Төлөбүрдэр уонна босуобуйалар кулун утар 26 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри хаттаан регистрацияны ааһыахтаах дьоҥҥо докумуоннары түһэриитэ суох быһалыы уһатыллыахтара, диэн Саха сирин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
edersaas.ru
Быһалыы (автоматически) маннык өҥөлөр уһууллар:
— оҕоҕо ыйдааҕы босуобуйа;
— бастакы оҕоҕо ыйдааҕы харчынан төлөбүр;
— үһүс уонна ол кэнниттэн төрөөбүт оҕолорго ыйдааҕы харчынан төлөбүр;
— устудьуоннарга социальнай истипиэндьийэ;
— СӨ федеральнай регистрыгар турар сорох гражданнарга дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө ыйдааҕы харчынан төлөбүрэ.
Үрдүк бэлэмнээх буолуу кэмэ бүтүөр диэри социальнай өйөбүлгэ саҥа анааһыннар e-yakutia портал нөҥүө бэриллибит докумуоннар скан-образтарыгар олоҕуран оригиналы эбэтэр докумуоннар бигэргэммит куопуйаларын бэрэбиэркэлээһинэ суох ыытыллаллар.
Оригиналлары уонна докумуоннар бигэргэммит куопуйаларын бэрэбиэркэлээһин өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ тохтотуллубут күнүттэн 1 ыйы аһарбакка эрэ оҥоһуллуохтара.
Социальнай өйөбүл миэрэлэрин биэрии сибиэркэни ааспатах дьоҥҥо тохтотуллуоҕа. ⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀
Сиһилии иһитиннэриини ⠀@mintrud_yakutia страницатыгар, ону тэҥэ социальнай көмүскэл управлениетын ыйытар сириттэн 8 (4112) 31-95-10 чопчулаһыҥ. ⠀⠀⠀⠀ ⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀
@mdsakha
Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат.
Хаартыска: интэриниэттэн