Үтүө киһи кэнниттэн үйэлэргэ хаалардаах

Ааптар: 
02.06.2021
Бөлөххө киир:

       И.Н.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин үлэһиттэрэ уонна түмэл доҕотторо буолан, ыам ыйын 29 күнүгэр, Чөппөҥөө диэн нэһилиэктэн көстөн ордук тэйиччи сытар сиргэ эспэдииссийэҕэ баран кэллэ.

Харбалаах нэһилиэгэ Сэбиэскэй кэмҥэ Барахов аатынан сопхуос биир быр-бааччы олохтоох, бэрт көнө, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үчүгэй үлэһиттэрдээх отделениетынан биллэрэ. Онно Анастасия Николаевна  уонна Ефим Данилович Васильевтар диэн  аҕыс оҕону төрөтөн атахтарыгар туруорбут, дьон-сэргэ убаастыыр, нэһилиэк сис ыала олороро. Ыал ийэтэ, дьон-сэргэ ааттыырынан, Настааччыйа, сэрии иннинэ аҕай ийэлээх аҕата өлөннөр, ыал устун барбыт хас да бииргэ төрөөбүттэр этэ. Онон тулааайах хаалыы сорун-муҥун билбит, эрэйи эҥэринэн тэлбит кыысчаан туох да үлэттэн толлубатаҕа, туора турбатаҕа. Олох эдэриттэн холкуос, сопхуос пиэримэлэрин ыанньыксыта. Бэтилиэккэ былаанын аһара толороро. Сыралаах үлэтэ сыаналанан  «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыта.

Оттон Ефим Данилович — Дьэкиим, Бүлүү Хампатыгар төрөөбүт. Аҕата Кылгас Дайыла, уҥуоҕунан балтараа да миэтэрэҕэ тиийбэтин иһин сэриигэ ыыппатах киһилэрэ эбит. Сэрии сылларыгар Чыбыыдаҕа көмүс сууйуутугар уолун Дьэкиими батыһыннара сылдьара үһү. Хоргуйан быстарыы буолбутугар уолун: «Бу суолтан туораайаҕын, арҕаа Үөһээ Бүлүү диэкини тутус, бурдуктаах сири. Биир эмэ ыалы булларгын», — диэхтээбитэ үһү. Инньэ гынан уончатын эрэ ааспыт Дьэкиим Харбалааҕы булар. Үлээкээр диэн улахан эбэҕэ олохтоох Оруоһун диэн оҕонньорго тиийэр. Хоргуйан уҥуохтаах тириитэ хаалбыт оҕону оҕонньор: «Өллө хап, сэниэтэ киллэрин», — диэн уонча хонук эбэтин эмис соботунан аһатан бэттэх аҕалбыт. Ол оҕонньор ыйан, Чөҥкөҕө Уйбаныап Дэпсэйдээххэ кэлбит. Биир таас бурдугу биэрбиттэр: «Маны тартаххына хонноруохпут», — диэбиттэр. Сытыы баҕайы, үлэһит, тугу тутар да сатанан иһэр киһитэ буолан, ыаллар үлэлэтэн айаҕар аһыыр эбит. Настааччыйалыын икки тулаайах холбоһон ыал буолбуттар. Дьэкиим тыаһыттаабыт, таба да көрөрө, сылгыһыт да буолбут. Хотуу үлэһит киһи тугу да үлэлээбитин иһин хайҕалга сылдьара. Аны улахан түннүктэрдээх, киэҥ баҕайы дьиэ туттан кэбиспиттэрэ. Оҕолоро бэйэлэрин батан үлэһит бэртээхэйдэрэ буолбуттара. Улахан уолаттар механизатор этилэр. Дьэкиим ыал буолбут быраатыгар, оҕолоругар дьиэ тутаттаан биэртэ. Кэлин тыраахтар да, көлө да сыарҕатын оҥоруутунан дьарыктанара. Биллэринэн, икки сиргэ кини сыарҕа оҥорор тэриллэрэ хаалбыттар. Биир Мундуҥдаҕа, биир Чөппөҥөөххө.

Дьэ, ол Чөппөҥөөххө хаалбыт тэрилэ олоччу баарын, сэнэх соҕуһун сааһыттыыр дьон кэлэ-бара көрөллөрүн истэн кыра уолуттан Василий Ефимовичтан ыйыталаһан, сураһан, сирдьит булунан, музей үлэһиттэрэ аҕалан түмэлгэ  уурар наадалааҕынан ааҕан айаҥҥа туруммуппут.

Күн-дьыл да үчүгэйэ, от-мас көҕөрөн киһи эрэ айылҕаҕа хаамтар хаамыах курдуга. Сир ирэн суол куһаҕана биллэр буоллаҕа, онон аарааҥҥа диэри тыраахтарынан айаннаан, үксүн сатыылаан, бэлиэ быраҕыллыбытынан сирдэтэн чопчу булан ылан үөрүү-көтүү биһиэхэ буолла!

Тэрилбит кыратык эмэҕирбиттээх, ол-бу ытаһалара эҥин барыта баар. Сиртэн хоҥнорон, анныгар мас угаттаан, сиртэн өндөттүбүт. Аны күһүн сир тоҥноҕуна кэлэн дэбигис, тугун да хоҥноро сатаан алдьаппат курдук бэлэмнээтибит.

Онон түмэлбитигэр нэһилиэкпит устуоруйатын кэрэһилиир, саха ууһун, мындырын көрдөрөр өссө биир ураты экспонат буолар малы буллубут.

Түгэнинэн туһанан, музей үлэтигэр, сайдыытыгар көмө, тирэх буола сылдьар дьоммутугар, доҕотторбутугар  Сутуруканов Георгий Дмитриевичка, Васильев Василий Ефимовичка, Егоров Дьулустан Даниловичка, Платонов Валерий Константиновичка махталбытын тириэрдэбит!

Светлана Копыленко, түмэл салайааччыта.

Харбалаах,  Үөһээ Бүлүү

Хаартыскаларга Сайыына Васильева, Евдокия Семенова түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0