Төлөпүөн түрүлүөнэ (Кэпсээн)

Ааптар: 
14.07.2021
Бөлөххө киир:

Максим Ксенофонтов кэпсээнин аа5ыҥ эрэ.  

Киилкэ Куола «онус кылааһы бүтэрбиппинэн уонна 17-бин туолбуппунан» диэн дьонун: ийэтин Мичиянаны, аҕатын Гераны «хайытан», «Юла» биллэриилэригэр көрөн, талан-талан, ботуччу суумаҕа — 45 тыhыынчаҕа — айпуон ылла. Онтукайа «ахсыс» диэн. Дьэ, уруккуттан ымсыырар курутуой төлөппүөнүн ылыаҕыттан, Киилкэ Уйбаныап ньолбоҕор, кыаһаан сирэйигэр астыныы мичээрэ олохсуйда, оттон бэйэтэ хоhуттан да быкпат буолла.

Ийэтэ дуу, аҕата дуу тугу эмэ соруйдахтарына: «Билигин, билигин», — диир уонна ол эппиттэрин оннук умнан кэбиһэр. Иккистээн-үһүстээн этиттэрэн баран биирдэ, аа-дьуо туран, канадка кыргыылаах кылгас баттаҕын имэринэ-имэринэ, соруйбуттарын түргэн-тарҕан соҕустук толоро охсор. Хайыай, айпуонугар оонньоору ыксыыр буоллаҕа эбээт. Эбэтэр ийэтин курдук төгүрүк, маҥан сирэйдээх, сайынын наар хара маайканан уонна сиэрэй, киэҥ шортигынан сылдьар, былырыын аармыйаттан кэлбит убайа Киэскэ кини оннугар үлэлиир.

Саҥа тэрилигэр аралдьыйан Куола аһыырын кытта умунна. Дьонноро аһаан-сиэн бүтэн эрдэхтэринэ, хос-хос ыҥыртаран, хаһуттан тахсан, сойбут аһылыгын хабыалыы охсор, мүлүйбүт чэйин сэлиэнэйиттэн ыймахтыыр. Хата, маладьыаһыҥ, аһаан тураат, иһитин мүччү-хаччы сайгыы охсон, бодунуоска ууран кэбиһэр. Ол кэннэ хоһугар «дьылыс» гынар.

Бу саҥа ылбыт гаджета улахан кыамталаах, ол эбэтэр, пааматын обуйуома обургу буолан, эҥин араас «сыһыарыылары», оонньуулары талбытынан туруорунар.

Бытаан бассааба биллэрдик түргэтээтэ. Бөлөхтөрүн ахсаана отуттан таҕыста. Пиэйисбуугу кытта билистэ. Иинистэгыраамы интэриэһиргээтэ. Бииргэ үөрэммит табаарыстарын уонна саанан ытыыга маастар, ырыаһыт Игорь Егоров инсталарыгар баппыыскаланна. Йутуупка биидьийэ, киинэ арааһын булан түүннэри көрөр буолла.

Эрэсиимэ кэһиллэн, түүнүн төлөппүөн харахтанар, күнүһүн утуйан бырылатар  идэлэннэ.

«Коньуукулугар астына утуйдун, окко киириэххэ дылы сынньаннын», — диэн, аҕата туруораары гынарын, ийэтэ уһугуннаттарбат, Киилкэтин буолунай, уутун тото ханыаҕыгар дылы утутар.

Куола итинник тиэрэ-таары эрэсиимнээх, бука, от ыйын ортотугар дылы, от үлэтэ саҕаланыар диэри сылдьыа эбитэ буолуо. Ону баара, от ыйын биэһигэр аллар атаһа Айхал төрөөбүт күнүгэр «эрдэ», күнүс биэс чааска ыҥырда.

Болдьоммут күннэрэ үүннэ. Сарсыарда уон чааска утуйбут Киилкэ, эрэйинэн, айпуонун будьууулунньуга тыаһаабытыгар, 4 чааска уһуктан туран, суунан-соттон, маанытык таҥнан баран, Айхаллаахха барда. Бадаарагын —  тыһыынчалаах кумааҕы харчыны  —  бэлэхтиир кэмбиэргэ уган илдьибитин аккырыыкканы кытта туттарда. Айхал алта-сэттэ чугас доҕотторо уонна биир оччо табаарыс кыргыттара ыҥырыллан  кэлбиттэр эбит.

Бастаан дьиэҕэ бырааһынньыктаатылар. Ас-үөл, суок, муорус, быырпах дэлэй. Айхал дьоно баар буолан, оҕолор чуумпутук олордулар, отур-ботур кэпсэттилэр.

Айхалга аҕата элбэх ускуорастаах, амортизатордаах, хараҥа халлаан күөх кырааската килэбэчийэ сылдьар бэлэсипиэт бэлэхтээтэ. Уола астынан, аҕатын ыбылы кууспалаата. Ийэтэ кинигэ биэрдэ. Историк буолар баҕалаах уолугар «История государства Российскаго» диэн, бэлэххэ анаан таһаарыллыбыт, 7 тыһыынча солкуобайдаах, почта дьааһыгын саҕа улаханнаах, үс киилэлээх, сиэдэрэй киэргэллээхтик оҥоһуллубут Карамзин фолианын туттарбытыгар, Айхал үөрэн, долгуйан хаалла, махтанан, ийэтин иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан ылла.

Киэһэ ыччаттар сүбэлэһэн, ас-үөл ылан, «бырааһынньыгы салгыы» Чохообулга бардылар.

Чохообул – бөһүөлэктэн чугас, кэрии тыа саҕатыттан икки сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ, ойуур иһигэр баар ырааһыйа. Ортотугар хаһан эрэ, ким эрэ туруорбут сэргэтэ, төһө даҕаны кубарыйа хаттар, көнөтүк дьороллон турар, ол сэргэ аттыгар икки титирик сэргэни куота үүнэн, күөх мутукчанан симэнэн тураллар. Сэргэттэн чугас кулуһун онно баар. Ону тула дьиэ акылаатын санатардыы, түөрт холлоҕос сытар. Уот оттон баран, бу кылгас бэрэбинэлэргэ кутаа тула олорон, дэриэбинэ ыччаттара суок эбэтэр пиибэ иһэллэрин, ону-маны «баллыгыраһалларын» сөбүлүүр миэстэлэрэ.

Бу ырааһыйа, оҕолор биирдэ эмэ таарыйан көрдөхтөрүнэ, куруук ып-ыраас буолара.

Чохообулу сарсыарда аайы эрдэ туран скаандилаан хаамар Настаайа уонна Өксүүнньэ диэн дьүөгэлиилэр кэлэ-бара ыраастыы сылдьалларын ыччаттар билбэттэр этэ. Настаайалаах күн аайы биирдии бакыат-суумкаҕа кураанах бытыылка, чиипса, баахыла хаатын хаалаан аҕалан, бөх кутар кэнтиэйинэргэ быраҕаллара.

Настаайа соторутааҕыта Нерюнгрига шахтердуур уолун сыбаайбатыгар барбыта. Оттон Өксүү сиэннэрин ыла куораттаабыта.

Чохообул икки күн ыраастамматаҕар, кулуһун оннун тула үс пиибэ бааҥкатын кытта лимонад бытыылката уонна табах хаата, «биһиги аҕай» дэспиттии, этикиэккэлэрэ дьэрэлиһэ сыталлар, онно-манна сигэриэтэ «бычуоктара» туртаһаллар.

Манна кэлэн, эрдэ болдьоспуттарын курдук, оҕолор пиибэ истилэр,  аһаатылар, оонньоотулар. Саамай оонньууну-көрү Синтия уонна Алгыстаана иилээтилэр-саҕалаатылар. Сарсыарданан, астына тусуопкалаан, көрүлээн, күүлэйдээн баран дьиэлээтилэр.

Арай, Куола дьиэтигэр кэлэн, суунан, чайдаан баран, хоһугар киирэн утуйаары сытта.  Сылайбыт эбит. Сытан эрэ, айпуонугар түһэрбит хаартыскаларын көрүөн баҕарда. Арай, төлөппүөнэ суох. Ыксаата.  Кубарыйбыт джиинса кууркатын уонна ыстаанын сиэптэригэр да, илдьэ сылдьыбыт спортивнай суумкатын иһигэр да суох. Утуктаабыта мэлис гынна, уута көтөн хаалла.

Хоһуттан тахсан, ийэтэ тиэргэҥҥэ куурусса аһата сылдьарыгар кэлэн, айпуона мэлийбитин кэпсээтэ, ытыах курдук мэрбэҥнээтэ. Ийэтэ Мичияна Петровна тута аҕаларыгар эрийдэ. Аҕалара Герасим Джулустанович сонно бөһүөлэктэн тахсар суол кытыытыгар турар шиномонтааһын богуончугун сабан, ыт баһын саҕа күлүүһүнэн хатаан баран, дьиэтигэр кыһыл «Паджеротынан» буору-быылы өрүкүтэн, элээрдэн кэллэ.

Дьиэ иһинэн-таһынан көрдөөн, айпуону булбатылар. Чохообулга бара сырыттылар. Оҕолор олорбут, оонньообут сирдэрин сирийэн көрдүлэр. Төлөппүөн көстүбэтэ.

Кэлэннэр, сүбэлэһэ түһэн баран, полицияҕа тиийэн сайабылыанньа суруйдулар. Турбут-олорбут опер уол – Александровтар күтүөттэрэ Платон Нахов — көрдүөх буолла.

Күннэр ааһан истилэр. Айпуон булуллубата. Киилкэ сыаналаах, дьонун дэлби хаайан ылларбыт суотабайа сүтэн, эргэ «самсуунун» ылан туттар буолла. Хайыай, саҥа симка ылан, урукку, кэриэйискэй аппараатын ноҕуруускалыыр буолла. Айпуонун аһыйан, куукуна плинтуһун одуулуу олорон, сотору-сотору дириҥник үөһэ тыынан ылар. Ол аайы ийэтэ уолун аһынан, хайыан да билбэт.

Биир сарсыарда Мичияна Петровна от күөх бейсболка, маҥан путбуолка, сырдык хоҥор өҥнөөх капри кэтэн, лааппыга килиэп ыла таҕыста. Сибиэһэй килиэп ылаары, уонча киһи уочараттаан, прилаабагы өйөөн тураллар эбит.  Атыылаһааччылар дьиэ эргиннээҕини, күн-дьыл туругун туһунан ээр-сэмээр кэпсэтэллэр. Атыыһыт Мааппа кыыс, мааска курдат мичээрдии-мичээрдии, аа-дьуо, дуоспуруннаахтык туттан-хаптан, кэтит самыыта ласпаҥнаан, аһы-үөлү ылан биэрэр, калькуляторга табыйан, суоттуу охсор. Харчынан төлөөбүттэргэ каассатыттан ордук бытархайдарын: «Ысдаачаҥ бу баар», — дии-дии ылан, прилаабакка турар маҥан бүлүүһэҕэ уурар. Сорохтор иэс суруйтаран ылаллар. Учууталлар, баспытааталлар каартанан аахсаллар.

Арай, Мичияна иһиттэҕинэ, уочарат ортотун диэки кыра уола Киилкэ сүтэрбит айпуонугар туруорбут ырыата иһилиннэ:

«Ты буди, буди, буди

На работу к девяти».

Сонно тута Биэдьимэ Биэрэ (Ведьма диэнтэн ааттаабыттара эбитэ дуу, Бэдьимэ диэн тылы уларытан этэллэрэ дуу, Мичияна билбэт эбит) диэн эдэр, отуччалаах кыыс-дьахтар сүгэн турбут үрүссээгин устан, ахсыс айпуону таһааран, күлэ-үөрэ кэпсэтэн барда. Киилкэ ийэтэ көрөн, уолун мобиилатын тута биллэ: кэннигэр Бузова наклейкатын сыһыарбыта ыраахтан кылбайан көстөр.

Мичияна: «Оҕом суотабайын бу Биэдьимэ уорбут эбит!» — дии санаата. Уордайан хаалла. Уохтаахтык хааман тиийэн, кэпсэтэ турар кыыстан айпуону туура тардан ылла. Биэрэ соһуйан, мах бэрдэрэн, эргиллэ биэрдэ.

— Көр да маны! Уолум баар-суох суотабайын эн ылбыт эбиккин дии! – Мичияна Петровна хаһыытаата.

— Туох буоллуҥ?! Мин тугу да ылбатаҕым! – Биэдьимэ Биэрэ «кытар» гына түһээт, бэйэтин көрүҥэр сөбө суох синньигэс, кыра оҕолуу чаҥкынас куолаһынан часкыйда, айпуону төттөрү ылаары уһун, кыһыл тыҥырахтаах тарбахтара сарбаҥнаата.

— Хайдах ылбатах буоллаҥый?! Киилкэм суотабайын билбэт үһүбүн дуо-а?! Уоран ыла-ыла! – Мичияна умайыктанна, айпуону куоттаран, кэннигэр тутта.

Куонааскы оҕонньор (олус кырдьаҕас буолбатах, 70-чалаах) сэҥийэтин туртайбыт бытыга сэпсиҥнээн дьахталлары буойан ньаамырҕаата. Уочаракка турар сэттис кылааһы тахсыбыт Соня Черноградская (дьүөгэлэрэ  Суофа дииллэр) суотабайын таһааран, дьахталлар этиһэллэрин устан барда. «Сүтүктээх, онон сүүс аньыылаах» Мичияна уонна уорууга уорбаламмыт Биэрэ онно эрэ кыһамматылар.

— Эн бастаан дакаастаа, уорбут диэн! –диэн сарылаата Биэдьимэ уонна уҥа тойон эрбэҕин, сөмүйэтин уонна орто тарбаҕын быыһынан быктаран, биллэр бэлиэни оҥорон буруйдааччытын сирэйигэр үҥүлүттэ.

Киилкэ Куола ийэтэ ону уорууга билинии курдук ылынна, айпуону капри ыстаанын кэлин хармааныгар хаалыы оҕуста уонна:

— Түөкүнү туттум! Полицияҕа эрийиҥ! – диэн хаһыытаат, уҥа ытыһын сутуруктуу туттан баран, далайа түһээт,  Биэрэни хаҥас кулгааҕыгар табардыы охсон кууһуннарда.

Биэдьимэ Биэрэҕэ бириэмэ тохтоон хаалбыт курдук буолла: Мичияна аа-дьуо далайан, кинини охсон эрэрэ рапид устууга курдук, бытааран хаалбыттыы көһүннэ: эттээх сутурук аа-дьуо кини сирэйин диэки көтөн кэллэ. Оччолооҕу көрөн туран, таба саайтарыа дуо, охсууну сылбырҕатык аһаран биэрдэ. Иванова сутуруга Биэрэ иэдэһиттэн 2-3 миллимиэтиринэн, тыалынан илгийэн ааһа көтөн, аттыларыгар турар, буойталыы сатаан айаҕа оҥоҥнуур Куонааскы диэдискэ үөһээҥҥи уоһугар тыастаахтык «харк» гына саайыллан тохтоото.

— Сиэ-ти-лэ-эр!!! Би-лээс-кээй!!! – оҕонньор биримээнэ кырасдааныскай оборуона сириэнэтинии улуйда, хаанынан силлээтэ: илин тииһин Мичияна ыар сутуруга туура биэрэн кэбиспит эбит.

Суофа «күнэ таҕыста»: видеотун сюжетыгар охсуһуу баар буолла! Кыыс астынан уҥа короссуопкатын тилэҕинэн муостаны тиҥилэхтээн ылла.

Кураанахха балыйтаран абаккарбыт, эбиитин охсуллубут (аһарбатаҕа буоллар, накдаан барыа эбит) Биэрэ кыйаханан, иһэ ыдьырыччы буста, бэйэтэ дэлби ыстаныахтыы кытаран хаалла уонна кырасдааҥка Уйбаныабаны, уҥа харытыттан хабан ылаат, умса тарта, сотоҕо тэптэ. Умса баран түспүт, түөрт атах буолбут Мичиянаны миинэн кэбистэ да, бейсболкатын кэнниттэн быкпыт хубуостугуттан ылан, илгиэлии-илгиэлии:

— Бардыбыт Изаҕа! Изаҕа бардыбыт! Мин кини кыыһыттан, Силикуон Синтияттан ылбытым! Атыыласпытым! – диэн үөгүлээтэ. Ол үөгүлээбитэ аһаҕас аанынан уулусса уҥуор дьиэлэр арыллыбыт пуортачыкаларынан субу турардыы иһиллэн, түннүктэр сабыылара хамсаатылар, куттаммыт, дьиктиргээбит, билиэн-көрүөн  баҕарбыт сирэйдэр былтаҥнаатылар.

— Бардыбыт, бардыбыт! – кыайтаран, утарсар кыаҕыттан тахсыбыт Мичияна, хайыай, сөбүлэһэн баргыытаата. Биэрэ өстөөҕүн сиһиттэн түстэ, Иванованы туруору тарта. Буугунуу-буугунуу Изабеллалаахха бардылар. Суофа  төлөппүөнүгэр уста-уста, батыһаары гыммытын «чоттоон» ыыттылар. Тииһэ туллубут Куонааскы, килиэбин ылан, айалаан-дьойолоон дьиэлээтэ.

Изабеллаҕа, начаалынай кылаас учууталыҥсатыгар, киирэн кыыһын Синтияны ыйыттылар. Мөтөгөр түөстээх кыыска Силикуон Сиинтийэ диэн аат кэбэҕэстик сыстыбыта эрээри, Синтия онно кыһаллыбат этэ:

— Кыыс барыта хайдах хаптаһын курдук хаптаҕай буолуой? Ити плоскайдар ордугурҕаан этэллэр, – диирэ, эбии мөтөччү туттара.

Утуйа сытар Синтияны ойутан туруордулар. Быһаарсыы буолла. Синтия айпуону булан ылбыт эбит. Онтон 7 тыһыынчаҕа Биэрэҕэ атыылаабыт.

— Хантан булбуккунуй? – саҥардыы уоскуйан эрэр Мичияна ыйытта.

— Айхал днюхатыгар сылдьан, Чохообултан… Киил… ээ, Коля халыачык этэ, түһэрэн кэбиспит этэ… — Синтия ботугураата, умса көрбүтүгэр олордуу кыламаннара ибирдээтилэр.

— Эс, ама?!  Тугу испиккитий? – уолун испэтинэн, «ЗОЖ-мальчигынан» ааҕар Мичияна Петровна соһуйан чачаппалдьыйа түстэ.

— Пиибэ испиппит, — кыыс сбигинэйдэ.

— Ити баар дии! – Биэдьимэ дэлби ыстанна, — уолуҥ итирэн баран сүтэрбит төлөппүөнүн! Эн өссө киһини уоруйахтыыгын! Саат-суут! Детсаад баспытаатала ааттааххын! Уолуҥ олох да алкогуолук эбит! Итирэ-итирэ айпуонунан тамнааттанар!

Биэрэ аны Силикуон Синтия ийэтигэр хайыста:

— Айпуону былдьаан ылла, Мичийээнэ! Сирэйбин быһа охсо сыста! Эн булугас-ылыгас, уорбутун атыылыыр кыыскыттан сылтаан, сэттэ тыһыынчабыттан матар буоллум! «Эргэ суотабайбын чэпчэкигэ атыылыыбын» диэбитин итэҕэйэн, наличкаҕа ылбытым! Дьэ, итиччэтигэр сууттаһарым буолуо! Учуутал ааттааххын! Кыыскын көрбөккүн! Стыд и срам!

Изабелла Ипатьевна мух-мах баран, остуолун ыскаатарын муннугун имитэ олордо. Кини үкчү Спрутс тойон («Билбэтчэй Ыйга тахсар» арамааҥҥа Генрих Вальк уруһуйа) курдуга, атына диэн ачыкылаах, каре кыргыылаах баттахтаах этэ.  Онтон ойон туран, хоһугар бэдьэҥнээтэ. Сотору буолаат, тыһыынчалааҕынан сэттэ күөх күпүүрэни тэлимнэтэн аҕалан, Биэдьимэҕэ уунна:

— Вера ыл, харчыны. Уонна онно-манна үҥсүмэ, бука диэн, — диэтэ титирэстээбит куолаһынан.

Кимтэн эрэ сүппүт айпуонтан сылтаан айдаан тахсыбытын истибит опер Платон Нахов киирэн кэллэ. Боротокуол толорон, ыйыталаһан барда. Кини дьиэҕэ туһааннаах дьон эрэ хааларыгар, туора дьон тахсалларыгар эттэ. «Туора дьон» дэппит ыаллара Ыстаппааннаах Маабыра таһырдьа таҕыстылар.

Ол кэмҥэ Биэрэ айпуону көрдөөн ылан, формааттаан, ыраастаан кэбистэ. Хаартыскалара, бассааба, инстата сотуллан хаалла. Онтон Наховка маннык быһаарда:

— Синтия Ноговицына суотабайы булан ылбыт. Онтон миэхэ биэрбитэ. Суох, атыылаабатаҕа, таах, көннөрү «сүтэрбит киһини буллаххына төннөрөөр» диэн туттарбыта. Ону мин, бу төлөппүөн хаһаайынын маамата көстүбүтүнэн, киниэхэ тиксэрэбин, — уонна Мичияна Петровнаҕа суотабайы уунна.

Иванова айпуону ылан угунна. Кини Биэрэ тоҕо итинник эппитин тута сэрэйдэ: Синтияны дьыалаҕа эриллэриттэн куоттараары гынар эбит. Онон айдаара сатаабата.

Быһаарыы суруктар ылыллан, боротокуол толоруллан, дьыала сабыллан, бары тарҕаһан бардылар. Изабелла Ипатьевна Биэрэни тохтотон, кистии-саба өссө үс тыһыынчаны куду аста. Кыыһын быыһаабытын иһин итинник «махтанна».

Ити күнү быһа бөһүөлэккэ айпуон айдаана ахтыллан, ырытыллан, ыал-ыал аайы нуомас буолан көттө. Төлөппүөнтэн төрүттэммит түрүлүөн бассаап сонуна буолан, видео доҕуһуолланан, бастаан улууска, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанна, тигээйи уйатын тоҕо тарпыттыы, айпуоннаах бассапыыс бары айманна. Суотабай суматуохатын туһунан Суофа инстатыгар кэпсээн кэбиһэн, аан дайдыга аатырда, папарацци ааттанна.

Онтон сотору төлөппүөн түрүлүөнэ умнуллан, атын сонуннарга үтүрүйтэрэн, ахтыллыбат буолла. Арай Куонааскы оҕонньор саныы сылдьара эбитэ дуу?..

Дьэ, итинник, аҕыстаах айпуонун Киилкэ Куола сүтэрэн кэбиһэн, биирдэ, араллаан тахсан турардаах.

Түмүкпэр: «Оҕоҕо сыаналаах гаджеты ылымаҥ, иллэҥ кэмин хонтуруоллааҥ», — диэн ытыктабыллаах ааҕааччыларбар этиэм этэ да, ону төрөппүт барыта билэр, кылаас чаас аайы учууталлар этэн-этэн кэллэхтэрэ.  Оҕолорго, ыччакка: «Доруобуйаҕытын харыстааҥ, пиибэни иһимэҥ, итиримэҥ, сыаналаах малгытын кичэллээхтик тутуҥ, сүтэримэҥ», — диэх этим да, истиэхтэрэ дуо?

Максим Ксенофонтов

Уруһуй ru.freepik.com ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0