Түөкүттэргэ сааһыттан, үөрэҕиттэн тутулуга суох ким баҕарар түбэһиэн сөп
Ааспыт 2018 сыл түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр суотабай төлөпүөн нөҥүө оҥоһуллар буруй ахсаана үксээбит — 390 буруйтан 470 буруйга диэри, ол эбэтэр 21%-нан. Оттон Чурапчыга итинник оҥоһуллар буруйдар ахсааннара 11-тэн 8-ка диэри түспүт эрээри, син биир таһыма үрдээн турар.
Мобильнай түөкүннээһиҥҥэ биитэр баан счетуттан уорууга дьон араас ньыманы туттар. Олортон саамай тэнийбит ньыманан түөкүттэр эмсэҕэлээччи төлөпүөнүгэр баан, пенсионнай битэр атын тэрилтэ үлэһитин аатыттан эрийэллэрэ буолар. Кэпсэтии кэмигэр киһини эрэ итэҕэтиэх куолаһынан баан каартатын дааннайдарын ыйыталлар, көрдүүллэр. Ону эмсэҕэлээччилэр бэйэлэрэ барытын этэн биэрэллэр.
Ону тэҥэ, элбэх буруй интэриниэт-маҕаһыын нөҥүө оҥоһуллар. Бастаан «харчыгын төлөөтөххүнэ, сакааскын ыытыам» диэн баран ыыппаттар, ол кэннэ сибээскэ тахсыбаттар. Ол курдук, «тотализаторга ставка туруораҕын» эҥин диэн баран, «ставкаҥ умайда» диэн биллэрэллэр, биитэр отой да тугу да биллэрбэттэр.
Итинник түөкүттэргэ эдэр да, кырдьаҕас да, үөрэхтээх да, үөрэҕэ да суох дьон түбэһэр. Үксүн кырдьаҕас дьон түбэһэр диэн дьоҥҥо сыыһа өйдөбүл баар. Холобура, былырыын Чурапчыга итинник буруйга биир оскуола дириэктэрин солбуйааччыта түбэспитэ. Онно түөкүттэр «эн медицинскэй өҥөнөн барытынан туһамматаххар страховой хампаанньа сорох харчыгын төннөрөр» диэн албыннааннар, харчытын түөкүннээн ылбыттар.
Итинник мобильнай түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбэт буолуу — дьиҥинэн, бэрт судургу:
Бастатан туран, хаһан да пин-коду уонна карта кэннигэр суруллар CVV кодун кимиэхэ да этимэххэ наада, төлөпүөнүнэн кэпсэтэр киһи туох да диэтин.
Иккиһинэн, суотабай төлөпүөн нөҥүө кирэдьиит дуу, босуобуйа дуу, субсидия дуу хайдах да бэриллибэтин билиэххэ наада. Итинник өҥөлөрү ханнык баҕарар тэрилтэ илэ бэйэҕинэн кэлэн олордоххуна оҥорор.
Үсүһүнэн, интэриниэт нөҥүө атыылаһаргын сөбүлүүр буоллаххына кимиэхэ, ханнык сайтка харчы ыытаргын, аадырыһын, табаар сыанатын (чэпчэкитик үксүн түөкүттэр “атыылыыллар”) уонна да атынын булгуччу болҕойон көрүөххүн наада. Ону тэҥэ, киһи хамнаһа түһэр каартатынан буолбакка, интэриниэккэ оҥоһуллар расчеттары өссө биир туспа итиннэ анаан арыллыбыт каартанан туттар табыгастаах, оччоҕо түөкүттэр харчыны уордахтарына даҕаны, ити иккис каартаҕа баар суумматтан өрө барар кыахтара суох буолар.
Мобильнай төлөпүөн нөҥүө оҥоһуллар буруйдар былырыыҥҥааҥҥа диэри үксүн түөкүннээһин быһыытынан квалификацияланаллар этэ, ол эбэтэр РФ Холуобунай кодексатын 159-с биитэр 159.6-с ыстатыйаларынан. Онтон 2018 сыл муус устар 5 күнүттэн Холуобунай кодексаҕа уларыйыы киирэн, 158-с ыстатыйа (уоруу) 3-с чааһыгар эбии “г” пуун киирбитэ, ол эбэтэр, баан счетуттан уоруу.
Ити ыстатыйа урукку түөкүннээһин ыстатыйатыттан уратыта диэн —— накаастабыла 5 сылтан 6 сылга диэри болдьоххо көҥүлүн быһыыга улааппыт, ол эбэтэр, орто буруйдар ахсааннарыттан ыарахан буруйдар ахсааннарыгар киирбит.
Ыарахан буруйдар атын чэпчэки уонна орто буруйдардан сүрүн уратылара диэн — кинилэр эмсэҕэлээччини кытары эйэлэһии, дьиҥ-чахчы кэмсинии бэрээдэгинэн, биитэр атыннык тохтуур-уурайар кыахтара суох. Буруйдаах булулуннаҕына, булгуччу бириигэбэрдэнэр.
Итинтэн сиэттэрэн, киһи эмсэҕэлээччи эрэ буолбакка, этэргэ дылы, “алҕас” буруйданааччы да буолан хаалыан сөп. Холобура, саҥа сим-каарта атыыласпыт киһи төлөпүөнүнэн тутта сылдьан, “Сбербаан” мобильнай бааныгар ити нүөмэр урукку хаһаайына холботторон баран араарбатаҕын булар: киниэхэ “900” нүөмэртэн бачча харчы уһулунна-хаалла диэн смс-иһитиннэрии кэлэр.
Онуоха ити киһи быстах санааҕа ылларан, харчыны бэйэтигэр уһуллаҕына (ыыттаҕына) кини дьайыытыгар РФ Холуобунай кодексатын 158 ыст. 3 чааһын “г” пуунун чинчилэрэ баар буолаллар, ол эбэтэр, баан счетуттан туора киһи харчытын апчарыйыы. Ити буруй аны ыарахан буруйдарга киирбит буолан, харчыны сонно төннөрдөххө даҕаны, дьыала сабыллыбат, бириигэбэр тахсар.
Өскөтүн ким эмит харчыта мобильнай түөкүннээһин өттүнэн биитэр уоруу өттүнэн апчарыллыбыт түгэнигэр, бастатан туран, баан каартатын блокировкалыахха наадалаах. Ол кэннэ полицияҕа биллэриллэр.
Маныаха полиция үлэтин чэпчэтэр туһуттан, ити иннинэ биитэр кэнниттэн эмсэҕэлээччи баан счетун биитэр мобильнай төлөпүөн счетун хамсааһынын бэйэтэ ылара табыгастаах, тоҕо диэтэр, полиция ирдэбил-суругар бааннар, мобильнай оператордар биир ый кэриҥэ эппиэти күүттэрэллэр.
Иван Ядреев, Чурапчы улууһун борокуруора, юстиция сүбэһитэ.
Хаартыска: интэриниэттэн.