Аныгы кэм ирдэбилинэн биһиги төлөпүөнүнэн кэпсэтэрбит наһаа элбээтэ.
edersaas.ru
Киһи төлөпүөнүнэн кэпсэтэр кэмигэр туруупкатын кулгааҕын уонна саннын икки ардыгар кыбытан туран кэпсэтэрэ доруобуйатыгар улахан охсуулаах. Дьон үксүгэр сибилигин түргэнник, кылгас эрэ бириэмэҕэ дии санаан баран, ол курдук тохтообокко уһуннук кэпсэтэллэрин өйдөөбөккө хаалаллар. Ордук үлэлии олорон (ас астыы сылдьан, суруна олорон) бириэмэлэрин харыстаан, үлэлэрин тохтоппокко төлөпүөннэрин туруупкатын санныларыгар кыбытан туран кэпсэтэр дьон элбэх. Ол кэнниттэн дьэ төбөм ыарыйда дииллэрэ баар суол.
Ол туох содуллааҕый?
Мануальнай терапевт Михаил ПОСТНИКОВ:
— Киһи моонньун тоноҕосторун икки өттүнэн тоноҕос артерията барар уонна киһи мэйиитигэр тиийэр. Дьэ, кини онно тиийээри бэрт элбэх күчүмэҕэйдэри көрсөр. Ол курдук, моой хас биирдии тоноҕоһун икки өттүнэн ойоҕос уҥуоҕар тымыр барарыгар аналлаах бэрт кыараҕас хайаҕас нөҥүө киирэн ааһар. Өскөтүн биһиги туруупкабытын кулгаахпыт уонна санныбыт икки ардыгар кыбытан, төбөбүтүн кыҥнатан кэпсэтэр түбэлтэбитигэр ити этиллибит тоноҕос артерията тоноҕос аҥаар өттүнээҕи уҥуохха хам тардыллар. Оччотугар ити тымырынан киһи мэйиитин үлэтигэр улахан наадалаах хаан ситэ тиийбэтэ биллэр.
Өскөтүн, эһиги үлэҕитинэн эбэтэр уопсайынан төлөпүөнүнэн өр кэпсэтэргитин сөбүлүүр буоллаххытына, анал наушниктарынан туттарга сүбэлиэм этэ.
Билигин наушник араас көрүҥэ атыыга дэлэй. Боростуой сунуурдаах да, сунуура да суох наушниктар бааллар. Эбэтэр ханнык баҕарар аныгы төлөпүөҥҥэ “улаханнык иһиллэр сибээс” диэн функция баар, ону эмиэ туһаныллар.
Бу боростуой сүбэлэри тутуһар буоллахха, киһи моойун былчыҥнара түүрэ тардан, тоноҕос тымырдара аҥаар өттүгэр уҥуохха хам тардыллан хаалбаттар, мэйиигэ хаан иҥнигэһэ суох тиийэр буолар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru