Төлөпүөн түөкүннэриттэн сэрэхтээх буолуҥ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр полицияҕа Саха сирин үс олохтооҕо түөкүннэр угаайыларыгар киирэн биэрдибит диэн үҥсүүнү суруйда. Төлөпүөнүнэн албыннаан бу дьонтон барыта 2 800 000 солкуобайтан тахса үбү хара санаалаахтар суйдаабыттар. Харчыларын албыннаппыт дьон бары үөрэхтээх, эдэр уонна орто саастаах гражданнар буолаллар.

950 тыһыынчаны миэбэл оҥорор тэрилтэ суоппара былдьаппыт. Кини олунньу ыйтан саҕалаан “инвестициялар нөҥүө харчылаһа сатаабыт”. Уһун кэм түөкүттэри кытта алтыһан баран бэҕэһээ эрэ полицияҕа тыллыы кэлбит.

Киниэхэ холоотоххо, майгынныр балаһыанньаттан Мииринэй куорат олохтооҕо, аэронавигация инженера арыый удамыр ночооттоох тахсыбыт. Ол эрэн кини суйдаппыт 105 тыһыынча солкуобайа да, бэрт улахан үп буоллаҕа.

Ордук улахан сууманы — 1 800 000 солкуобайы массыанньыктар Томпо оройуонугар олорор суоппартан мэҥиэлээн ылбыттар. Бу киһи интэриниэт нөҥүө массыына атыылаһа сатаабыт.

Маны кытта биир түгэн этэҥҥэ түмүктэммитэ биллэр. 50 саастаах үрдүк үөрэх кыһатын үлэһитэ «ВТБ» баан үлэһитэ диэн ааттаммыт түөкүн угаайытыгар киирэн биэрэ сыспыт. Туох баар модьуйууларын толорон баран, саамай бүтэһик түгэҥҥэ төрөппүт уолугар эрийэн сүбэлэспит, онуохаҕа уол “сип-сибилигин туох баар кэпсэтиилэри тохтот, төлөпүөҥҥүн араар!” диэн сүбэлээбит. Массыанньыктар мэһэйэ суох “үлэлэрин” ситэрбиттэрэ эбитэ буоллар, 3 200 000 солкуобай бу ыалтан куотуохтаах эбит.

Үп эйгэтигэр кыра да сарбахтааһын баар буоллаҕына, чугас дьону кытта сүбэлэспит хаһан даҕаны ордук хос буолбат. Түөкүттэргэ киирэн биэримэҥ, сэрэхтээх буолуҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0