Төлөпүөн тоҕо эстэрий?

Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта бассаап нөҥүө суотабай төлөпүөн эстибит хаартыскалара тарҕаннылар. Ол эрээри, бу Саха сиригэр буолбатах. Аан дойдуга, Россияҕа да, төлөпүөн эстэн киһини эчэтэрэ, баһаары ыытар түбэлтэтэ, хомойуох иһин, элбии турар.
Аныгы киһиэхэ төлөпүөнэ – бастыҥ доҕоро. Төлөпүөнэ суох киһи сатаан сылдьыбат. Оннооҕор тоҥхойо кырдьыбыт оҕонньоттор-эмээхситтэр туттар буоллулар. Ол гынан баран, үчүгэйдик туттубатахха, суотабай төлөпүөн эстэн, хаһаайынын дэҥниэн сөп. Итинник түбэлтэлэр элбээн эрэллэрэ дьиксиннэрэр. Ити биричиинэтинэн төлөпүөнү собуокка оҥороллоругар сыыһа таҥмыттара уонна төлөпүөнү сыыһа харайыы буолар.
Америкаҕа 14 саастаах кыыс джинса ыстаанын сиэбигэр укта сылдьыбыт iPhone 5с төлөпүөнэ умайан тахсан, этин быһа сиэбит. Биир киһи саҥа төлөпүөнүн харыстаан, салаппаан пакетка уга сылдьыбыта, итийэн баран, дэлбит тэппит.

telefon1
Хайдах харыстаныахха?
1. Температураны тутус. Төлөпүөҥҥэ, бастатан туран, иитэр аккумулятора алдьанан, умайан тахсар. Аккумулятор итийдэҕинэ, үлэтэ кэһиллэр. Төлөпүөнү күн сыралҕаныгар хааллардахха, саамай кырата, туттуллар үйэтин кылгатаҕын. Күҥҥэ сыппыт, итийбит батареялаах төлөпүөнү ылан кэпсэтэр, Интэриниэтинэн туһанар бобуллар. Эстиэн, умайан тахсыан сөп. Онон бастаан сойутуохха наада.
Төлөпүөн тоҥоро эмиэ соччото суох. Хаста да тоҥон баран, дьиэҕэ киирэн сылыйдаҕына, эмиэ туһаныллар үйэтэ кылгыыр. Сорох сыһыарыылар (приложение) батарыайаҕа наһаа күүскэ дьайаллар, ититэллэр. Оннук ититэр оонньууларынан өр оонньуур сатаммат. Итийбит төлөпүөнүнэн туһанар кутталлаах. Аны туран, Кытайга хас да киһи этиҥнээх ардахха кэпсэтэ туран, төлөпүөннэрэ эстибитэ. Онон күүстээх этиҥнээх, чаҕылҕаннаах ардах кэмигэр төлөпүөнү тыыппат ордук.
2. Иитиллэр быраабылатын тутус. Төлөпүөн иитиллэ турар кэмигэр кэпсэтэр, оонньуур, Интэриниэтинэн туһанар, дьиҥинэн, көҥүллэммэт. Иитиллэ туран, аккумулятора бэйэтэ итийэр. Бу кэмҥэ элбэх эниэргийэни сиир улахан оонньууну холбоотоххо, батарыайата аккаастыан да сөп. Ону тэҥэ төлөпүөн бэйэтин эрэ иитэр сэбинэн ииттэриҥ. Түүнү быһа ииттэрэ хаалларар эмиэ буортулаах.

3. Алдьатыма, сэрэнэн тутун. Төлөпүөнү үлтү түһэрии, ыстаан кэннинээҕи сиэбигэр уктан баран олоруу – аккумуляторын алдьатыан сөп. Сиргэ түһэрэн кэбистэххитинэ – тута холбоомоҥ. Аккумуляторын хостоон ылан, алдьаммытын-алдьамматаҕын көрөн баран биирдэ холбооҥ. Ону тэҥэ итийбит төлөпүөнү сиэпкитигэр уктумаҥ.

telefon2
Хомойуох иһин, сороҕор собуокка сыыһа хомуллубут төлөпүөн эмиэ умайан тахсыан сөп.
Төлөпүөнү оҥорооччулар төһө кыалларынан синньигэс, чочуонай гына оҥоро сатыыллар. Оттон аныгы литий-ионнай аккумулятор иитиитэ төһө кыалларынан өр соҕус сылдьарын ситиһэ сатыыллар. Бу икки кыһалҕа сороҕор сатаан сөп түбэспэттэр. Онон олус синньигэс төлөпүөн эмиэ да кутталлаах.
Кытайга, Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азияҕа оҥоһуллубут төлөпүөннэр эмиэ кутталлаахтар. Манна төлөпүөннэр бары ирдэбиллэри толорон хомуллубуттар диэн этэр кыах суох. “Подделка” төлөпүөн наһаа элбээтэ. Ол иһин улахан хампаанньалар “пираттары” утары бэйэлэрэ охсуһан эрэллэр. Ураты микросхеманы оҥорон, тарҕатаары гыналлар. Бу микросхема “пиратскай төлөпүөҥҥэ сөп түбэспэт, үлэлииртэн аккаастанар эбит.
Түмүккэ
Төлөпүөн барыта эстэр, алдьанар диэн буолбатах. Туһаныы быраабылатын тутустахха, төлөпүөн өр сулууспалыан сөп. Ону тэҥэ хаачыстыбалаах, дьиҥнээх оҥорон таһаарааччы бородууксуйатын атыылаһа сатааҥ.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0