинигэ тула бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Нэһилиэк баһылыга С.В.Винокуров үөрэппит учууталыгар А.К.Алексеевка махтанан туран, нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бэлиэни туттарда.
Биир дойдулаахтара Афанасий Кононовичка айар үлэтигэр ситиһиини, бигэ доруобуйаны баҕардылар.
Эһиил ытык кырдьаҕас 85 сааһа, оскуола 100, Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сыллара туолалларынан, Афанасий Кононович үгүс сыллаах айар уонна педагогическай үлэтэ, уоттаах сэрии толоонугар кыргыспыт буойуннар ааттарын үйэтитиигэ дьоһуннаах кылаата сыаналанан, улууһун Бочуоттаах олохтооҕун аата иҥэриллэригэр тыл көтөхтүлэр. Билигин ааптар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтиттэн бэттэх кэми хабан, Түүлээҕин устуоруйатын иккис кинигэтин бэчээккэ бэлэмнии сылдьар.

Мария РЕШЕТНИКОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0