Ис дьыала уорганнара суотабай төлөпүөнүнэн отоойкоҕо олордор түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбэт туһугар тугу гыныллыахтааҕын куруук сэрэтэллэр. Биһиги хаһыаппыт эмиэ. Ол эрэн, дьон син биир түбэһэ турар. Ордук — саастаах өттө.
Ол курдук, Нерюнгри куоракка 80 саастаах эмээхсин түөкүҥҥэ итэҕэйэн, 120 тыһ. солк. уурунуулааҕыттан ытыһын соттон кэбистэ.
Киниэхэ сарсыарда 11.00 чаас саҕана дьиэтээҕи төлөпүөнүгэр биир киһи эрийэн, быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһитэ буоларын, эмээхсин уола буруйу оҥорон тутуллубутун туһунан эппит. Уонна “уолуҥ хаайыыга түбэһиэн баҕарбат буоллаххына, дьиэҕэр баар харчыгын барытын хомуйа охсон, эйиэхэ тиийэр киһиэхэ биэрээр” диэбит.
Эмээхсин эрэйдээх иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, эрийбит киһи тугу эппитин барытын толорбут – туох баар харчытын мунньан, полиэтиленовай бакыакка уган, кини аадырыһыгар кэлбит киһиэхэ таһааран биэрбит.
Чочумча буолан баран, уолугар эрийэн, харчыны тиэрдибиттэрин-суоҕун ыйыппыт. Уола дьиэтигэр баарын, туох да буруйу оҥорботоҕун, этэҥҥэтин эппитигэр, эмээхсин түөкүттэр сиэртибэлэрэ буолбутун, дьэ, өйдөөн, полицияҕа тыллаабыт.
Оттон Алдаҥҥа 27 саастаах киһи 16 тыһ. солк. тахса харчытыттан матта. Кини массыына саппаас чаастарын аҕалан биэрэллэрин туһунан биллэриини көрөн, онно ыйыллыбыт төлөпүөн нүөмэринэн сибээстэһэн, бэйэтин массыынатыгар хас да саппаас чааһы сакаастаабыт. Ватсап нөҥүө ол киһи пааспарын уонна баан каартатын хаартыскаларын ыыппытыгар, эдэр киһи харчытын барытын төлөөбүт. Хас да күн ааспытын кэнниттэн сакааһы аҕалыахтаах киһи төлөпүөҥҥэ эппиэттээбэт буолбутугар, эмсэҕэлээччи кинини албыннаабыттарын өйдөөн, полицияҕа тыллаабыт.
Тугу билиэхтээххиний?
- Өскөтүн ким эрэ итинник эрийэн дуу, смс-иһитиннэрии ыытан дуу, чугас киһиҥ дьыалаҕа түбэспитин, ол онтон быыһыырга харчы наадатын туһунан эттэҕинэ: бастатан туран, ол чугас киһигэр эрийэн, кини ханна баарын билиэхтээххин. Өскөтүн төлөпүөнүн ылбат буоллаҕына, ол эрийбит киһиттэн аймаҕын полиция ханнык отделыгар илдьибиттэрин ыйытан баран, ол отдел дьуһуурунай чааһыгар эрийэн, оннук ааттаах киһини итиннэ аҕалбыттарын-суоҕун, ким ол дьыаланан дьарыктанарын бил. Ону тэҥэ, чугас киһиҥ ханна баарын билиэн сөптөөх дьоҥҥо (доҕотторугар, аймахтаргытыгар, бииргэ үлэлиир дьонугар) эрийэн, эмиэ ыйыталас.
- Өскөтүн суотабай төлөпүөҥҥэр “бу счекка харчыта ыыт” диэн билэр киһиҥ аатыттан смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ, ол нүөмэргэ эрийимэ, эрийдиҥ эрэ счеккуттан харчыгын устуохтара. Итинник смс-иһитиннэриилэр үксүгэр атын регионнартан кэлэллэринэн, нүөмэр кодун болҕойон көр.
- Өскөтүн ханнык эрэ радиостанцияттан бириис сүүйбүтүҥ, ону кэлэн ыларыҥ туһунан иһитиннэрии кэллэҕинэ, бастаан ол радиостанцияҕа эрийэн ыйыталас, тугун-ханныгын бил. Ханнык да радиостанция лотерея оонньоторугар харчы көрдөөбөт.
- Өскөтүн төлөпүөҥҥэр эн нүөмэргин спам-тарҕатыыттан көмүскүүр эбэтэр суотабай оператор ыытар акциятыгар кытын диэн этиилээх смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ, итэҕэйимэ – ыйбыт ссылкаларын баттаан, ити “босхо” көмө иһин 100-150 солк. сүтэриэҥ, оттон спам-тарҕатыы син биир кэлэ туруо.
- Өскөтүн “суотабай оператортан эрийэбит, счеккун толороргор бааныҥ каартатын пин-кода наада” диэтэхтэринэ, олох итэҕэйимэ, киирэн биэримэ!
Сэрэххитин сүтэримэҥ, болҕомтолоох буолуҥ! Итинниккэ түбэстэххитинэ, полицияҕа тыллааҥ!
Вера МАКАРОВА.