Төлөйдөр Улуу Өктөөбүнэн кырдьаҕастарыгар муус тиэйдилэр

Ааптар: 
05.11.2017
Бөлөххө киир:

Улуу Өктөөп  100 сылын үгүс сиргэ көр-нар курдук ыытан бэлиэтиир эбит буоллахтарына, Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгэр кырдьаҕастарыгар тугунан да кэмнэммэт бэлэҕи оҥордулар.

 edersaas.ru

Бу туһунан сонун батсаап үгүс бөлөҕүн тилийэ көттө. Ол курдук,  «Чараҥ» түөлбэ эр дьоно «Улуу Өктөөп 100 сыла» диэн былакааты тыраахтардарын бирисиэбигэр ыйаан баран, кырдьаҕастарыгар муус аҕалан түҥэтэн, соһуппуттар да, үөрдүбүттэр да.

Ити курдук, үтүө дьыаланан үбүлүөйдэри бэлиэтээһин үгэскэ кубулуйдар ханнык!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — батсаап ситимиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0