Олунньу 18-19 күннэригэр Дьокуускайга буолан ааспыт көҥүл тустууга дьүлэй уонна куһаҕаннык истэр спортсменнар Россия үрдүнэн биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чөмпүйэнээттэригэр уонна оҕолорго күрэхтэһиилэригэр биһиги бөҕөстөрбүт ситиһиилээхтик кытыннылар.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru
Ол курдук, эр дьон күрэхтэһиитигэр Егор Скрябин (57 кг), Валерий Чемпосов (65 кг) уонна Василий Стрекаловскай (70 кг) кыһыл көмүс, Сергей Николаев (61 кг) үрүҥ көмүс, Альберт Петров (57 кг) уонна Владимир Бородин (65 кг) боруонса мэтээллэри ылары ситистилэр. Ону тэҥэ, Василий Стручков уонна Прокопий Николаев тренердээх Саха сирин тустууктара хамаанданан түмүккэ бастакы миэстэни ыллылар.
Оттон 2000-2001 сс. төрөөбүт уолаттар күрэхтэһиилэригэр Степан Иванов (42 кг), Алексей Кондратьев (58 кг) уонна Андрей Винокуров (63 кг) бастакы, Николай Васильев (42 кг), Евгений Мохначевскай (46 кг) иккис, Ринат Троев (46 кг), Дмитрий Омукчанов (50 кг), Алексей Васильев (58 кг) уонна Сайдам Борисов (76 кг) үһүс миэстэлэри ыллылар. Онон эмиэ эр дьоҥҥо курдук, Саха сирин уолаттарга хамаандата (тренердэр Эрчимэн Макаров, Михаил Захаров) пьедестал үрдүкү үктэлигэр таҕыста.
Бу ситиһиилээх уонна үөрүүлээх түгэнинэн сибээстээн, СӨ бырабыыталыстыбатын 2 №-дээх дьиэтигэр тренердэри уонна тустууктары чиэстээһин ыытылынна. Бастыҥнары СӨ Спорка миниистирэ Георгий Балакшин, СӨ спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ Семен Березин, инбэлииттэр спортарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Николай Дегтярев, Россия үтүөлээх тренерэ Борис Федоров эҕэрдэлээтилэр.
Спорт министиэристибэтин бирикээһинэн Егор Скрябиҥҥа, Валерий Чемпосовка, Василий Стрекаловскайга 200-түү, кинилэр тус тренердэрэ Василий Стручковка уонна Прокопий Николаевка 100-түү тыһ. солк. сертификаттар туттарылыннылар. Оттон СӨ спортивнай тустууга федерациятын аатыттан бэрэсидьиэн С.М.Березин эр дьоҥҥо чөмпүйүөннээбиттэргэ 100-түү, кинилэр тренердэригэр 25-тии, бастакы тренердэригэр 15-тии, оттон үрүҥ көмүс призерга 70, боруонса призердарга 50-нуу тыһ. солк. сертификаттары туттартаата.
Манна сыһыары тутан эттэххэ, чөмпүйүөннэргэ үүнэн тахсалларыгар олук уурбут, Саха сиригэр Сурдлимпийскай хамсааһыны биир бастакынан саҕалаабыт РФ уонна СӨ үтүөлээх тренерэ Борис Прокопьевич Федоровы саатар бастакы тренер быһыытынан сыаналаабатахтара хайдах эрэ өйдөммөт. Ханнык даҕаны балаһыанньаҕа маннык бэлиэ түгэҥҥэ киһи үлэлээбит үлэтэ, сырата, көлөһүнэ таах хаалыа суохтаах этэ…
Аны спортсменнарбыт уонна тренердэрбит кыратык тыын ыла түһэн баран, унньуктаах уонна сындалҕаннаах дьарыкка киириэхтэрэ. Кинилэргэ – ылбыт таһымнарын намтаппакка, өссө дьаныардаахтык дьарыктанан, от ыйыгар Турция Самсун куоратыгар ыытыллар Сурдлимпийскай оонньууга кыттыыны ылалларыгар баҕарыаҕыҥ.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.