«Улуус үрдүнэн Кылаайы сэлиэнньэтигэр эрэ бүгүҥҥү туругунан оптика тардылла илик. Онон түргэн сырыылаах интэриниэтинэн хааччылла иликтэр. Түүлээххэ диэри ВОЛС-ы тардыы туһунан кэпсэтии өссө былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Улуус саамай ыраах сытар нэһилиэктэрин сибээһинэн хааччыйыы боппуруоһа тыын суолталаах. Цифровизация социальнай эйгэ, экономика, инфраструктура, дьон олоҕун таһыма үрдүүрүгэр быһаччы тутулуктаах, — диэн баһылыгы солбуйааччы Петр ПОПОВ тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Былырыын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн интэриниэт ситимигэр өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 99,9 бырыһыана олорор 536 нэһилиэнньэлээх пууна холбонно. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 90,96 бырыһыана олорор 363 нэһилиэнньэлээх пуунугар 13 000 км. усталаах сибээс волоконнай-оптическай лииньийэтэ тардылынна.