Түөлбэлэргэ үлэ күөстүү оргуйар

27.02.2019
Бөлөххө киир:

Хатас сэлиэнньэтэ барыта 8 түөлбэнэн: “Баҕарах 1”, “Баҕарах 2”, “Агрогородок”, “Маалгын”, “Сардаҥа”, “Туймаада”, “Моисеевка”, “Алаас” үлэлиир-хамсыыр. Биирдии түөлбэҕэ кыччаабыта ортотунан 350–400 киһи олорор. Инньэ гынан, түөлбэ салайааччылара биир кыра нэһилиэк аҕа баһылыктарын кэриэтэлэр. Кинилэр үгүстэрэ үлэ ымпыгын-чымпыгын сурах хоту буолбакка, эттэринэн-хааннарынан билбит, олохтоохтор ытыктабылларын ылбыт, дьону түмэргэ ураты талааннаах дьоннор.

edersaas.ru

Түөлбэ салайааччылара, биллэн турар, дьаһалта уонна нэһилиэнньэ икки ардыгар далаһа буолаллар. Ким туох ситиһиилээҕин, кыһалҕалааҕын, интэриэстээҕин кинилэртэн билэбит. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, кыра дохуоттаах ыалга, олох ыарахаттарыгар түбэспиттэргэ тустаах көмөлөрү оҥоробут. Түөлбэлэр бэйэлэрин баҕаларын биллэрэн, сыал-сорук туруорунан, быланнаахтык үлэлииллэр. Холобур, Александра Ефремова салайааччылаах “Маалгын” түөлбэ бэйэтэ үп-харчы хомуйан, суолун оҥостубута. “Баҕарах 2” түөлбэ эмиэ харчы хомуйан, хорук тымыр суолларын моһуоктуур миэстэлэрин тупсарбыттара. “Баҕарах 1” олохтоохторо саас уулуссаларын ыраастыырга күүскэ туруммуттара. Түөлбэ салайааччыта Николай Попов хомуллубут бөҕү-сыыһы, наадалаах матырыйааллары бэйэтин тиэхиньикэтинэн таспыта. Ону сэргэ субуотунньукка кыттыһан, стадиону ыраастаабыттара. “Туймаадалар” оҕо былаһааккатын өрөмүөннээбиттэрэ.
Биир түөлбэ сонун тэрээһини көҕүлээн ыыттаҕына, ону иилэ хабан ылан, аныгыскыга ким эрэ салҕыыр, эбиитин саҥаттан-саҥа көрүҥнэри киллэриэн, байытан биэриэн, үгэскэ кубулутуон сөп. Инньэ гынан, ханнык баҕарар дьаһалга, үлэҕэ бүттүүн турунан сылы быһа бэлэмнэнэллэр диэтэххэ, омуннааһын буолбат.

Наталья РУФОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru анаан.
Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0